Уйгур. Сайа Михалева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Уйгур - Сайа Михалева страница 11
Иэйэ аҕата аҕыйах хонон хаалла. Кыыс үөрэхпин тохтотобун диэбитин эһэтэ оҕонньор: «Син биир саах күрдьүөх эрээри бачча уһуннук үөрэммитиҥ дуо, баран үөрэххин бүтэр, хамыһаар буоларгын көрөн баран өлүөм этэ», – диэн сэттис кылааһы ситэрэригэр модьуйбут. Ити икки ардыгар маҥнайгы хаар кыыдамнаан түстэ, өрүс турара субу кэллэ. Суолу баттаһа суһал соруктаах, хас да буоламмыт, эмиэ Бэс Күөллээри хомуннубут. Иэйэ биһигини кытта барсар буолла. Хонтуораттан хоҥнорбутугар мин аппын туора тутан, санаабар кинини кэтэһэн турдум.
Кими кэтэһэрим таспар көстө сылдьара дуу:
– Иэйэ, Уйбааҥҥа олор! – диэн абыраллаах соруйуу иһилиннэ.
Ити айантан ыла кини биһикки чугаһаспыппыт. Бэс Күөлүгэр уонна Түбэйгэ хаста да кистээн көрсөн, санаабытын суругунан билсэн, таптал иэйиитин испитигэр иитиэхтээн Иэйэ оскуолатын бүтэрэригэр тиийбиппит.
Холкуоспут мунньахтарын моргуоругар бу кэмҥэ саҥа, дьулаан дорҕооннор холбоспуттара. «Тороскуустар» эҥин диэн биһиги түһээн баттаппатах өстөөхтөрбүт үөдүйэннэр, кистэнэ сылдьан дойдуну, сэбиэскэй былааһы куорҕаллаан сиэбиттэрэ ырааппытын туһунан уордаах кэпсээннэри ыырдыбыт оройуон дьоно кэлэллэрэ-бараллара элбээбитэ. Аны соторутааҕыта аҕай уруйдаабыт-айхаллаабыт салайааччыларбыт, суруйааччыларбыт «норуот өстөөхтөрө» буолан хаалбыттара. Ыгыатта биир холкуоһун дьоно төрүт-уус «ойуун ууһа» буолалларынан «Ойуунускай» диэн холкуоһу тэринэн олорбуттарын «Кыһыл ыллык» диэн аакка уларыттарбыттара. «Биһиги Ойуунускай аатынан буолбатах, ойуун ууһа буоларбытынан…» – диэн этэн көрбүттэрин саҥардыбатахтар үһү. Ол курдук ыраахтан кэлэр дьикти, киһи өйүгэр баппат сураҕы-садьыгы сүкпүтүнэн үүнэр күннэр-дьыллар уолута-соһута үтүрүһэн ааһан испиттэрэ. Дьон-сэргэ холкуос үлэҕэ былаанын аһара толорор туһугар уонна сэмэҕэ-суҥхаҕа түбэһимээри, утуйар ууларын умнан туран, үрдүк күүрээннээхтик үлэлииллэрэ. Оройуон салалтатыттан кэлэн араатардыыр дьону үтүктэн, сорохтор остуолу сутурҕалыы-сутурҕалыы сурах хоту этэри-тыынары да сатыыр буолбуттара, сорохтор хомуньуус баартыйа өстөөхтөрүн сибилигин да ылгыы барарга бэлэм буола сэргэхсийбиттэрэ, кэтиир-маныыр киэптэммиттэрэ, сорохтор төбөлөрүн ньыкытан, тоҕо эрэ, туохтан эрэ мэлдьи куттана сылдьар майгыламмыттара.
Оччотооҕу олох тигинэччи оттуллубут көмүлүөк уота күүдэпчилэнэ умайарын, үөлэһинэн кыһыл кыыма эрчимнээхтик ыһылла турарын санатара. Ол курдук күүстээх үлэ, холбоһуктааһын көҕө тыа сирин ньир-бааччы олоҕун уларыппыта, көрдөөх, күүрээннээх оҥорбута. Оҕо көрөр кырдьаҕастара суох ыаллар кыра оҕолорун атах-балай барбатын диэн, уһун быанан остуол атаҕар дуу, балаҕан баҕанатыгар дуу агдатыттан баайан баран үлэлэригэр бараллара. Төрөппүттэрэ төннөллөрүгэр оҕо, быата ыытар сиринэн сылдьа сатаан, ытаан-ытаан баран, сэниэтэ эстэн утуйан хаалбыт буолара үһү. Ону кэлэн быатыттан босхолуулларын туох эрэ көрүдьүөс курдук күлэ-күлэ