Бүтэһик ботуруон. Май Емельянов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Бүтэһик ботуруон - Май Емельянов страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Бүтэһик ботуруон - Май Емельянов

Скачать книгу

өрө сүүрэн тахсыбат. Хайдах буоллаҕай диэн тохтотон мотуорун онтун-мантын көрдө, собуоттаан тыаһын иһиллээтэ да, син биир кыаммат курдук. Ол икки ардыгар суорба таас хайа аннынан, үрэх синньиир сүүрүктээх баҕайы сиригэр тиийэн кэллэ. Манна мууһа хойунна. Таас хайа аннынан үс биэрэстэ курдук сири олох чааһы быһа сордонон, үрэх кэҥиир сиригэр дьэ тахсан, арыый да уоскуйда. Тиийиэхтээх сиригэр үс чааһы быһа айаннаан, син сырдыкка тиийдэ. Кытыыга тиксэн баран, оҥочотун биэрэккэ соһо сатаан кыайбата. Таһаҕаһын барытын сүөкээтэ, мотуору устан үүтээҥҥэ таһаарда. Уонна дьэ кыайар инибин диэн эмиэ сосуһан көрдө да, кыайбата. Маһынан төһүүлээн син ууттан биэс-алта миэтэрэ эриһэн туран таһаарда. Хата уһун быалаах буолан, улахан сыгынахха баайда.

      Ити тиниктэһэ сылдьан оҥочотун аннын дьэ өҥөйөн көрдө. Онто баара, куорпуһун анна бүтүннүү түөрт илии курдук халыҥнаах муус болгуо буолан сылдьар эбит. Ол иһин да мотуора кыаммат буолан хаалбыт эбит. Өссө Чабдаҕа хоммута буоллар, кэлэрэ да саарбах эбит. Хайдах саҕалыаҥ да, оннук бүтэриэҥ дииллэр. Кини саҕалаатаҕа эрэ дии, ити бастакы моһоло этэ.

      Үүтээҥҥэ хонон баран, сарсыныгар киһитэ эрбээбит саһаанын көрдөөн булбата, сымыйалаабыт эбит дии санаата. Ол иһин да биэрэктэн анньынарыгар куорпус иһигэр Куола тутааҕа суох илии эрбиитин быраҕан биэрбит. Бэйэтэ бөһүөлэккэ киирбитин кэннэ өрүс туран, мууска хаайтаран хаалбыт этэ. Бөртөлүөтү кэтэһэн көрбүт да, мэлийбит. Онон Балыарка 40-ча хонукка соҕотоҕун эһэ-бөрө дойдутугар, уокка оттор бэлэм маһа суох күһээн турар. Оттор бэлэм маһа суоҕун, киһитэ кэмигэр кэлбэтэҕин кини моһолунан аахсыбат.

      Иккис моһолго хаар түһэн үллүктүү турдаҕына Улахан Хомустаахха балыктыы сылдьан түбэстэ. Сарсыардаттан икки сааны туора-маары сүгэн, илим көрө барда. Аара бочугурас үөрүгэр түбэһэн, тоҕус бочугураһы хаалларда. Син бултуйбут киһи курдук сананан, илимниир сиригэр барда. Улахан Хомустаах диэн аҕыс-тоҕус биэрэстэ усталаах суорба таас хайа анныгар сытар сүүнэ улахан күөл. Былыргыта боротуока эбитэ буолуо. Күөлгэ тиийиэх иннинэ биир кыракый тээргээн устун бараҕын. Күөлгэ киирэргэр талах быыстаах хатыҥ чараҥ курдук дүбдүр сири туоруугун. Онно илимнээбитэ хаһыс да күнэ. Күөл аллараа атаҕа тумус тыаны өрө эргийэр. Ол диэки көрбүтэ, кытыыттан 50-ча миэтэрэ үөскэ хатыҥ охтубутун курдук арбай сытар. Хаар үрдүгэр түһэн тугун-ханныгын чуолкай быһаарбакка, хас да күн кыһаллыбакка сырытта. Тумус аттынан күөл устун ыраахха диэри барар.

      Дьэ ол бочугурастаан эҥин тиритэн-хорутан иһэн күөлү талахтар быыстарынан өҥөйөн көрдө. Хаар намылыччы түһэ турар, сылаас бөҕөтө. Били арбайын диэки көрбүтэ, доҕоор, күөл ортотугар күтүр улахан бөрө тугу эрэ тардыалаһан сии ахан турар эбит! Соһуйан өлө сыста, санаатыгар, көннөрү убаһа саҕа. «Оо, бириэмийэ бэйэтинэн кэлэн биэрбит» дии санаата да, сээкэйин турар сиригэр быраҕаат, сабыс-саҥа СКС харабыынын туппутунан, бэрт тиэтэлинэн күөл кытыытыгар баар оҥойго киирдэ. Бөрө олох билбэт, тиниктээбитин курдук тиниктэһэ турда. Саатын сыалын 200 миэтэрэҕэ туруоран баран,

Скачать книгу