Бүтэһик ботуруон. Май Емельянов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Бүтэһик ботуруон - Май Емельянов страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Бүтэһик ботуруон - Май Емельянов

Скачать книгу

туораан сылайан, утатан кэлэллэр эбит. Хайалар тэллэхтэриттэн, хаартаҕа көрдөххө, Үөһээ Дьааҥы алыыта саҕаланар эбит. Ити курдук хас да күн астына кустаан, аймахтары кытта билсэн, саҥа сиргэ бэркэ сынньаммытым.

      Күөх Боллох дьүүлэ

      И.Ф. Тартыев биһикки үлэлиир кэммитигэр ахсааммытынан адьас аҕыйах этибит. Онон, баарбытын биллэрэн, мэлдьи пуормалаах сылдьарбыт. Эйиэнэ-миэнэ диэн араарсыбакка, уоруу, охсуһуу, быһылаан таҕыстаҕына бары тутуспутунан сылдьарбыт. Ол иһин нэһилиэнньэ күөх пуормалаах баһаарынайы милииссийэнэн ааҕара. Иван Федорович үлэһитэ бэрт буолан, дьоҥҥо убаастанара, ханнык да милииссийэ үлэтиттэн иҥнэн-толлон турбата. Биир кини кыттыылаах түгэни ахтан-санаан ааһарга сананным.

      Мин үөрэхпин бүтэрэн, Алексеевскай оройуонугар (Таатта улууһа) судаарыстыбаннай баһаарынай иниспиэктэринэн ананан үлэбин саҕалаабытым. 1981 сыллаахха күһүҥҥү муҥха саҕана Дэбдиргэнэн, Туора Күөлүнэн командировкаҕа барбытым. Сыалым-соругум биллэр, тыа хаһаайыстыбатын объектарын уонна тэрилтэлэр баһаарынай туруктарын бэрэбиэркэлээһин уонна түүҥҥү харабылларга, хачыгаардарга инструктаж ыытыы.

      Туора Күөлгэ субуота күн дьыалабын үмүрүтэн, Ытык Күөлгэ бараары сэбиэт хонтуоратыгар массыына кэтэһэ сырыттым. Эмискэ сэбиэт бэрэссэдээтэлэ И.В. Туласынов, оройуон военкома М.М. Семенов, гражданскай оборуона начаанньыга В.А. Петров буолан сэбиэт үлэлиир хоһугар баар буола түстүлэр. Сирэйдэрэ-харахтара турбута сүрдээх!

      Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Иван Васильевич:

      – Биһигини кытта Төлөҥҥө барыстаххына табыллар. Күөлбүтүгэр, көҥүлэ суох, Ытык Күөлтэн райтоп үлэһиттэрэ кэлэн муҥха түһэрбиттэр. Эн сэбиэскэй былаас ис дьыалатын отделын сотруднигаҕын, онон улахан айдаан тахса илигинэ барсан быһаарыс, – диэн эдэр киһиэхэ туллаҥнаабат гына уҥуохтаахтык эттэ. Мин уопсай балаһыанньаны билсэн баран, оройуон борокуруоругар А.П. Пахомовка эрийэн сүбэлэстим. Алексей Петрович «сопхуос сирэ-уота, сайынын оттууллар, сүөһү көрөллөр, онон кинилэр күөллэрэ» диэн быһааран биэрдэ. Уонна миэстэтигэр тиийэн быһаарсарга, түмүгүн киниэхэ биллэрэрбэр дьаһайда. Военком массыынатынан айаннаан күөлбүтүгэр кэллибит. Райтоптар муҥхаларын түһэрэн ырааппыттар, таһаараллара эрэ хаалбыт.

      Күөлгэ киһи элбэх, ол быыһыгар холуочуктар да бааллар. Айдаан-куйдаан элбээбит, дьон саҥата-иҥэтэ, үөхсүүтэ да хойдубут.

      – Биһиги күөлбүт, онон балыга да биһиэхэ хаалыахтаах, – диэн бэрт бөҕө-таҕа, улахан уҥуохтаах киһи көбдьөөрөр.

      – Бачча үлээн баран көлөһүммүтүн таах биэрбэппит буолуо, – атырдьах сүгэһэрдээх киһи эҕэлээхтик хардарар.

      Улахан айдааны таһаарбакка, эйэ дэмнээхтик быһаарсыбыт киһи дии саныыбын. Олохтоохтор эмиэ элбэхтэр гынан баран, тойоннорун Тулааһынап сирэйин-хараҕын маныыллар.

      Райтоп салайааччытын И.И. Бурнашовы туора ыҥыран ылан кэпсэттим.

Скачать книгу