Бүтэһик ботуруон. Май Емельянов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Бүтэһик ботуруон - Май Емельянов страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Бүтэһик ботуруон - Май Емельянов

Скачать книгу

биллиэхтэрэ, сэргэх олоруҥ», – диэн сэрэттилэр. Кэннибитигэр очуос таас хайалар халлааҥҥа өрө харбаһан эрэрдии кэчигирээн көстөллөр. Чыпчаалыгар сытар хаар сайыннары ууллубат үһү. Ардах былыта кэллэҕинэ хайаны ортотунан эрэ ааһара көстөр. Дьэ, Дьааҥы сүдү хайаларын илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим. Ити очуостар эниэлэрэ сыыйа-баайа намтыыр сирдэринэн үөр хаастар, хам-түм да буоллар, кылыы-халыы бөҕөтүн түһэрэн ааһаллар. Эппит күннэрин киэһэтигэр бастакы ээбиллэ (морянка) диэн кустара кэлитэлээн бардылар. Барахсаттары айылҕа маанылаан айбыт кустара быһыылаах, дьэрэкээн ойууларын таһынан саҥалара ала бэлиэ буолар эбит. Улахаттарынан умсаах курдуктар. Атыыра кутуругар биир лаппа уһун түүлээх, онто көтөрүгэр бэлиэ буолан көстө сылдьар. Дьэ ойоҕумсах кус дииллэр, тыһытын өлөртөрдөҕүнэ, төһө да ыппытыҥ иһин, баран биэрбэт эбит. Уопсайынан, олус чычаас майгылаах кустар диэтэҕиҥ. Маҥнай утаа уон икки үөрдээх түһэн биэрбитин биирин да ыыппатыбыт, эр-биир табырҕаталаан кэбистибит. Онтон эмиэ аҕыйах соҕус үөрдээхтэр кэлбиттэрин хааллартаатыбыт, дурдаҕа түөрт аптамаат саалаах дьон бааллар диэх курдук. Сирэйбит-харахпыт турбута сүрдээх. Аны туран түүнүн уочаратынан иккилии чаас маныыр буоллубут. Чааһыҥ туоллаҕына аттыгар утуйа сытар киһини өттүккэ анньан уһугуннаран баран утуйаҕын. Аҕыстан аҕыйах кус кэлэн түстэҕинэ уһугуннарбаккын, онтон элбэх эрэ буоллаҕына биллэрээр диэн буолла.

      Сарсыарда, мин дьуһуурустубам кэмигэр, арааһа, түөрт-биэс чаас диэки буоллаҕа буолуо, дьэ, доҕоор, үөһэ мэҥэ халлаан диэки туох да сүрдээх улахан тыас тоҕо барбат дуо? Мэктиэтигэр халлаан хайынна диэх айылаах эбэтэр били байыаннай истребитель көтөн тахсар тыаһын курдук дэлби барда. Оннук икки төгүл төхтүрүйэн тыаһаата. Мин туран урут итинниги истибэтэх буолан тулуйбатым, үсүһүн тыаһыыр кэмигэр дурдаттан өҥөйөөччү буоллум. Арай, доҕоор, үөһэттэн тоҥ сылгы сааҕын тамнаабыт курдук кустарбыт атахтара сарайан бу түһэн иһэллэр эбит! Кынаттарын холбуу тутаннар кэллилэр да, үөс-батааска биэрбэккэ, биир эргиир сыыһын оҥордулар да, күөл ортотун диэки түһүнэн кэбистилэр. Эчи элбэхтэрин, быһата, 70-ча быһыылаах этилэр, дьоммун туруорар аакка түстүм. Бары туран сэргэхсийэ түстүлэр. Арай биир эдэр уол баара кыратык этитэ түһэн баран турда, кэлин үөрэниэ диэн буолла. Ити итинэн хаалла. Түспүттэрэ чаастан ордубутун кэннэ уҥуоргу дурдаттан биир киһи аа-дьуо тахсан мас тыыга олорон, күөл үөс өттүн тутуһан эрдэн киирэн барда. Маҥнай утаа син түргэн соҕус этэ. Кэлин отой эрдэрэ бытааран, тыал үрэринэн эрэ барар киһи буолан биэрдэ. Хайысхатын көрдөххө, биһиги диэки иһэр эбит. Ити тухары кустарбыт күөл ортотугар өрө мөхсө, булумахтана сырыттылар, айдаан-куйдаан, биир кэм «а-аах, а-аах» бөҕө буоллулар. Ол быыһыгар кустарбыт, кууруссалар курдук, ууну омурдан иһэллэр быһыылаах, үөһээ диэки сотору-сотору төбөлөрүн таҥхатан ылаллар, көрүөххэ кэрэтэ сүрдээх. Дьэ туран, били күөл ортотугар баар кустарбыт кэннилэрэ өссө хаҥаан иһэр, кэлэн эбии түһэ тураллар. Ол быыһыгар туора соҕус туттаннар андылар эмиэ түһэргэ дылылар. Син биир мончуукка

Скачать книгу