Бүтэһик ботуруон. Май Емельянов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Бүтэһик ботуруон - Май Емельянов страница 5
– Туох киһитэ манна кэлбит үһү, эһэ буолуо, – диэтэ.
Төннөөрү ол суолу көрө бардылар. Куола суолу көрөөт да биллэ, кыра эһэ суола эбит. Дьэ куттал буолла, хайалара да саа ылбатах. Хата Куола Моойторук диэн ытын илдьэ кэлбит этэ. Биирдэ өйдөөн көрбүттэрэ, ыттара суох буолан хаалбыт. Сотору буолаат, тумус тыа нөҥүө үрэн баргыйда. Кыһыл илиилэринэн тугу гыныахтарай, ыксал бөҕөнөн быһа үүтээннэригэр бардылар. Ыттара үрэр да үрэр. Аһаан-сиэн, сынньана түһэн баран, хараҥа буолуута, эһэлии бардылар. Ыт үрэр саҥата син биир иһиллэр. Онон тыатааҕы таба сэймэгэр баарын сэрэйдилэр. Ол иһин супту, хаары оймоон күөлгэ киирдилэр. Моойторук дьоно иһэллэрин билэн, үрүүтэ өссө сүрдэннэ. Ити ыккардыгар хараҥа буола оҕуста. Тумул тыа ими мэһэйдээн, туох да көстүбэт. Турбахтыы түһэн баран ыттарын ыҥырдылар. Син балайдык ыҥыртаран баран Моойторук кэллэ. Сүбэлэһэн, чугас-чугас туран кыыл сэймэгин диэки үһүөн бардылар. Ыттара кинилэри манаан туруо дуо, үрэ-үрэ элээрэ турда. Тыатааҕыга урут тиийэн, тумус тыаны аһара түһэн, саҥалара ыраатта. Эһэлэрэ кинилэри билэн дьаадьыйдаҕа буолуо. Онон төнүннүлэр.
Сарсыныгар эрдэ соҕус турдулар. Халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, ыттарын илдьэ эмиэ бардылар. Кыра күөлгэ тиийиилэригэр Моойторук обургу сэймэккэ тиийэн үрэн түптэлэнэрэ сүрдэннэ. Тумус тыаны быһа түһээттэрин кытта, эһэлэрэ ыттарын эккирэтэн мууска бу киирэн кэллилэр. Куола, тыаҕа олорор буолан, киниттэн олох да куттаммат. Биир уостаах саатын туппутунан суол омоонун ортотугар турунан кэбистэ. Балыарканы эрдэ ытымаар диэн сэрэттэ. Киһититтэн уонча миэтэрэ тэйиччи турунан кэбистэ.
Моойторук эһэҕэ сыыһа-халты хаптаран иччитин көрбүтүнэн бу уопсан иһэллэр. Балыарый түбэспэтэх алдьархайыгар түбэһэн ыксаата, киһитин саатыгар хайдах эрэ эрэммэтэ, бобуутун таһыччы умнан үстэ ууран ылла. Тыатааҕыта хайдах эрэ сүөдүрүс гынан ылла да тохтообото, бытаара эрэ түстэ. Куола ыппакка, хамсаан да көрбөккө бэлэм турда. Ыт кэлэн иччитин кэннигэр түстэ. Эһэ Куолаттан биэс-алта миэтэрэлээх сиргэ кэлэн икки кэлин атаҕар тура түһээтин кытта, саа тыаһа өрө хабылла түстэ. Эһэ оргууй аҕай сытан киирэн барда. Балыарка тулуйбата, өссө иккитэ ууран ылла. Бултаан бүттэхтэрэ ол. Өр-өтөр буолбата, бултара хамсаабат буолла. Киһитэ ону чинчилээн көрөн баран «кур аһыҥас эбит» диэтэ. Саннын лаппаакытынан обургу баастаах сылдьар эбит. Куола ону көрөн эһэ охсубут диэтэ. Тоҕо арҕахтаабатаҕын эбэтэр үүрүллүбүтүн ити курдук быһаарда.
Балыарка үрүсээгиттэн чохороонун ылан, суон соҕус хатыҥы суулларан мутуктарын солоото. Курдарын устан эһэлэрин атахтарын бобо баайталаан кэбистилэр уонна мастарыгар иилэн, оргуһуохтуу сүгэн үүтээннэригэр аҕалан астаатылар. Олус ырыгана суох, сииргэ