Дьыбардаах дьылҕа. Сайдам

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Дьыбардаах дьылҕа - Сайдам страница 4

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Дьыбардаах дьылҕа - Сайдам

Скачать книгу

аһыыр да аһа, булкуур да кэмэ таайдаҕа, куртах дьаабы, кэлин хотуолуур ахан буолла. Онно эбии үөһэ туолар, илиитин-атаҕын дьарҕатын, сүрэҕин-быарын туһунан этиллибэт даҕаны, өрүү арыгыны өрө тута, аргыс оҥосто сылдьар киһи киэнэ туох аанньа буолуой? Кэнники кэмҥэ дьүдэйбитэ да сүрдээх, тириитин сүлэн кэбиспит тииҥтэн туох да ордуга суох. Арай, хара үлэ мискийбит, бэйэтигэр дьүөрэтэ суох баппаҕайдара бэйэлэрин бодолорун ыһыктыбаттар, ытыстарыгар баар чэрдэрэ кубулуйбакка бөлтөрүһэллэр, кырдьыы-дьүдэйии бэлиэтин биллэрэн, кирдээх тыҥырахтара умса токуруйан иһэллэр.

      Харытыан туох да үөс-батааска биэрбэккэ, кууран-хатан эрэр чооруос курдук киһини өрө көтөҕөн, хаҥас илиитинэн бэйэтин куустарбыта, уҥа илиитинэн киһитин ойоҕоһуттан бобо харбаат, суол устун соспута. Соһуллааччы балачча «айака-дьойоко» диэх курдук иһэн, саҥата суох барбыта. Онтон Дьоҕур атахтарынан тирэх сири көрдөөбүтэ, тобуктара токуруйар буолбуттара, ынчыктыырын быыһыгар туох эрэ диэн баллыгырыы сатыыра.

      Дьиэтин аана хатааhыннаах эбит. «Доо, дьиэҥ күлүүһэ?» – диэн туох да эппиэти күүппэккэ, сонун сиэптэрин хаспыта да, булбатаҕа. Кууркатын иһинээҕи уҥа сиэбэ испиниэгинэн бобо тардыллыбытын сүөрбүтэ, күлүүһэ онно сылдьар этэ. «Сордоох, бу да буоллар бэркэ дьаһанар ээ», – диэн хайҕаабыта, ааны аһаатын кытта ыарахан аһыы сыт муннуга саба биэрбитэ, түннүгүнэн ыйдаҥа тыган сырдатар оронугар киһитин сытыарбыта, ол кэннэ уоту умаппыта.

      Дьиэтэ тымныйбыт этэ, тахсан барбыта балачча буолбут быһыылааҕа. Харытыан сып-сап курдук оһоҕу оттубута, таһа лаппа лаҥхарбыт чаанньыкка муус уутун кутан билиитэҕэ уурбута, оттон үс лиитирэлээх бөдүөнү булан, кипятильнигынан уу сылыппыта.

      Дьиэни эргиччи үөрэтэ көрбүтэ: арыгыһыт киһи уйата туох аанньа буолуой, барыта үөдэн-таһаан, онно-манна ыһыллыбыт, ыскайдаммыт. Остуолга хомуллубатах иһит, эргэрбит арыы тобоҕо, хаччаччы хаппыт икки-үс быһыы килиэп, икки үрүүмкэни кытта түгэхтэригэр чэй тобоҕо ордон хаалбыт ыстакааннар, төгүрүччү быһыллыбыт луук эмтэркэйдэрэ уонна тобоҕоломмотох «Сайра» балык кэнсиэрбэтэ баара. Остуол анныгар биир кураанах бытыылка сытара. Арааһа, манна «аһаан» баран салгыы барбыт буолуохтарын сөп эбит.

      Бу дьиэ хайа да бэйэлээх киһини ыга баттыыр саҥнааҕа. Утары эркиҥҥэ хаһан да быыла сотуллубатах, дьаарыстаммыт хараара дьиппиэрбит обургу соҕус уонча хаартыскалаах араама ыйанан турарын Харытыан өйдөөн көрбүтэ. Бэркэ интэриэһиргээбитэ даҕаны, көҕө суох умайар кыра кыамталаах лаампа уотугар тугу да арааран көрбөтөҕө.

      Ачыкылааҕын өйдөөн сиэбиттэн булан таһааран кыҥастаспыта – Дьоҕур барахсан ийэлээх аҕата, бииргэ төрөөбүттэрэ, бэйэтин кыра эрдэҕинээҕи хаартыскалара эбиттэр. «Чээн, ыраас да көрүҥнээх, сырдык да тыыннаах хаартыскалар. Бу үчүгэйдэрин: оччотооҕу баар-суох мааны таҥастарын кэтэн чөмчөччү туттан түспүттэр, туох да кир-хох сыстыа суох бэйэлээхтэр, инники сырдык олоҕу ыралаан үөрбүт-көппүт сирэйдэрэ-харахтара үчүгэйин!» – Харытыан мантан да атыны ботугуруу-ботугуруу хаартысканы истиэнэттэн ылан бэркэ сирийэн

Скачать книгу