Дьыбардаах дьылҕа. Сайдам
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Дьыбардаах дьылҕа - Сайдам страница 7
– Чэ, бээ ити хааллын. Бырааттаар, бастаан эһиги, эдэр дьон, доруобуйаҕыт туһугар иһиэххэ, онтон наадабын этиниэм этэ, – Дьоҕур бөтөрүн быыһыгар куруускатын өрө анньыбыта, сып курдук иһэ охсубута, халбаһылаах килиэби эмти ыстаан сиэбитэ уонна бөтөрүн хам баттаан, чэйи ыймахтаабыта. Уолаттар даҕаны бэрт улгумнук иһиттэрин кураанахтаабыттара.
– Наадаҕын үрүк-түрүк эрдэххэ этэн кэбиһэриҥ дуу, – Бүөтүр уопсай балаһыанньа хайдах буолуоҕун таайтаран, дьыаланы урутаппыта.
– Миэнэ диэн туох улахан дьыала буолуой… Иһэр мууһум тиэллиэ этэ, бэйэтэ да дуона суох, – уолаттар сирэйдэрин-харахтарын үөрэтэрдии эргиччи көрүтэлээбитэ уонна хоонньуттан биир кыһылы ороон таһаарбыта. – Мантан атын суох, бука диэн баалаабаккытыгар тиийэҕит, – диэн ыгдах гыммыта, остуолга иһити тыастаахтык уураат икки илиитинэн даллах гыннарбыта, күлэн үмүрүҥнээбитэ.
Кини үлэ кэннэ ситэ испэтэх буоккатын тобоҕун хоонньугар илдьэ сылдьара. Бу кыһылы Бээчэттэн көрдөөн ылбыта.
– Ас аата ас буоллаҕа дии, – саҥата суох олорбут Баһылай бу сырыыга бэрт улгумнук сэҥээрэрин биллэрбитэ.
– Оннук буолбакка, – эдэр киһи Элэс Сеня, аатыгар дьүөрэлии, ити тыллары сып курдук этиммитэ. Дьоҕур эп-эдэр киһи бу дьыалаҕа олус көхтөөҕүн бэлиэтээбитэ уонна саҥа улаатан эрэр киһини харыстаан атыҥыраабыта, сөбүлээбэтэҕэ. Кини этэр санаатын быһа түспүттэрэ:
– Дьоҕур, ол мууһуҥ хантан тиэллэрий? – диэн Бүөтүр ыйыппыта.
– Бээчэ уолтан ылыах буоллум. Кэнники кэмҥэ мууспун бэйэм ылбаппын, үлэм төлөбүрүгэр киллэттэрэбин.
– Сөпкө гынар эбиккин. Ол төһөнү тиэйэри ким ыйар? Биһиги сыалай сыарҕаны да таһаарыахпытын сөп, – Баһылай чуолкайдаһар наадатын эппитэ.
– Кырдьык оннук ээ. Биир сыарҕа сыыһын начаас буоллаҕа дии, – Сеня уол буолуохтаах үлэҕэ кыттыһа охсубута.
– Ол, мин соҕотох киһи иһэрим, туттарым биллэр ини. Ону, оттон, бэйэҕит көрөн, быһааран тиэйиэ этигит. Оччолооҕу быһаарбыт, тиэйбит дьон буолуоххут, – Дьоҕур төһөнү тиэйэллэрин бэйэтэ быһаара сатаабатаҕа, уолаттар дьоҕурдарыгар, сатабылларыгар эрэммитэ. Кырдьык да элбэҕи тиэйбит, сүкпүт-көтөхпүт дьон олордохторо эбээт.
– Сарсын киэһэ мин арыый иллэҥсийэрим буолуо, – Баһылай итини этээт, иһиттэри бэйэтин диэки хомуйа тардан ылан арыгы кутуталаабыта, ол кэннэ бэрт наҕыллык дьонноругар төннөрбүтэ, уостарын чорботон, үөһэ диэки олоотообута. – Сеня, эн миэхэ көмөлөһөрүҥ буоллар, – ыйытар дуу, дьаһайар дуу курдук этиммитэ.
– Чэ, итини, Баһылай быһаарыам диэтэ, – Бүөтүр астаах иһитин харбаан ылбыта. – Убайбытыгар көмөлөһөн буоллаҕа дии. Булууска угуллары учуоттаан тиэйээриҥ, уолаттаар. Сеня көмөлөһүөҕэ. Эдэр киһи наһаа ыарырҕаппат ини, – тугу эрэ эбии этиэх, ыйытыах курдук уолу балачча соҕустук утары көрбүтэ