Дьыбардаах дьылҕа. Сайдам

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Дьыбардаах дьылҕа - Сайдам страница 5

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Дьыбардаах дьылҕа - Сайдам

Скачать книгу

хахсыйбыта, онтуката маатыра-куутара кыбытыктаах этэ. Кэмниэ кэнэҕэс, дьиэтигэр баарын билбитэ. Оронугар олорбута, төбөтүн туттубута, баттаҕын сууралаабыта уонна сыҥсыйан ытыах курдук буолан иһэн, кыатаммыта.

      – Дьоҕуо-ор, ыл, аҕал илиигин, манна ук, – Харытыан олоппоско сылаас уулаах нэлэгэр миискэни аҕалан биэрбитэ уонна икки илиилэрин сулбу тардан ылан ууга баттаабыта, оттон атахтарын кирдээх баҕайы сыыҥкабай тааска укпута. Дьоҕур мөккүспэккэ, туох да саҥата суох сорудаҕы толорбута. Ол кэмҥэ Харытыан сылаас чэйи аҕалан айаҕар аспыта. Киһитэ иһиттэн илиитин арааран ыстакааны тутан эрдэҕинэ, илиитин ууга хам баттаабыта, онуоха утарылаһа барбатаҕа. Дьоҕур сылаас чэй барахсаны сыпсырыйаат, «бу туох айылаах үчүгэйин утары ууннулар» диэххэ айылаах, биир тыынынан, умса нөрүйэ сатаан ыймахтаабыта. Хараҕа быдан сырдаабыта, сабылла сатыыр бэйэтэ кэҥээбитэ, ону-маны дьүүллээн-дьаабылаан, дьэ, көрөн барбыта уонна аттыгар турар аанньал кэриэтэ Харытыаны одуулуу олорбута. Онтон: «Баһыыба… баһыыба», – диэн сэниэтэ суохтук ньүкэнник, иһиллэр-иһиллибэттик хаста да сибигинэйбитэ.

      – Олор, илиигин ууттан ылыма, атаххын эмиэ, – Харытыан ити тылларын этээт, ыстакааҥҥа итии чэйи кутан остуолга сойута уурбута уонна бачыыҥкалары ылан, оһоххо куурда, олоппос үрдүгэр кэккэлэппитэ. Күлүүкэнэн оһоҕу булкуйбута, маһын эбэн биэрбитэ. Сылыйбыт оһох итини эрэ күүтэн турбут курдук, көхтөөхтүк умайан күлүбүрээбит, тачыгыраабыт тыаһа иччитэхсийбит дьиэҕэ олус истиҥник, олох уостубат бэлиэтэ буолан, бэрт сэргэхтик иһиллибитэ, сылааһынан угуттаабыта.

      Дьиэ биир муннугар турар эргэ хомуот үрдүгэр хаһыат бөҕө чөмчөлөммүт, оттон аттынааҕы истиэнэҕэ ыксары оҥоһуллубут, дьоҕус соҕус тутуулаах этэсиэркэҕэ кинигэлэри кэккэлэппит этэ. Харытыан маны сөҕө санаабыта: «Сатана, ааҕар аҕай эбит буолбат дуо! Ол иһин, биирдэ эмэ түбэһэн кэпсэттэххэ, билэрэ-көрөрө элбэх буолааччы ээ. Хаарыан киһи! Сордоох, төһө да билии баарын үрдүнэн, бэйэтигэр хаатыйалана сырыттаҕа, ону ким төһө сэҥээрэрэ буолла?! Саарбах, арыгыһыт киһи тылын аахайбат киһи элбэх бука. Оннук ээ. Арыгыһыт аатырдыҥ, көмүс да солотуу абыраабата буолуо-о!». Харытыан орон төбөтүгэр баар туумба үрдүгэр «Спидола» араадьыйаны сэргии көрбүтэ, хайаан да араас сонуннаах, элбэх долгуннаах аныгы улахан мал турар эбит диэн бүтэйдии быһааран кэбиспитэ.

      – Дьоҕур, чэ, дьиэҕэр кэлбит киһи этэҥҥэ сынньан. Мин бардым. Сарсын үлэ бөҕө кэтэһэр, от тиэйиэхтээхпин. Сарсыарда эдьиийгэр эрийиэм, кэлэн көрөн-истэн эмтиэ-томтуо буоллаҕа дии, – диэн Харытыан сонун кэтэ туран саҥарбыта. Чочумча буолаат, кыйаханнаҕа буолан: – Дьэ, оттон сордоох киһигин. Өлө сыспыккын өйдөө, ол ыраахтан буолбатах, нохоо, – диэн таҥас ыйыыр анныгар элиппит бэргэһэтин уонна үтүлүктэрин көрдүүр түбүгэр түспүтэ.

      – Ыых… – кэннигэр симик саҥаҕа эргиллибитэ уонна Дьоҕур уу-хаар баспыт, махталы этиэххэ айылаах ханнык да кыымы ыспат, өлбөөдүйбүт харахтарын өйдөөн көрбүтэ, хайдах эрэ олус аһынан, этин

Скачать книгу