Дьыбардаах дьылҕа. Сайдам
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Дьыбардаах дьылҕа - Сайдам страница 8
Дьоҕур барыларын кытта эр-биир илии тутуһан баран, киирбитин курдук, аргыый сыбдыйан, сэрэнэн, үктэнэр сирин талан, хардыылаан тахсан барбыта.
– Кэм-кэрдии өйү-төйү булларар, сааһырыы – сааһылыыр диэн итини этэн эрдэхтэрэ, – Бүөтүр ыалдьыт тахсан барбытын кэннэ түмүк оҥорбута. – Оо, эрдэттэн итинник өйү өрө туппут киһи баар ини.
– Тугу эрэ элбэҕи саҥарыах киһи, туохтан эрэ көҥөммүт курдук, бэрт дөбөҥнүк тахсан барда дии, – Баһылай соһуйбутун биллэрбитэ. – Эрэйдээх олох итиччэлээҕи толкуйдатар буоллаҕа ээ. Санаа-оноо баттала төһө эрэ элбэх! Арыый да кэмҥэ, ороҥҥо соҕотох сытан, олоҕун сыымайдыыр бөҕө буоллаҕа, сордоох.
– Истэр тухары суламмыта-кэлэммитэ биллибэт ээ. Бүгүн быктарда. Мөлтөөн да эрдэҕэ, урукку Дьоҕур буолбатах. Сарсын мууһун быһаарыҥ, Баһылаай, – Бүөтүр Сеня уол диэки эргиллибитэ: «Сеня, чэ, кытаат, көмөлөс. Нохоо, кырдьаҕас, сор диэн тугун этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан билбит киһи тылын өйдөөтүҥ ини. Эйигин харыстаан ити тыллары быктарбыт буолуохтаах».
– Сеня, эн үөрэххин тоҕо быраҕан манна тиийэн кэллиҥ? – баччааҥҥа диэри тугу да саҥарбакка кулгаах эрэ буола олорбут, массыыната моһуоктаабытын ыһан кэбиспит таксист Ньикииппэр тыл быктарбыта.
– Кырдьык даҕаны, тоҕо? – аны Баһылай соһуйан, сэҥээрээччи буолбута.
– Ээ, сөбүлээбэтим, – чэй ылан испитэ буолла, килиэбин хоруоскатын эмти тутуталаан, айаҕар быраҕаттыы олордо. – Таах сибиэ зоотехник үөрэҕэр киирбит эбиппин. Бааһынайдар эрэйдээхтэр зоотехникка эрэ наадыйбаттар үһү. Бэйэлэрэ нэһиилэ олорон, хантан хамнас төлүөхтэрэй? Таах, сымыйа үөрэх эбит, – Сеня холуочугар тэптэрэн, быһаарыыта олус хабархай буолан биэрдэ. – Пахай доо, сельхозакадемияҕа үөрэммит оҕолор бары онно-манна, атыыга-тутууга үлэлииллэр. Идэлэригэр эрэ наадыйбаттар быһыылаах.
– Үрдүк үөрэх аата үрдүк үөрэх ини, доҕоор, ама, – Баһылай үөрэҕи сирбитин сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ.
– Бу уол эмиэ да сөпкө этэр эбит. Кырдьык даҕаны, зоотехникка эрэ наадыйбаттара буолуо. Ол аайы холкуос, сопхуос эстибитэ. Ол биир, икки ынахха наада үһү дуо?! – Бүөтүр уол этиитин долоҕойугар киллэрэн, ылыммыта.
– Ээ, пахай доҕоор, онно эрэ буолбатах, таах үөрэниэххэ эрэ диэн санаалаах наһаа элбэх. Үөрэххэ да кыһанар киһи ахсааннаах, – Сеня кэпсээнэ «халыҥаан» барда. – Хата, онно ас-үөл элбэх, кыыс да кырыы кырыытынан, эрийсии диэн үрдэ суох. Хампаанньа дэлэй.
– Нохоо, ол дойдуга үөрэммэккэ эрэ аһы, кыргыттары эккирэтэ сырыттыҥ дуо, ол? Бу аһылыкка сэргэхсийэриҥ сүрдээх эбит ээ, били, Дьоҕур эппитин кэннэ өйдөөтөххө, – Бүөтүр, дьэ, хараҕа аһыллыах, өйө чөллөрүйүөх буолла.