Хараҥа сискэ. Урсун
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Хараҥа сискэ - Урсун страница 11
Төһө да харахтарынан кэпсэтэргэ дылыларын иһин, дьиҥэр, Костялаах Ида бу баар диэн чугаһыспыттара, эгэтин эрэ ис санааларын аһыспыттара, бодоруспуттара эмиэ да суох эбит. Костя ардыгар Идаҕа саппыыска суруйуон баҕаран кэлэрэ. Сороҕор суруйара даҕаны. Ол гынан баран, ону биэрэр эбэтэр тиэрдэр быһаарыныыны ылынар хорсун санаа уолга кыайан киирбэт этэ. Хаста-хаста суруйбут кумааҕытын кум-хам туппута, умаппыта буолуой?!
– Костя, кэл, киир эрэ манна. Дьыала баар, – диэн убайа Болдьумаар түннүгүнэн ыҥырда.
Туохха ыҥырдаҕай дии саныы-саныы, Костя палубаттан икки оронноох дьоҕус каюталарыгар киирбитэ, арай убайа таҥас түҥэтээччи эдэркээн нуучча кыыһын санныттан кууһан олорор. Ол кыыска убайа Костяны билиһиннэрдэ. Кыыс буруйа суох халлаан күөҕэ харахтарынан Костяны утары көрдө, мичээрдээтэ. Туох эрэ диэтэ да, Костя болҕойон истибэтэ. Санаатыгар, киирэн кэлбит уолтан кыыс ордук үөрэргэ дылы. Оттон Болдьумаар, устудьуон киһи, быраатын ыҥыран, быһыыта, утуйар таҥас сыанатын түһэрсэр баҕалаах эбит.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.