Хараҥа сискэ. Урсун
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Хараҥа сискэ - Урсун страница 6
– Буот доруога, Уус Таатта далекуо! – диэн быһаардым.
Киһибит суол төрдүн булан, үөрбүт-көппүт курдук баһыыбалаан, арҕаа диэки кудулуччу хаама турда.
Төннөн кэлбиппитигэр Боккуойа:
– Ити сэмэтээнэ диэн тугу этэрий? – диэн ыйытта.
– Ол аата сүөгэй, чөчөгөй! – дэстибит.
Боккуойа күллэ:
– Оо, өлүү эбит, оҕолоор! Мин Сэмэтээнини ыйытар дии санааммын, оттуу барбыта диэтэҕим үһү!
Бары күлүстүбүт. Бастакы сэрэхэдийии ааһан, тыҥааһын сөллөн, биһиги туохтан да сэрэммэккэ тэлгэһэ күөх отугар төкүнүстүбүт. Соччо өйдөөбөтөллөр да, бэл кыра оҕолор кытта күлүстүлэр. Сайылыкка күн ортото чугаһаан эрэрэ.
Итинник биһиги экспедиция нууччатын, геологы, көрсүбүт уонна сирдээбит үһүбүт. Киэһэ отчуттар кэлэн оннук чопчулаабыттара.
АЙБЫТ АҔА
Костя киһини өйдүүр буолуоҕуттан Уйбаан диэн аҕалааҕа. Уһуктаах төбөлөөҕө, хара бараан дьүһүннээҕэ, аҕыйах саҥалааҕа, оҕолоругар барыларыгар биир тэҥ сыһыаннааҕа, учуутал идэлээҕэ. Костя өйдүүрүнэн, кыһыҥҥы өттүгэр Таас Томпоҕо баран учууталлыыра. Дойдутугар сайынын кэлэрэ. Ол оннугар кыра Костяны булчут, балыксыт эһэтэ, Ньукулай оҕонньор, көрөрө, арыый улаатыыта батыһыннара сылдьара. Костя да эһэтин олус таптыыра. Ол эрээри кинини тоҕо эрэ дьон-сэргэ аҕатын аатынан буолбакка, Уйбаныап Өксүү уола диэн ааттыыллара. Ол кистэлэҥэ уол балачча улааппытын кэннэ биллибитэ.
Биирдэ саастыы уола, туохтан эрэ бочооттоһон баран, Костяны:
– Тэмэйэр, Тэмэйэр уола! – диэн үөхпүтэ. Ити хайаларын аатынан сирэй-харах аспытын биэстээх Костя өйдөөбөтөҕө. Ол гынан баран, арыт улахан да дьон хаадьыларын быыһыгар:
– Бээрэ, бу уол үкчү Тэмэйэр курдук хаамар буолбат дуо? – дииллэрэ. Оттон холкуостаах дьахталлар Тэмэйэр диэн киһини хоһуйан ыллыыллара:
Ыйдаҥалаах түүннэргэ
Ыттар үрэн аймыыллар.
Тиэргэн иһэ тигинэс —
Тиҥэһэлэр үргэллэр.
Ампаардарга киирээри
Ардьаахтары алдьаппыт.
Үөлэһинэн түһээри
Өттүктэрин кыбыппыт.
Ити хоһуйуллар киһини Костя, биир алааска да олордор, харахтыы илигэ, билбэтэ. Уонна, кырдьыга, бэйэтигэр сыһыана да суох курдук саныыра. Ити кэмҥэ аҕата Учур оройуонугар Бэлгэчи оскуолатыгар учууталынан ананан, онно айанныыр буолбуттара.
Аллар сүүрүктээх Аллан эбэ таастаах тумулуттан борохуот аалга олорон хоҥнуохтарын аҕай иннинэ, кинилэр салдьыр муостаах кырдьаҕас ынахтарын трап устун нуучча мотуруостарыттан биирдэһэ инниттэн соһон, иккиһэ кэнниттэн үтэн (ынах, үйэтигэр үктэммэтэх трап диэн кэрдиистэрдээх соччо кэтитэ суох далаһаларынан тахсыан баҕарбакка, муҥурунан көрөн, өчөһөн турара) ынах аҕыйах хаамыыны оҥордор да, кэдэҥниир далаһаттан саллан, арааһа, иннинэн барар санаата суоҕа. Ол түгэҥҥэ борохуот хатан үлүгэрдик хаһыытаан дэлби барбытыгар, ынах эрэйдээх, трабы мүччү үктээн, ууга охтубута.