Хараҥа сискэ. Урсун

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Хараҥа сискэ - Урсун страница 5

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Хараҥа сискэ - Урсун

Скачать книгу

куораттаата.

      Эһиилигэр кэлбитэ, Бүөтүрдээх Ньыыка эмиэ Эмистэригэр олороллор эбит. Бүөтүрдээх Маайа бааллар. Чэйдэттилэр. Ону-маны кэпсэппэхтээн иһэннэр, Костя ыйытта:

      – Бээрэ, Бүөтүр, били былырыын Ньыыка эһэтин хайаабытай?

      – Ол киһи доруоп саанан тыатааҕыны хайаан ытыай? Тыл тамаҕар эрэ эттэ ини… – диэтэ Бүөтүр күлэ-күлэ. – Кустаан кэлбитэ. Кырдьаҕас киниэхэ сирэйгэ ыттара туруо дуо? Бардаҕа эбээт! – Бүөтүр эбэн биэрдэ.

      «Ол иһин даҕаны! Саа тыаһаабатах эбит», – дии санаата Костя уонна Ньыыка кинини хаадьылаан тылласпытын билигин эрэ таайда.

      Ол эһэ ынахтары кытта эҥээрдэһэн сайыны быһа сылдьыбыт үһү. Ынахтар да киниэхэ кыһаммат, адьас куттаммат буолбуттар. Оттон сүппүт ньирэйи чахчы кини моһуоктаабыта биллибэт. Ол эмиэ дэбдэтэр идэлээх, күлүүлээх-оонньуулаах Ньыыка «сэрэйиитэ» быһыылаах. Костя дойдутугар эһэ киһиэхэ-сүөһүгэ суоһаабытын туһунан кэпсэл суох. Ол оннугар Томпоҕо оннук түгэн кэмиттэн кэмигэр тахсара иһиллэр.

      Бу дойдуттан тахсыбыт суруйааччы Баһылай Тарабыыкын эһэ ынахтары кытта булкуһа сайылаабытын туһунан «Маныыһыт уонна эһэ» диэн бүтүн кинигэни таһаартарбыта. Ол, арааһа, Костя көрбүт эһэтин ойуулаабытыгар сөп.

      «СЭМЭТЭЭНИН… БАРБЫТА!»

      Сайылыкка нуучча киһитэ өтөр-наар таарыйбыта иһиллибэт этэ. Манан айан суола ааспат, эбэттэн тэйиччи. Арай муммут киһи эбэтэр устугас2 эрэ охсуллуон сөп. Эр дьон бары оттуу баран, күнүһүн наар оҕо-дьахтар бэйэлэрэ эрэ хаалаллар. Ол иһин нуучча кэлиитэ өрүү дьиксиниини үөскэтэр. Онуоха Сайылык дьахталлара, үөрэҕэ суох буоланнар, сатаан да быһаарсыбаттара, онтон сылтаан арыт түҥ-таҥ өйдөһүү да тахсара ханна барыай?!

      Сайылык оҕолоро, биһиги, оскуолаҕа киирэ илик кырачааннар, сорохтор кыра кылаастарга үөрэнээччилэр – үксүн тыа саҕатыгар, тэлгэһэҕэ оонньооччулар, ону-маны урут көрөбүт-истэбит.

      Биирдэ илин диэкиттэн карабин сүгэһэрдээх, атын мала-таймата суох, кугас бар түүнэн саба үүммүт сирэйдээх, ыраас халлаан күөҕэ харахтаах, сэнэх таҥастаах, саппыкылаах нуучча киһитэ Сайылык саҕатыгар киирэн кэллэ.

      Кинини көрөөт, биһиги дьиэбит диэки ыстанныбыт. Ол кэмҥэ дьиэҕэ саҥаспыт Боккуойа эрэ баара. Халҕаны сэгэтээт:

      – Нуучча иһэр! – диэн төтөлө суох эппиппититтэн Боккуойа соһуйда. Онтон эттэ:

      – Оҕолоор, эһиги саһыҥ, көстүмэҥ! Бэйэм кэпсэтэн көрүөм. Туох киһи эбитэ буолла?.. Соччо ыраатымаҥ, баҕар, наада буолуоххут…

      Биһиги дьиэ таһыгар, тэлгэһэҕэ эрбэһин быыһыгар хаптайан саспыта буоллубут. Ол сытан, уора-көстө киһибитин кэтиибит. Киһибит кэлэн, карабинын дьиэ аанын таһыгар холкутук өйөннөрө ууран баран, «дыраастый!» дии-дии, иһирдьэ киирдэ.

      Боккуойа туох диэн хардарбыта биһиэхэ иһиллибэккэ хаалла. Балачча буолан баран, биһигиттэн хорсуммут тиийэн халҕан хайаҕаһынан көрбүтэ: киирбит нуучча уҥа диэки хоноллон олорор үһү. Быһыта-орута иһиттэҕинэ, дьиэҕэ киһи соччо өйдөөбөт соҕус сахалыы-нууччалыы кэпсэтиитэ саҕаламмыт.

      – Баабыскаа,

Скачать книгу


<p>2</p>

Аллан кытылыгар олорооччулар өрүһүнэн сылбаҕы миинэн, түбэһиэх тыынан хаайыыттан куоппут ыар буруйдаах күрүөйэхтэри итинник ааттыыллар.