Хараҥа сискэ. Урсун
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Хараҥа сискэ - Урсун страница 4
«Маннык элбэх үөрдээх, олус чычаас, киһи эрэ таптыы көрүөх дьүһүннээх туох көтөрдөрө эбиттэрэй?!» – диэн Костя улахан дьоннуу дьоһуннана санаата уонна, быһа охсон ылыах, бултуох-алтыах буолан, айаҕаланан, талах быстан кэлбититтэн, биирдэ, дьолго, хата, сыыһа кулаан кэбиспититтэн иэдэһэ итий-итий гыныар диэри кыбыһынна. Маннык барахсаттары, ама, хайа тоҥ сүрэхтээх киһи бу чаҕыл сааскы күөх кырдалга өлөрө-өһөрө турдаҕай?!
Итинник санаат, Костя ойон турбутун бэйэтэ да өйдөөмүнэ хаалла. Онуоха көтөрдөрө соһуйаннар көтөн таҕыстылар. Ыраата түһээт, күөл сыһыытын диэки, арааһа, түһээри быһыылаах, элиэтээтилэр.
Костя салгыы эккирэтиһэ барбакка, ураҕаһын киэр элитэн, буор-сыыс буолбут таҥаһын тэбэнээт, балаҕанын диэки аргыый хаама турда.
Кус-хаас кэлэн бүтүүтэ айылҕа анаабыт кэрэ сирдэригэр ити көтөрдөр дэҥ кэриэтэ түһэн ааһар түгэннэрин көрбүт икки атахтаахха бэрт аҕыйах үһү.
Итинник, оҕо сылдьан, Костя төрөөбүт дойдутугар, Киэҥ Күөл кырдалыгар, сэдэх көтөрдөрү – хонуу бараахтарын – олоҕор биирдэ көрөн турардаах.
ЭҺЭ
Куоракка үөрэнэр Костя, үөрэх аһыллара чугаһаан, хатыҥ сэбирдэҕэ тэлээрэн түһэр хаһыҥнаах сарсыардатыгар эрдэ туран, Таатта Төрдүгэр тохтоон ааһар теплоходка олорсоору айан суолун тутта. Кини Көтөт Сайылыгар таайын аахха сайылаата, оттосто, бэркэ сынньанна. Быйыл 7-с кылааска үөрэниэхтээх.
Лиҥкир тиит мастаах Эмис сиһин быһа түһэн, Сайыы күөлүн ойоҕолуу хааман иһэр. Күөлтэн туман көтөр. Нус-хас. Сыһыыга ынахтар кэбинэ сыталлар. Айылҕа кэрэтиттэн, чэбдигиттэн тэбиэһирэн ыллаан барда:
Манна ойуур иһигэр
Чыычаах ыллыыр, күн көрөр.
Сэбирдэхтэр үрэллэн
Үрдүбүнэн көтөллөр.
Арай уҥа өттүттэн талах быыһыттан туох эрэ түөһүллэн турда. Костя, онно болҕомтотун соччо уурбакка эрэ, хараҕын кырыытынан көрбүтэ: сүөһү буолбатах, хара тыа хаһаайына – хагдаҥ эһэ – эбит! Түөрт атаҕын тус-туһунан түһэртээн, тэйэ сүүрэн бүгүллэҥнээн эрэр. Айаҕын аллаччы аппыт, чугаһа бэрт буолан, бэл сыраана сынньылыйара кытта көстөр. Көхсүн иһэ күрдүргүүр. Аҕыйахтык күөһэкэччийэн иһэн, мастар күлүктэригэр түстэ.
Уол, киниэхэ утары кэлбэтэх уонна суоһурҕамматах буолан, куттаммакка да хаалла. Итинник адьырҕаны кини сүүрбэччэ хаамыылаах сиртэн аан бастаан көрдө. Урут моонньоҕоннуу, хаптаҕастыы сылдьан, тыатааҕы оту-маһы хамсатарын, бэрт соторутааҕыта барыанньа курдугунан хойуулаабыта буруолуу сытарын син көрөрө. Оттон бүгүн Эмис балаҕана адьас