Хараҥа сискэ. Урсун

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Хараҥа сискэ - Урсун страница 9

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Хараҥа сискэ - Урсун

Скачать книгу

таһыгар кэлбиттэрэ. Оҕонньор, ойоҕолуу турар буолан, ону өйдөөн көрбөтөх быһыылааҕа.

      – Миитэрэй, дорообо! Хайа, бу оккун охсо сылдьар эбиккин дуу?

      Оҕонньор билбэт дьоно кэлбиттэрин көрөн тохтообута. Хотуурун отунан сотон баран, чугаһаан кэлбитэ. Ыалдьыттар күрүө таһыгар, оҕонньор күрүө иһигэр туран кэпсэтэн киирэн барбыттара. Миитэрэй Аркадийы саҥа көрөрө, оттон Костяны маҥнай эмиэ билбэтэҕэ. Хардары-таары көрүөлүү түһэн баран, Миитэрэй дьэ билэн, Костяҕа туһаайан эппитэ:

      – Киһи сылгыттан төрөөбөт. Айбыт аҕаҥ бу турабын! Көр!

      Ити таба этииттэн, билинииттэн ыалдьыттар күлсүбүттэрэ.

      – Оттон оннук буолбатах дуо?! Хайа, бу хаһан таҕыстыҥ? – Миитэрэй туоһуласпыта.

      – Субу бүгүн «Ракетанан» тахсан, олорбут сирбин бу табаарыспар көрдөрө сылдьабын, – Костя хоруйдаабыта.

      Күрүө нөҥүө-маҥаа туран кэпсэтэрин дьэ өйдөөн, оҕонньор кыбылла-кыбылла бэттэх тахсыбыта.

      – Бэйи, биһиги саатар дьиэ күлүгэр олорон сэһэргэһэ түһүөҕүҥ, – диэбитэ уонна чугас турар дьиэтин диэки хардыылаабыта. Кырдьаҕас киһи диэтэххэ, бачча куйааска көлөһүнэ соччо бычыгыраабатах, төбөтүгэр дьахтар былааттааҕа, сырдык ырбаахылааҕа. Хара бараан сирэйэ сонурҕаабыт көрүҥнэнэн, дьиэ күлүгэр олорбута.

      – Чэ, эһиги эмиэ олоруҥ, – диэбитэ. Уонна хас да сыллааҕыта дьиэтэ умайбытын, малын-салын барытын былдьаппытын, бу быраҕыллан турбут дьиэни сөргүтэн олохсуйбутун, Дэбдиргэттэн баран соторутааҕыта кэргэн аҕалбытын сэһэргээбитэ.

      Кэргэнэ, кэпсэтиигэ кыттыбакка, дьиэ таһыгар уот отто, ас астыы сылдьыбыта.

      Ити кэмҥэ Миитэрэй, быһыыта, уолун, куорат киһитин, холоон көрөн, эппитэ:

      – Бээрэ, Костя, бу хатыырынан дьиэ таһын далайан көр эрэ, – уонна хотуурун ууммута. Костя дьиэ таһын кырпай отун биирдэ-иккитэ кыстаран кырылаппыта. Хотуурун отунан сотон, оҕонньорго төттөрү ууммута. Миитэрэй туох да диэбэтэҕэ. Эбии ибир-сибир кэпсэтэ олорбуттара.

      Ити кэмҥэ ыалдьыттары хатыҥыр эмээхсин дьиэҕэ, аска ыҥырбыта. Киирэн кэлбиттэрэ, дьиэ тэрилэ: остуол, ыскамыайка – бэрт судургу эбит. Оҕонньор эппитэ:

      – Бу ыскамыайканы сирэн бырахпыттарын ылбытым. Уорбатаҕым…

      Оҕонньор Таатта үрэҕэр туулуур эбит. Эмис баҕайы күстэҕи ыһаарылаабыттарын ыалдьыттар сиэмэхтээбиттэрэ. Сайыҥҥылыы сөрүүн чэй испиттэрэ. Дьэ, бу олорон, оҕонньор, уолуттан хайдах олорорун, кэргэнин, оҕолорун, үөрэҕин-тойун да ыйыталаспакка (ону дьонтон истибит буоллаҕа), бэйэтэ аҥаар уһугуттан кэпсии, сэһэргии олорбута. Балачча уһуннук олорбуттара. Кэлин уһугар ыалдьыттар тотон, махтанан остуолтан турбуттара. Айбыт аҕатын ис сэбэрэтин сэгэтэн көрдөрөрүн иһин, оҕонньор балачча уһун кэпсээниттэн сороҕун аҕаллахха маннык:

      – Элбэх оҕолоох буолан, бөһүөлэккэ симиллибэккэ, субан сүөһү көрөн, наар тэйиччи баар Балаакканан, Ынахсытынан олохсуйбутум. Оҕолору аһатаары

Скачать книгу