Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 2
Сэмэн Уйбаанабыс кэнникинэн: «Бу киһиэхэ, хата, оҕобун Маайаны үөрэттэриминэ», – дии санаталыыр буолан барбыта. Ол да буоллар күн судаары утары илиитин көтөҕөөрү сылдьыбыт киһиэхэ суос-соҕотох оҕотун үөрэттэриэн дьиксинэрэ. Ити курдук хас да ый ааспыта.
Улуус суруксута ханнык да дьыаланы аан бастаан хайаан да Эховка көрдөрөн, сүбэлэтэн баран оҥорор, суруйар буолбута. Сэмэн Уйбаанабыс ону дьиктиргээн, биирдэ суруксутуттан ыйыппыта:
– Бэйи эрэ, ити суруйар кумааҕыларгын тоҕо судаарыскайга көрдөрөр, оҥорторор буолаҕыный?
– Э-ээ, ити улахан үөрэхтээх киһи. Кини мин оҥорбут дьыалабын көннөрөн биэрэр… Кини көннөрбүт дьыалата туох да эҥкилэ суох барар!.. Элбэх билиилээх киһи… Хаарыаны, кини билиитин, сатаатар, аҥаарын да билбит киһи баар ини! – диэн хардарбыта.
Улуус суруксута – Бүлүү куоратын таҥаратын дьиэтинээҕи икки кылаастаах оскуоланы бүтэрбит Хаппытыанап баай аччыгый уола.
– Оттон күн ыраахтааҕыны утары илиитин көтөҕөөрү гына сылдьыбыта? – диэн Харатаайап таайтара соҕус ыйытар.
– Ээ-ээ, ол хаһан эрэ урут, уонтан тахса сыл анараа өттүгэр… буола сырытта эрэ, суох эрэ. Кини, хата, хайа сах биһиги тылбытын үөрэтэн билэн эрэр!
Сэмэн Уйбаанабыс бу кэпсэтии кэнниттэн хас да хонук устата Эхов сирэйин-хараҕын, кини тутта сылдьар быһыытын, хайдах саҥарарын кэтээн көрөр буолбута. Суох, туох да куһаҕаны оҥоруох быһыыта биллибэт. Хата, ол кэриэтэ кини остуорас оҕонньортон саҥа истибит сахалыы тылын олуона баҕайытык саҥара-саҥара кыракый кумааҕыга бэлиэтэнэр этэ: «Инах барда»…
– Ити, «инах» диэн «ынах» диир быһыыта дуу? – Харатаайап кулуба суруксутуттан ыйытар. – Ынах… Өйдөөтүҥ дуо, «ынах» диир буол.
Бу этэ Сэмэн Уйбаанабыс судаарыскайы кытта аан бастаан айах атан кэпсэппитэ. Мантан ыла кини Эховтан куттанара, дьиксинэрэ улам ааһан барбыта, сөптөөх түгэн түбэстэр эрэ кэпсэтэ сатыыр буолбута.
Арай биирдэ Эхов таһырдьаттан бырааба дьиэҕэ киирбитигэр, Сэмэн Уйбаанабыс суруксутугар эппитэ:
– Ыл ыйыт эрэ, бу киһи… кыра оҕону ааҕарга, суруйарга уонна нууччалыы кэпсэтэргэ үөрэтиэ буолуо дуо?
Суруксут Эховтыын бэрт өр тугу эрэ кэпсэппиттэрэ. Харатаайап кулуба, нууччалыы биир да тылы билбэт буолан, дьүлэй киһи курдук олорбута. Аркадий Романович кулуба кыыһын ааҕарга, суруйарга уонна нууччалыы кэпсэтэргэ үөрэтиэх буолан сөбүлэспитэ.
Улуус быраабатыттан Сэмэн Уйбаанабыс ол киэһэ, бэркэ үөрэн-көтөн, Эховы дьиэтигэр илдьэ тахсыбыта. Бүтүн улуус үрдүнэн Хаппытыанап баай икки эрэ уола ханнык эмэтик нууччалыы лахсыһаллара