Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 4
– Папа?
– Ити тугу ыйытарый?
– Аҕаҥ баар дуо диэн ыйытар, – Маайа эмиэ тылбаастаабыта.
– Аҕалаахпын да билбэппин.
Сүөкүлэ нуучча киһитэ учууталы кытта чобуотук кэпсэтэн барбытын көрөн, атын кыргыттар эмиэ утуу-субуу уот иннигэр кэлбиттэрэ. Учуутал бу кыргыттартан ааттарын, саастарын, дьоннорун ыйыталаспыта. Итинтэн сиэттэрэн улам бодоруһан, сахалыы-нууччалыы булкуйан кэпсэтэн барбыттара. Кыргыттар көрө-көрө куттаналлара ааспыта. Нуучча киһитэ күлэрин-оонньуурун сөбүлүү санаабыттара.
Өр соҕус олорон, ону-маны кэпсэтэн баран, Аркадий Романович кыргыттартан ыйыппыта:
– Суруйарга, ааҕарга үөрэниэххитин баҕараҕыт дуо?
Кыргыттар бары сир диэки умса көрөн кэбиспиттэрэ.
– Үөрэхтээх киһи ону-маны барытын ааҕан билэр. Эһиги элбэҕи билиэххитин баҕарбаккыт дуо?
Кыргыттар тугу да саҥарбатахтара. Аркадий Романович бу хараҥа туруорбах балаҕаҥҥа олорор, күнүстэри халлаан сырдыгын көрбөт хамначчыт кыргыттары улаханнык аһына санаабыта. Кини бу хара батталга сылдьар эрэйдээхтэри үөрэтэн, харахтарын аһар, өйдөрүн сырдатар санаалааҕа.
– Тойоммут бу Маайаны кытта бииргэ олорон үөрэнэрбитин сөбүлүө суоҕа, – диэбитэ Сүөкүлэ кыыс.
– Хантан кэлбит солобутунан үөрэнэ олоруохпутуй? – Кэтириис тыл кыбыппыта.
– Мин ийэбиттэн көҥүллэтиэм, – диэбитэ Маайа, кини доҕор кыргыттарын кытта бииргэ үөрэниэҕин олус баҕарбыта.
Аркадий Романович өр соҕус саҥата суох олорбута. Биллэн турар, Харатаайап кыыһын бу хамначчыт кыргыттарын кытта бииргэ олордон үөрэттэриэн баҕарыа суоҕа.
– Эһиги төһөҕө арыый соло буолааччыгытый?
– Бу билиҥҥиттэн киэһэ, ынахтары хотонноругар киллэриэхпитигэр диэри.
– Үчүгэй, мин баччаҕа киирэр буолуом.
Бу күнтэн ыла Аркадий Романович, Маайаны тылбаасчыт оҥостон, сэдэх да соҕустук буоллар, хамначчыт кыргыттары кытта киирэн кэпсэтэр, кинилэри ааҕарга үөрэтэр буолбута. Сүөкүлэ кыыс биирдэ истибитин умнубат, көрбүтүн өйдүүр буолан, үөрэҕи олус ылынымтыа этэ. Оттон Кэтириис ыар үлэттэн сылайар, онуоха эбии дьалбаа буолан үөрэппитин умнан кэбиһэр идэлээҕэ.
Аркадий Романович кыргыттары кытта кэпсэтэригэр кинилэр тугу үлэлииллэрин, хамнастарыгар тугу аахсалларын ыйыталаһан, ону кыракый киниискэтигэр бэлиэтэнэн тахсара, ол быыһыгар Сүөкүлэни остуоруйалатара, ыллатара уонна ол остуоруйалары, ырыалары эмиэ киниискэтигэр сурунан иһэрэ.
Сүөкүлэлээх Кэтириис саҥардыы аҕыйах буукубаны билэн, олору холботолоон тыл таһаарарга үөрэнэн эрдэхтэринэ, тойонноро Харатаайап кулуба киирэн кэлбитэ. Кыргыттар, тойонноро киирэн иһэрин көрөөт, хотоҥҥо ыстаммыттара.
Харатаайап кулуба, бөдөҥ гына быһыллыбыт буукубалар остуолга тэлгэтиллэ сыталларын атын кымньыытын уһугунан булкуйа-булкуйа:
– Учуутал, хамначчыттары