Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 8
Сэмэн Уйбаанабыс ону истэн кыыһыран, хаана дьэбин уоста түһэрэ уонна абатыйан:
– Тугу чыыбыргыы олороҕун? Кими сөбүлээтим да, ол киһиэхэ бэргэһэлээн биэриэм… Төрөппүт кыыспын мин бас билэбин! – диирэ уонна, субу тутан таһааран бэргэһэлээн биэриэх курдук, чиччигиниирэ. Ылдьаана, уоттаммыт хараҕынан кэргэнин батарыта көрүтэлии-көрүтэлии, оҕотун саһыарыахтыы кууспахалыыра. Оччоҕуна Маайа, санаатыгар, кыччыырга дылы буолара, хараҕын уута иэдэһинэн сүүрэн мөлбөрүйэн түһэрэ:
– Аҕаа, төһө да миигин бас билбитиҥ иһин… Ити кэлэн олорор уолу букатын сөбүлээбэппин. Сүрэҕим таптаабат буолбутун кэннэ, кинини кытта хайдах олороору барыахпыный?..
Ийэтэ, сүрэҕэ тулуппакка, оҕотун кытта сөбүлэһэ охсоро:
– Оҕом сөпкө этэр… Оҕобун сөбүлээбэт киһитигэр биэрэн ыытыам суоҕа…
Хас уол кэлэн ыйыттардаҕын ахсын, дьэ, ити курдук буолар этэ. Сэмэн Уйбаанабыс улам санааҕа ылларан барбыта. Суох, кыыстаах кэргэнин кыайа туттаҕына сатаныыһы. Туох аатай, наһаа көҥүллэринэн баран эрэллэр. Ол эрээри кини, төһө да ити курдук быһаарыммытын иһин, соҕотох кыыһын ытаппытынан-соҥоппутунан күүһүнэн эргэ биэрэн ыытара ыарахан суол этэ.
Икки сыл иһинэн чугас улуустардааҕы баайдар, атыыһыттар, кулубалар уолаттара бары Маайаҕа сирдэрэн, саакка киирэн төннүтэлээбиттэрэ. Кэнникинэн ыраах Өлүөхүмэ уонна Дьокуускай уокуруктарыттан баайдар уолаттара кэлитэлээбиттэрэ да, кыыс сүрэҕэ сөбүлүүр уолун кыайан булбатаҕа, эмиэ аҥаардастыы сирэн ыыталыыр эрэ аатыгар олорбута.
Харатаайап кулуба кыыһа сириксэнин дьахталлар, эмээхситтэр араастаан үгэргииллэрэ, сиилииллэрэ-одуулууллара. Ол барыта Маайа дьонун кулгаахтарыгар тиийэрэ, иһиллэрэ.
– Ылдьаана, ити эн иитииҥ «үтүөтэ». Аны оҕобут эргэ барымына, кыыһынан олорон кырдьара буолуо, – диэн Сэмэн Уйбаанабыс кэргэнин, игиинэн аалар курдук, биир кэм хомуруйан тахсара.
– Мин оҕобор, Маайаҕа: «Эргэ тахсыма», – диир үһүбүн дуо?
– Сиэр-майгы быһыытынан, эн биһикки сөбүлүүр дьоммут оҕото ыйыттардаҕына, күүспүтүнэн да биэрэр кыахтаахпыт… Онуоха куруутун эн мэһэй буолар үгэстээххин. Көр, онтуҥ «үтүөтэ» ити баар!
– Оҕобут сөбүлээбэт буолтун кэннэ, хайдах күүһүлүөхпүтүй?
– Чаабырҕаан түһэҥҥин, былыр күүһүнэн да эргэ бэриллибит кыргыттар кимнээҕэр үчүгэйдик олорор буолаллара. Кыыс эр киһини кытта биир ороҥҥо сытан туруон эрэ иннинэ сиримтиэ-талымтыа буолааччы…
О, оннук буолбатах! Ылдьаана истэрэ даҕаны, көрөрө даҕаны: төһөлөөх эдэркээн бэйэлээхтэр, таптаабат киһилэригэр дьонноро күүстэринэн биэрбиттэриттэн сылтаан моҥнон, ууга түһэн өлөллөрөй?!.
Аҕыйах сыллааҕыта Кэччээлэр кыыстара Өрүүнэ өлбүтэ. Ол кыыс барахсаны дьоно, баай ыалы кытта уруулаһар баҕатыгар,