Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 9
Арай биирдэ Сунтаар улууһунааҕы Хочо нэһилиэгиттэн баай киһи уолунаан кыыс көрө кэлбиттэр. Ол уол ыйыттарбытыгар туох диирин истээри, ийэлээх аҕата кыыстарын хаппахчытыгар киирбиттэр. Суоһалдьыйа Толбонноох бу кэлбит дьону халыыма ыараханынан чаҕытарга санаммыт.
– Баайдарынан алыс өҥнөр дьон кэлбиттэр, – диэбит Суоһалдьыйа Толбонноох дьоно ыйыппыттарыгар. – Оччо баай буоллахтарына, аны уон хонугунан хоонньоһуннара уолларын аҕаллыннар.
– Хайа, чыычаахпыт оҕото-о, ол аата сөбүлүүр буоллаҕыҥ дии?! – диэн кыыс дьоно үөрэ түспүттэр.
– Аҥаардастыы мин сирэ олорор эрэ ааттаахпын. Билигин бэйэлэрэ сөбүлэһиэхтэрэ суоҕа.
– Хайдах?.. Сөбүлээн, оттон, ыйыттарар буоллахтара дии, – дэһэллэр дьоно.
– Тахсаҥҥыт этиҥ, уолларын миигин кытта хоонньоһуннара аҕалалларыгар, бэйэлэрин сэргэлэриттэн биһиги сэргэбитигэр диэри аттарын уҥа илин атаҕа үктэннэҕин аайы биирдии үрүҥ көмүс манньыаты ууран истиннэр. Ону сөбүлээбэт, ыарырҕатар буоллахтарына, биитэр онуоха үптэрэ-харчылара тиийбэт буоллаҕына, чэпчэки сыаналаах кыыһы кэргэн кэпсэттиннэр.
Дьоно тахсан, уоллаах киһиэхэ кыыстара туох диэбитин барытын кэпсээн биэрэллэр. Суоһалдьыйа Толбонноох бу дьон сөбүлэһиэхтэрэ суоҕа, олус ыарахан диэхтэрэ диэн бөҕөтүк сананан, кинилэр туох дииллэрин таалан, иһиллээн олорбут.
Маҥнай утаа уоллаах киһи, дөйбүт дуу, харбыт дуу курдук, бэрт өр туох да саҥа таһаарбатах. Уолун көрбүтэ, уола: «Сөбүлэс», – диэн көрдөһөрдүү туттар-хаптар, көрөр-истэр эбит. Ол курдук өр соҕус олорбохтоон баран, уоллаах киһи көхсүн этиппит:
– Ол аата ыал устун барар дьон буоллахпыт дии… Эттэҕэ баҕас ыараханын.
– Оҕобут бэйэтэ быспыт сыаната… Биһиги тугун билиэхпитий?.. – диир Суоһалдьыйа Толбонноох аҕата.
– Бэйи, тохтуу түһүҥ. Биһиги оҕобунаан тахсан сүбэлэһэн киириэхпит.
Суоһалдьыйа Толбонноох уйатыгар уу киирэр. Кини аҕыйах хонуктааҕыта Уһук Уйбааҥҥа тылын биэрэн турардааҕа: «Өллөхпүтүнэ эрэ арахсыахпыт!» – диэн андаҕайсыбыттара. Өскөтө ити дьон сөбүлэстэхтэринэ, дьэ иэдээн… Хайдах буолуох бэйэтэй?..
Утаакы соҕус буолан баран, оҕотугар кэргэн кэпсэтэ кэлбит киһи киирэр, көхсүн этитэр, кэтэҕин тарбанар. «Ыарахан» диэри гынар буоллаҕа», – дии санаан Суоһалдьыйа Толбонноох үөһэ тыынан ылар. Уоллаах киһи дьэ бэркэ диэн ыараан, оҥостон олорон эппит:
– Төһө да сыанаҕыт ыараханын иһин, мин оҕом таптыы көрбүтэ оччо… Быстыахпыт дуо, баайбытын барытын да манньыат оҥорон туран, сөпсөһөргө тиийэбит…
Суоһалдьыйа Толбонноох сүрэҕэ тохтуурга, хараҕа хараҥарарга дылы буолбут, төбөтүн хам туттан, оронугар умса түспүт.
Онтон кыыстаах уолу хоонньоһуннартыыр