Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 91
– Биир дьикти суол баар буолла, – Сэмэн сибигинэйэр былаастаан этэр.
«Оо, сорбут да баар буолар эбит. Эмиэ оҕобут биһигини сүгүн олордумаары гыммыт муҥа буолуо дуо?» – дии санаан, Ылдьаана хараҕа хараҥара түһэр:
– Дууһабын эрэйдээмэ, туох баар буолла? Эт!
Сэмэн оҕонньор Ылдьаана аттыгар кэлэн олорор уонна аргыый аҕай этэр:
– Былырыын… Сааһыары кыһын, сыарҕа суола алдьана илигинэ… Чэ, биир тылынан эттэххэ, оҕобут Маайа туһунан ыйытык…
– Көрсөн кэпсэппит оҕо көстүбүт дуо? – диэн Ылдьаана тулуйумуна быһа түһэн ыйытар.
– Бэйи, тохтоо, ыйытык сурук кэлбитэ… Мин ону: «Оҕобут өлбүтэ, онтон атын оҕобут суох», – диэн харда суруйан ыыппытым.
«Оҕобут өлөн баран, үөр буолан, биһигини була сылдьыбытын туһунан истэн ыйытык сурук суруйдахтара. Оо, сааппыт да баар буолар эбит!» – дии саныыр Ылдьаана. Кини, былаатын төбөтүн тииһигэр ытыран олорор, субу ытаан төлө барара чугаһаабыт быһыылаах.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.