Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 88
– Алҕас ылыммыт эбиппин.
– Хайдах?
– Хайдах диэн, эн дьыалаҕын ылынан улахан саакка киирдим.
Маайа туох да диэн, ханна да барыан булбат. Лэгиэнтэй атыыһыт киниттэн хараҕын араарбат, хас хамсааһынын барытын кэтээн көрө олорор.
– Эн Харатаайап кулуба кыыһа буолбатах эбиккин, – диир Уйбаан Сэмэнэбис. – Хайдах ити курдук сирэйэ-хараҕа суох сымыйалыыгыный? Миигин, акаарыны, итэҕэппитиҥ иһин, сууту итэҕэтэр кыаҕыҥ суох!..
Маайа, хос иһиттэн куотан тахсан бараары хаста да өгдөҥнөтөлөөн көрүтэлээн баран, «куоттахпына, ити этэрэ барыта кырдьык курдук көстүө» диэн туттунар:
– Баччааҥҥа диэри кинилэртэн төрөөбүтүм дии саныырым… Хайыахтарай, баай дьон ыал хамначчыта буолбут кыыстарын билиниэхтэрэ дуо?
Уйбаан Сэмэнэбис Маайа этэрин бэркэ диэн сөҥөн олорон истэр. Кини эмиэ бу дьахтар этиитин итэҕэйэр.
– Харатаайап кулуба… «кыыһым… өлбүтэ» диэн суруйбут…
Маайа сирэйэ кубарыйа түһэр. «Кыыһым өлбүтэ…» – диэн ботугураат, кини остуолга төбөтүн ууран ытаан барар. – Миигин «өлбүтүнэн ааҕаллар… Оо, ийэм эрэйдээх төһө эрэ хараҕын уутун тоҕон эрээхтиирэ буолла?!».
Маайа, остуолтан ойон туран, ытыы-ытыы, хоһун диэки барар.
Уйбаан Сэмэнэбис, өр соҕус саҥата суох олорбохтоон баран, Лэгиэнтэй атыыһыкка сибигинэйэр:
– Ама, итинник дьааҥы кыылын курдук нарын бэйэлээх албынныыра буолуо дуо? Суох, кини албынныар сатаммат…
Лэгиэнтэй атыыһыт үүн тиэрбэһин курдук төп-төгүрүгүнэн эриличчи көрүтэлээн кэбиһэр:
– Кини эмискэ сүтэн хаалбытын дьоно, баҕар, «өллөҕө» да диэхтэрин сөп: сүтүктээх сүүс аньыылаах. Итини барытын биһиги Сүөдэртэн бэйэтиттэн истиэхпит. Кини сотору кэлэрэ буолуо, Намҥа тахсар суол төрдүнээҕи күөлгэ кус кэтиир дурданы тута барбыта.
Сотору соҕус Сүөдэр кэлэр. Кинини Лэгиэнтэй атыыһыт Уйбаан Сэмэнэбистиин тэлгэһэҕэ көрсөллөр.
Сүөдэр Уйбаан Сэмэнэбиһи урут бу ыалга олорор эрдэҕинэ хам-түм көрөр буолара. Онон билсэр дьон быһыытынан көрсөллөр.
– Мин эйигиттэн биир суолу ыйытардаахпын, – Уйбаан Сэмэнэбис Сүөдэр дьиэҕэ киирээри гыммытын тохтотор. – Эн кэргэниҥ чахчы Харатаайап кулуба кыыһа дуо?
«Ыйыттаҕа баҕас тугун дьиктитэй, олуонатай?» – дии саныы-саныы Сүөдэр бэрт холку баҕайытык этэр:
– Харатаайап кулуба кыыһа – онно туох баарый?
– Суох… Суох… туох да суох… – дии-дии Уйбаан Сэмэнэбис тэйэ хаамар. Кини Лэгиэнтэй атыыһыттыын олбуор иһигэр иккиэ хаалан, бэрт өр тугу эрэ сибигинэһэн сүбэлэһэллэр.
IV
Маайалаах Сүөдэр быйыл саас хамнастарын аахсан, сүөһүлэрин ылан, туспа ыал буолар баҕаларын Уйбаан Сэмэнэбис кэлэ сылдьан үрэйэн кэбиһэр. Маайа туспа ыал буоларыттан тоҕо эрэ куттанар курдук. Онон Лэгиэнтэй