Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 85
Итирэн хаалан, ити курдук ону-маны кэпсэтэн лахсыһа олорон, Лэгиэнтэй атыыһыт күлэн тэһэ барар:
– Сүөдээр, истэҕин дуо, эн бэйэҥ эмиэ «атыыһыт уола» буола сылдьыбыт эбиккин дии… Дьэ, бэтиэхэ, хэ-хэ-хэ!
Сүөдэр, сирэйгэ сырбаттарбыт курдук, курус гына түһэр. Маайа ханна да барыан булбат. Били Уйбаан Сэмэнэбискэ кэпсээбитин кэмсинэ саныыр.
– Ханнык атыыһыт? – Сүөдэр тойонуттан ыйытар.
– Оттон… Дьаакыбылап кулуба «атыыһыт уола» диэн сымыйа биэксэл оҥорон биэрбитэ… Дьэ, бэтиэхэ, хэ-хэ-хэ! «Хабырыллайап атыыһыт уола». Ха-ха-ха!
Сүөдэр кэргэнин Маайа диэки: «Итини хантан билбиттэрэй?» – диэбиттии көрүтэлиир. Маайа икки иҥин хаана, буспут дьэдьэн курдук, тэтэрэн баран, тугу да саҥарбакка эрэ туран, хоһун иһигэр киирэн хаалар.
Лэгиэнтэй атыыһыт, төһө да холуочугун иһин, дьонун саатырдыбытын өйдүүр. Кини, сыарҕа сыҥааҕа чөҥөчөккө иҥнэн тохтуурун курдук, тохтуу түһэр уонна ньымааттаһан барар:
– Дьэ, ити мин оонньуу кэриэтэ… Өһүргэнимэ дуу! Баҕар, Уйбаан Сэмэнэбис ол дьыаланы сүүйдэҕинэ – эһиги баай дьон буола түһүөххүт.
Сүөдэр тугу да өйдөөбөт. «Уйбаан Сэмэнэбис» диэн кими ааттыылларын, туох «үҥсүүтүн сүүйэллэрин» букатын билбэт.
Итини барытын Маайа бу түүн киниэхэ кэпсиир.
– Ол кумааҕыларбытын ылбыт киһибит сүтэн хаалла дии, – диэн Маайа улаханнык дьиксиммит быһыынан кэпсээнин түмүктүүр.
– Сүттэҕинэ, сүтэ да сырыттын… хаһан эмэ биллиэ, – Сүөдэр мичээрдиир. Маайа кэргэнэ мичээрдээбититтэн туохтааҕар да улаханнык үөрэр. Кинилэр дьоллоро диэн бэйэ-бэйэлэрин истиҥник, үчүгэйдик санаһаллара, итиитик таптаһаллара – ол эрэ.
Уйбаан Сэмэнэбис били Маайаттан ылбыт сымыйа биэксэл кумааҕыларын туппутунан Аркадий Романович Эховка көтөн түһэр. Кини Маайа тугу кэпсээбитин барытын кэпсээн биэрэр. Эхов маҥнай утаа, Харатаайап кулуба аатын истэн, хайдах эрэ чинэс гына түһэр уонна эмиэ саҥата суох сөҥөн олорон истэр.
– Кыыс аата ким диэний? – Уйбаан Сэмэнэбис кэпсээн бүтүүтүгэр Эхов ыйытар.
– Маайа… Мария.
«Ама, били мин үөрэтэ сылдьыбыт кыыһым буолуо дуо?» – диэн санаа Эхов өйүгэр сындыыс курдук түргэнник элэс гынан ааһаат умуллан хаалар.
– Дьаакыбылап ньүдьү-балай, батталлаах, бэйэтин муҥур ыраахтааҕынан ааҕынар кулуба. Онон кини итинник быһыытыйбытыгар киһи дьиктиргиэҕэ суох. Кинини ити оҥоһуутугар сууттатыахха сөп. Оттон ол хамначчыт дьон билигин олорор ыаллара – Лэгиэнтэй атыыһыт Саха сиригэр саҥа үөскээн эрэр эргиэн капиталын биир соллоҥ представителэ. Кини, эмискэ көрдөххө, киһи үтүөтэ. Ханнык баҕарар үлэһитин кытта уруулуу да буоларын кэрэйиэ суоҕа. Ким кыһалҕалааҕы үбүлээччи, салҕааччы