Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 87

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

утарытыгар судьуйа тойон дьоһумсуйан олорор. Кини Уйбаан Сэмэнэбиһи урут хаһан да көрө илик киһи курдук туттар, тыбыс-тымныынан көрүтэлиир. Уйбаан Сэмэнэбис дорооболоспутугар тугу да хардарбат. Өр соҕус ол курдук иҥиэттэн олорбохтоон баран, судьуйа эмискэ күргүйдээн тоҕо барар:

      – Эйигин албын киһи эрэ буолуо дии санаабат этим… Сирэйэ-хараҕа суох сымыйаччы эбиккин!..

      Уйбаан Сэмэнэбис, хаһан да истиэм диэбэтэх тылларын истэн, итии уунан саба ыстарбыт курдук, эт-этэ барыта итийэ түһэр, көлөһүнэ саккырыы тохтор.

      – Судьуйа тойон, мин тугу да сымыйалаабыппын өйдөөбөппүн ээ…

      Судьуйа саҥата суох остуолун дьааһыгыттан дьыаланы ылан иннигэр уурунар.

      – Каратаев кулуба кыыһа – Мария былыргы үйэҕэ өлбүт… Хаһааҥҥыттан эн өлбүт дьон иннигэр үҥсээччи буолбуккунуй? Өлбүт кыыс эйигин ханна көрсөн, үҥүс диэн дьыалатын биэрбитэй? Хаһааҥҥыттан өлбүт дьон дууһалара бу орто дойду суутугар үҥсэр-харсар буолбуттарай?.. Мин үгүс сымыйаччылары көрсүбүтүм да, эн курдук баламат сымыйаччыны көрө иликпин! – диэн баран, судьуйа тойон «дьыаланы» ыраах остуол ортотугар «сар» гына быраҕар. – Бу дьыалаҕар бэйэҕин сууттуохха сөп!..

      – Дьоно билбэттэр… Харатаайап кыыһа билигин эринээн Киллэмҥэ, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха, олороллор… Кыыс дьонуттан күрээн кэлбит, – диэн Уйбаан Сэмэнэбис судьуйа тойону өйдөтө сатыыр.

      – Тоҕо сирэйэ-хараҕа суох сымыйалыы тураҕыный? Аҕата кыыһа хаһан өлбүтүн, ханна көмүллэ сытарын кытта биһиэхэ суруйар. Кими итэҕэйиэххэ сөбүй – эйигин дуу, өлбүт оҕотун көммүт киһини дуу?

      Уйбаан Сэмэнэбис туох да диэн булбат: «Киллэмҥэ олорор дьахтар миэхэ сымыйалаабыта буолуо дуо?.. Суох, хайдах да сымыйа буолуон сатаммат!».

      – Судьуйа тойон, оттон били сымыйанан оҥоһуллубут биэксэллэр?.. Нам улууһун Инородческай быраабатын гербовай бэчээтэ ууруллубут буолбат дуо? Ол эмиэ сымыйа дуу?

      – Былыр үйэҕэ өлбүт дьахтары «тыыннаах» диэн, кини аатыттан үҥсэ сылдьар дьон, итэҕэлгит суох. Ити даҕаны биэксэллэри ким оҥорбута өссө биллибэт.

      Уйбаан Сэмэнэбис олус ыксыыр. Кини билэрэ, сатыыра эрэ – сууттаһыы. Онон аһаан, онон таҥнан, онон үптэнэн олорор киһи судьуйа тойоҥҥо ити курдук итэҕэлин сүтэрэн баран, аны тугунан аһаан, идэлэнэн киһи буоларый?

      Судьуйа, киһитэ ыксаабытын көрөн аһынна дуу, урут куруутун бэрик ыларын өйдөөтө дуу быһыылаах, кини диэки көрүтэлээн баран этэр:

      – Аҕата тугу суруйарын бэйэҥ ылан көр!

      Уйбаан Сэмэнэбис, дьыаланы ылан, Орто Бүлүү кулубата Харатаайап мантан ыйытыыга тугу хардарбытын ылан ааҕар уонна, балаҕан үрдэ барыта кини төбөтүгэр түһэн баттаабытын курдук, саатыттан төбөтүн ньүкүччү туттан, аанын нэһиилэ булан, саҥата суох тахсан барар.

* * *

      Маайа кэргэнэ үчүгэйдик сылдьан кэлбититтэн, оҕото Сэмэнчик үнэн дьиэ иһин биир гына хастыырыттан, сааскы күн сырдыгыттан-сылааһыттан санаата көтөҕүллэн, үөрэ-көтө сылдьар. Ол курдук олордоҕуна дьиэ иһигэр Уйбаан Сэмэнэмис көтөн

Скачать книгу