Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 82
– Итиннэ киһи соһуйара туох да суох, кэргэним ыал хамначчыта буолтун кэннэ, мин бэйэм, эмиэ ыал хамначчыта буолбакка, ханна барыамый? – диир Маайа. Итинтэн салгыы кини хайдах эргэ тахсыбытын, Дьаакыбылап кулуба Сүөдэри хайдах тэрийэн ыыппытын, киниэхэ хайдах сымыйа биэксэллэри биэрбитин барытын сиһилии кэпсиир.
Уйбаан Сэмэнэбис ону истэн олорон: «Хайдах-хайдах баҕайыный?.. Ама ити барыта кырдьык буолуо дуо?» – диэн саарбахтыы саныыр.
Маайа, кэпсии туран, бу киһи кини тылын итэҕэйбэт курдук туттарын өйдөөн көрөр:
– Быһыыта, итэҕэйбэккин ээ?
– Киһи хайдах да итэҕэйиэх буолбатах.
Маайа саҥата суох хоһун иһигэр киирэн хаалар уонна, сотору буолаат, Дьаакыбылап кулуба оҥорон биэрбит биэксэл кумааҕыларын таһааран көрдөрөр.
Уйбаан Сэмэнэбис маннык көстөн турар хара батталы хаһан да көрө да, истэ да илигэ. Ама да, Дьаакыбылап кулуба буолбутун иһин, бу дьыалатыгар хайаан да түбэһиэх, суукка тардыллыах тустаах.
Уйбаан Сэмэнэбис Маайаҕа аргыый аҕай этэр:
– Мин үҥсэр идэлээх киһибин. Суукка-сокуоҥҥа киэҥ билсиилээхпин, онон, Дьаакыбылап кулуба төһө да кыахтааҕын иһин, итинник көстөн турар дьыалаҕа… кыайыллыа. «Үҥүс» диэн миэхэ сурук биэрдэргин, мин үҥсүөм этэ. Оччоҕо Дьаакыбылап кулуба бииринэн – албыннаан, син бэйэтин курдук биир улуус кулубатын кыыһын саакка киллэрбитигэр – саат кутуохтаах; иккиһинэн – сымыйанан суруйан, улуус бэчээтин ууран туоһулаабыт биэксэл кумааҕыларын иһин суукка тардыллыахтаах. Ону эн туох диигиний?
Билигин манна кэргэнэ Сүөдэр баара буоллар, Маайалаах сүбэлэһиэ этилэр. Кини соҕотоҕун итинник дьыаланы тэрийэриттэн олус куттанар, толлор:
– Кэбис, ол биһиги, ыал хамначчыттара, хаһан улуус кулубата тойону суутунан кыайан, саат куттараары, суукка тартараары… Ол үҥсэргэ төлүүр харчы да суох. Кэбис, хааллын!
– Да-а, ону бэйэҥ биллэҕиҥ… Ол эрээри үҥсүбүт киһи хайаан да сүүйэр дьыалата эбит… Туох аатай доҕор, кулуба кыыһын албыннаан, хамначчыкка ойох кэпсэтиннэрэр диэн!
– Оннугун-оннук буолуо да, мин кэргэммин таптыыбын. Мин киниэхэ, саһыл тыһа истээх сонугар, баай-мааны да таҥаһыгар ымсыыран эргэ тахсыбатаҕым – бэйэтин сөбүлээн эргэ тахсыбытым. Кини ыал хамначчыта буоларын билэ-билэбин…
– Ол туһа туспа. Сокуон да быһыытынан, эн бэргэһэлэммит кэргэҥҥин кытта, ким да буолбутун иһин, барсыах тустааххын.
Маайа бу киэһэ Уйбаан Сэмэнэбис кинилэр ааттарыттан Дьаакыбылап кулубаны үҥсэригэр сөбүлэҥин биэрбэт.
Маайа утуйа киирээри турдаҕына Уйбаан Сэмэнэбис этэр:
– Бу түүн барытын үчүгэйдик ыараҥнатан көр, сөбүлэһэр буоллаххына, мин, баҕар, харчыта-соболоҥо да суох үҥсүө этим. Оттон дьыаланы сүүйдэхпитинэ – мин эрэйбин бэйэҕит саныаххыт, туох да тахсыбатаҕына, – хааллаҕа ол. Киһи оччону эрэйдэнэр.
Маайа, тугу да саҥарбакка, хоһугар киирэн хаалар. Оҕото