Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 78

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

сүр ыараханнык үөһэ тыынан ылар:

      – Мин… биһиги эмиэ, син эһиги билиҥҥигит курдук, дьадаҥы дьон этибит. Мин бэйэм Бороҕон улууһун киһитэбин… Ити кэргэним Суотту – эмиэ Бороҕон улууһа. Биһиги, ас-таҥас кыһалҕаланан, куоракка киирбиппит. Онно ити билиҥҥи Микииппэрэп атыыһыт аҕатыгар Манньыаттаах оҕонньорго үлэҕэ кэпсэппиппит. Ол олордохпутуна кыыс оҕо төрөөбүтэ. Мин онно саныырым: «Ама миигиттэн ордук дьоллоох киһи бу дойдуга баар үһүө!» – диэн. Кырдьык, үчүгэйкээн диэн бэйэлээх оҕо этэ. Оччоҕо Манньыаттаах оҕонньор саҥа байан эрэрэ. Кини обургу иҥсэтин, кини обургу сүрэҕин-бэлэһин көрүө этигит?! Байар дьулууругар түүн утуйар диэни, күнүс олорор диэни билбэт этэ. Мин түүн кинилэр лааппыларын маныырым. Күнүс лааппыга таһаҕас таһарым, сүгэрим-көтөҕөрүм. Биһиги кини үлэһиттэрэ олорор дьиэлэрин аан хоһугар олорорбут. Харытыана дьиэни көрөр, сууйар-сотор, оһоҕун оттор этэ. Бу дьиэҕэ кэлээччи-барааччы элбэҕэ, хас түүнүн аайы арыгы да арыгы, хаарты да хаарты буолан тахсара. Хас түүн аайы айдаан, охсуһуу. Биһиэхэ оҕобутун суулуур таҥас диэн оччоҕо суоҕа. Онон бу дьиэҕэ олордохпутуна үс ыйдаах оҕобут тымныйан, сэбиргэхтэтэн… аҕыйах хонон хаалбыта. Онно: «Миигиттэн ордук сордоох аан дойду үрдүгэр ким баар буолуой?» – дии санаахтыырым…

      Харытыана эмээхсин хараҕын уутун соттор. Ийэ сүрэҕэ билигин да хаанынан ытыыр быһыылаах.

      Маайа бу дьон сүрэхтэрин бааһын таарыйбытын кэмсинэ саныыр.

      Лэгиэнтэй атыыһыт, саҥата суох олорбохтоон баран, көхсүн этитэр уонна оргууй аҕай кэпсээнин салгыыр:

      – Ол оҕобут өлбүтүн кэннэ кэргэним иккистээн ыарахан буолбута. Биһиги «маҥнайгы оҕобутун куорат абааһыта сиэтэҕэ» диэн, иккис оҕобут төрүөн иннинэ тыаҕа, Суоттуга, тахсыбыппыт… Онно уол оҕо төрөөбүтэ. Ньукулай диэн ааттаабыппыт. Оҕобут биэһин туолуор диэри тыаҕа олорбуппут. Биэһин туолар сааһыгар оҕобут биир киэһэ «төбөм ыалдьар» диэн сыппыта. Түүнү быһа оҕобут этэ кутаа уотунан умайбыта. Биһиги, тугу да гыныахпытын булумуна, ыксаан, иккис түүнүгэр ойууну аҕалан кыырдарбыппыт. Ол ойуун кыыра турдаҕына, бу ийэтэ сордоох көтөҕөн олордоҕуна – оҕобут тыына быстыбыта.

      Хос иһэ уу чуумпу. Харытыана эмээхсин хараҕын уута остуолга таммалыыр. Лэгиэнтэй атыыһыт да улаханнык уйадыйан олорор быһыылаах. Маайа хараҕын уутун эмиэ кыаммат. «Оҕо диэн – төрөппүттэр сүрэхтэрин чопчута» диэн тыл номоҕун өйдөөн кэлэр. Кини бу ыарахан буолуор диэри оҕо туһунан санаабат да этэ. Оттон билигин, дьон оҕо туһунан кэпсэттэхтэринэ, долгуйа истэр.

      Лэгиэнтэй атыыһыт, хараҕын уутун туора соттон кэбиһэн баран, эмиэ кэпсээнин салҕаан барар:

      – Оҕобут өлөрүгэр Харытыана эмиэ ыарахан этэ. Оҕобутун таһаарар күммүтүгэр… итэҕэс… өлбүт оҕо түспүтэ. Олох, сатамматаҕына, оннук наар аанньа буолан иһэр быһыылаах. Ол кэнниттэн бу кэргэним харааччы иирэн хаалбыта. Мин бэйэм да, итирик киһи курдук, иннибин-кэннибин билбэт буолан сылдьарым. Тугу да гыныахпын булумуна, оҕом аһыытын арыгы аһыытынан сууйа, аһара сатыырым. Арыгы аргыһа – хаарты… Арыгылыыр буолан баран, аны хаартыһыт буолбутум. Ол сылдьан, биир түүн ааппын билбэт буола байарым,

Скачать книгу