Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 76

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

ону көрөн: «Э-э, тугу да билбэт оҕочоос сордоох эбит. Булан-булан талан ылбыт да сүөһүтүн: уҥуоҕунан үгүс бургунастартан кыраларын ылаахтаабыт», – дии саныыр.

      Сотору соҕус дьиэҕэ киирэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыт Маайалаах Сүөдэр олороллоругар биир туспа кыракый хоһу аныыр.

      Суолтан сылайбыт дьон ороннорун оҥостон сыталлар да, уулара кэлбэт. Ынахтарын ыан бүтэн, Балбаара кыыс киирэр. Кинини кытта Лэгиэнтэй атыыһыт тугу эрэ кэпсэтэн ботугуруур. Кыыс ытыыр саҥата иһиллэр. Киирии-тахсыы, кэлии-барыы хойдор. Маайа бу сытан өйдөөтөҕүнэ, хамначчыт кыыстарын үүрэр быһыылаахтар.

      – Сүөдээр, бу ыалбыт кыыстарын үүрэн эрэллэр быһыылаах… Итини билбиппит буоллар, манна үлэҕэ киирэргэ кэпсэтиэ суох этибит.

      Сүөдэр тугу да саҥарбат. Хамначчыт кыыс эрэйдээх олорбут, үлэлээбит сириттэн үүрүллэрэ ыараханын, кыһалҕалааҕын кини үчүгэйдик өйдүүр.

      – Аны сөбүлэппэккэ, үүрүллэрбит буолуо.

      – Мин билэр ыалым, тоҕо үүрдэхтэрэй.

      – Туох-ханнык майгылаах ыалга түбэстибит буолла?

      – Хотуммут Харытыана саҥата-иҥэтэ суох көнө майгылаах эмээхсин… Тойоммут Лэгиэнтэй киириилээх-тахсыылаах киһи. Кини киһини көрдөрөн туран албынныыр, ону хата билиминэ да хаалаҕын. Уруккута оннук киһи этэ. Хайдах да буолтун иһин – Дьаакыбылаптаахха олорбуппут курдук буолуо суоҕа.

      – Айыы тойон таҥара, оннук эрэ буоллар!

      Сотору соҕус Сүөдэр утуйан муннун тыаһа хаһыҥыраан барар. Маайа уута букатын кэлбэт. Кини өйүттэн: «Хайдах эрэ манна олоробут?» – диэн санаа арахпат. Ол курдук сытан, Маайа устунан нухарыйан утуйан барар. Кини түһээн төрөөбүт Төгүрүк алааһыгар тиийэр, сибэкки хомуйа-хомуйа оонньуу сылдьар эбит. Күн халлаан оройуттан чэмэличчи тыган турар. Онтон… арҕаа диэкиттэн хара былыт өрүкүйэн тахсар, күнү хаххалаан саба халыйар, этиҥ этэр. Маайа дьиэтигэр төннүөх санаалаах да, холорук кэлэн сөрөөн, кинини тыа маһын үрдүнэн мас сыыһын курдук көтүтэн илдьэ бара турар. Кини дьонун аах дьиэлэрин үрдүнэн көтөн ааһан иһэн көрбүтэ: ийэтэ, ытыы-ытыы, икки илиитин киниэхэ ууммутунан сырсан иһэр, уонна… Маайа «һу-у!» диэбитинэн уһуктан кэлэр.

      Маайа эмиэ өр утуйбакка сытар. Кини санаатыттан дьоно, ийэтэ арахпат. Ийэлээх аҕатыттан, төрөөбүт дьиэтиттэн арахпыта төгүрүк сыла туолара чугаһаата.

      «Ийэм сордоох, миигин сүтэрэн, төһө эрэ ытаан-соҥоон муҥнанна буолла?» – диэн санаатыттан Маайа ытамньыйан ылар. Оо, кини ийэтин, төрөөбүт сирин күүскэ да ахтыбыт! Сотору-сотору үөһэ тыынан ылыталыыр. Этэ умайар, уута кэлбэт.

      «Дьонум аах, миигин сүтэрэн баран, туох дии санаатылар буолла?.. Өлбүтүнэн ааҕаллара буолуо эбээт… Хайдах гынан кинилэргэ тыыннаахпын биллэриэмий?.. Билигин кэлэн, буолуох буолбутун кэннэ, биллэрэн да диэн…»

      Маайа уута кэлбэт. Хотуна тугу үлэлиирин эппитэ буоллар туран, үлэлээн барыа эбит. Тугу соруйалларын, тугу оҥоруохтааҕын билбэт буолан сытар. «Ороммун атыҥыраан уум кэлбэт буоллаҕа», – дии саныыр. Ханна эрэ дьон оһуокайдыыр саҥалара иһиллэр. Маайа туран хоһун түннүгүн аһар. Аһаҕас түннүгүнэн үҥкүү тойуга

Скачать книгу