Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 79

Бу түүн Лэгиэнтэй, итиригэр тэптэрэн, хаартытын көрдөрөн олорон көтүтэр, тиэрэ өттүгэр уурар этэ. Ону ким да өйдөөн көрбөт. Кини дьонун барытын сүүйтэлиир.
Харчылара бараммыт дьон туораан биэрэллэр. Саҥаттан-саҥа дьон табах силиһин кырбыылларыттан быһаҕынан быһыта кэрдиллибит, ортотун сылабаар турбатын уоттаах чоҕо түһэн дьөлүтэ сиэтэлээбит остуолугар кэлэн олороллор. Кинилэр өр буолбаттар – сүүйтэрэ-сүүйтэрэ тэйэн иһэллэр.
Албыннаан сүүйэн ыла олорор харчытын Лэгиэнтэй тугун харыстыай – арыгы ыллартарар. Ол курдук, арыгылааһын быыһыгар хаарты оонньуута, хаарты оонньуутун быыһыгар арыгылааһын. Итирэллэр-кутураллар.
Дьон барыта итирэн охтубутун кэннэ, көмүстээх тайҕаттан куоракка киирэн иһэр киһи кэлэн остуол аттыгар олорунар.
– Хаартылыах! – диэн баран ол киһи, күрдьүөттээбит оҕус курдук, хараҕын муҥунан көрөн кэбиһэр.
– Суох, оонньообоппун, – диир Лэгиэнтэй хайдах эрэ дьулайан.
Тайҕаттан сылдьар киһи Лэгиэнтэйи, уолугуттан харбаан ылан, ороҥҥо тиэрэ баттыыр:
– Оонньообот буоллаххына – ыт курдук өлөрөн кэбиһиэм!
– Туохтааххыный?.. Харчыгын барытын сүүйтэрбитиҥ буолбат дуо?
Тайҕа киһитэ Лэгиэнтэй хабарҕатыттан илиитин ыһыктан кэбиһэр уонна кини аттыгар ороҥҥо олорор. Тугу да саҥарбакка эрэ, ыстаанын тимэхтэрин төлөрүтэр. Өр соҕус ыстаанын иһин хаһыспахтаан баран, добуоччу улахан мөһөөччүгү сулбу ойутан таһааран, Лэгиэнтэй сирэйин иннигэр ыараҥнатар:
– Сүүй!.. Байыаҥ!.. Бу барыта – кыһыл көмүс!
Лэгиэнтэй, бу киһи көмүһүгэр ымсыыран, хараҕа кэҥии түһэр. Сиэбиттэн хаартытын ылбытын бэйэтэ да билиминэ хаалар. Эмиэ имик-самык чүмэчи уотугар иккиэ буолан хаартылаан бараллар. Саҥата суох, илиилэринэн уонна харахтарынан: «Сабыыта биирдии мөһөөк!.. Көмүс уон сабыыга барар!» – кэпсэтэн кэбиһэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыт маҥнай утаа иккитэ барар. Бу киэһэни быһа оонньоон ылбыт харчытыттан мөһөөккө тиийбэт харчы хаалар. Икки хараҕын быһа симэн баран быһар. Кини икки хаартыны уурар… Онтукалара иккиэн эрэ бардахтарына, сүүйтэриэхтээх. Алын хаартыта сирэй баран тахсар. Кини, хаартытын көрбүтэ буола олорон, барбыт хаартытын аллара түһэрэн кэбиһэр. Иккис хаартыта, хайа муҥун, ылан тахсар.
– Баар! – хаартытынан остуолу сырбатар.
Итирик киһи кини албыннаабытын өйдөөбөт. Иккис ууруутугар, үсүһүгэр эмиэ иккилии хаартыны ууран сүүйтэлиир. Киһитэ кини албынныырын букатын билбэт, өйдөөбөт. Ол курдук, сарсыарданан, тайҕаттан сылдьар киһи көмүһүн «сүүйэн» ылар.
Көмүһүн сүүйтэрбит киһи, Лэгиэнтэйтэн биир иһит арыгы атыыта харчыны көрдөөн ылан баран, тиийиэх буолбут куоратыгар тиийбэккэ эрэ, эмиэ көмүс көрдүү Тайҕаҕа төннөр.
«Албыннаабатаххына,