Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 83
Хонон тураллар. Аһаан бүтэн иһэн Уйбаан Сэмэнэбис, мичээрдии-мичээрдии, Лэгиэнтэй атыыһыкка этэр:
– Мин бөөлүүн букатын да утуйбатым диэххэ сөп.
– Ороҥҥор табыллымына дуо? – Лэгиэнтэй атыыһыт соһуйа түһэр.
– Суох, оронум бэрт үчүгэй. Ити Маайа бэҕэһээ киэһэ миэхэ кэпсээбититтэн.
Маайа сирэйэ кытара түһэр. Кини, ханна да барыах сирин булбакка, сирэйин сылабаар кэннигэр саһыарар. Лэгиэнтэй атыыһыт кини сирэйин өҥөҥнүү-өҥөҥнүү көрөр, улаханнык соһуйар:
– Оннук, ол тугу кэпсээбитэй? Биһиэхэ олорбута икки сыла буолуох буолла да, тугу да кэпсии илик… Хоноһобутун, ол тугу кэпсээн, утуппатыҥ? – Лэгиэнтэй атыыһыт Маайаттан ыйытар.
Маайа, кыбыстан, сирэйэ кытарар.
– Мин тугу да кэпсээбэтэҕим. Олоҕум туһунан ыйыппытыгар эппитим…
– Маайаны кыбыһыннарымаҥ. Кини туох да куһаҕаны кэпсээбэтэҕэ. Дьаакыбылап кулуба, албыҥҥа үктэннэрэн, Орто Бүлүү Харатаайап кулуба…
– Тыый, доҕоор, ол Сэмэн Харатаайап тугун албыннаппытый?
– Бу кини оҕото үһү эбээт, – Уйбаан Сэмэнэбис Маайа диэки ыйар.
Дьэ онно көрүө этигит Лэгиэнтэй атыыһыт сирэйэ хайдах кубулуйбутун, хайдах хараҕа тиэрбэс курдук эрилийбитин! Мэктиэтигэр, кини сэҥийэтэ икки ыыраахтаах курдук буолар.
– Ама… ама… ити кырдьык үһүө?
Уйбаан Сэмэнэбис Маайа диэки көрөн кэбиһэр:
– Маайаттан бэйэтиттэн ыйыт.
Лэгиэнтэй атыыһыт, тугу да булан саҥарымына, Маайа диэки көрүтэлиир, чыпчырыммахтыыр, дьэ ол кэнниттэн ыйытар:
– Маайа, ама… дьэ ити хайдаҕый?
Маайа, аҕата улуус кулубата Сэмэн Харатаайап буоларыттан сааппыт курдук, сирэйин кистии соҕус туттар:
– Кырдьык… Мин аҕам Харатаайап…
Маайа ити эппит тыла остуолу тула олорор дьон санаатын, кутаҕа үктэннэххэ киһи атаҕын тула от үмүөрүһэрин курдук, үмүрү тардан ылар. Дьиэ иһэ уу чуумпу буолар, арай истиэнэҕэ ыйанан турар эргэрэн хаалбыт мастаах чаһы «чып-чап, чып-чап» тыаһыыра эрэ иһиллэр.
Өр соҕус саҥата суох олорбохтоон баран, Лэгиэнтэй атыыһыт аргыый аҕай этэр:
– Киһи эҥин-эҥини да истэр.
Маайа, аа-дьуо туран, хоһун иһигэр киирэр. Кини сыттыгын анныттан Дьаакыбылап кулуба оҥорон биэрбит биэксэл кумааҕыларын таһаарар.
Уйбаан Сэмэнэбис хара тордох бэчээти кыҥастаһа-кыҥастаһа көрөр. Бу чахчы Нам улууһун Инородческай управатын гербовай бэчээтэ ууруллубут. Ол аата бу сымыйа биэксэллэргэ туох этиллибитин барытын улуус кулубата туоһулаабыт. Онон бу кумааҕыларынан Сүөдэр харчы иэстэһэр, үҥсэр кыахтаах. Оттон сымыйанан оҥоһуллубут биэксэллэр чахчы сымыйалара дакаастаннаҕына, маны туоһулаабыт, «чахчы» диэн бэчээти уурбут Нам улууһун кулубата хоруйга, суукка-сокуоҥҥа тардыллыахтаах.
Сымыйа