Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 84

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

дылы буолан ылар. Кини Лэгиэнтэй атыыһыт тылын эмиэ да итэҕэйэр, эмиэ да итэҕэйбэт. «Байар баҕатыгар киһи дууһатыгар тиийэллэрин да кэрэйбэт буолбут дьон кырдьыктара да диэн», – дии саныыр арыт. Итинтэн ыла Маайа, ыар санааҕа хам баттатан, саҥата, оонньуута сүтэн, кырдьаҕас эмээхсин курдук, төбөтүн умса туттан сылдьар буолар.

      Оо, көһүттэххэ күннэр-ыйдар барамматтара, уһуннара сүрүөн! Маайа икки киһини көһүтэн эрэй бөҕөнү көрөр. Биллэн турар, бастатан туран, таптыыр кэргэнин, доҕорун Сүөдэри. Иккис көһүтэр киһитэ – Уйбаан Сэмэнэбис. Ол күүтэр дьоно кэллэр кэлбэттэр. Маайа утуйар уута уу буолбат, уоскуйар, санаатын аралдьытар сирин булбат, киэҥ көхсүлээх бэйэтэ тулуйбат, ыксыыр.

      Күн уһаан, халлаан ырааһыран, сырдаан барар. Тэлгэһэ хаарын буор-сыыс быһыта сиэн, чалбахтар тахсыталыыллар. Күнүһүн сылаас, киэһэтин-сарсыардатын тымныы, дьыбардаах күннэр кэлэллэр. Ити аата сотору Сүөдэр таһаҕас таһар суола алдьаныа, онон кини кэлиэ! Маайа, кыахтааҕа буоллар, күнү хас сарсыарда турдаҕын аайы өрө үтэйэн, үөһэ күөрэтэн, саас кэлиитин түргэтэтэн биэриэ этэ.

      «Сааскы халлаан курдук кубулҕаттаах» диэн өс хоһооно баар. Биир күн ириэриэх, суолу алдьатыах курдук буолан баран, иккис күнүгэр дьэбин уостан, иккистээн кыһыны аҕалан, тыбыс-тымныынан тыынан кэбиһэр. Маайа маннык тымныы, курус күннэргэ санаата ордук алдьанар. Ол эрээри, кэлэн иһэр аата кэлэн иһэр! Сылаас, сырдык күннэр үксээн, күн уота үрүҥ хаартан тэптэрэн киһи сирэйин харааччы сиир. Сыарҕа ыллыгын суола, өстүөкүлэ таас курдук, кылбайар. Маннык күннэргэ сыарҕа ыллыктара араас музыка тойугун түһэрэллэр. Оннооҕор Өлүөнэ өрүс устун айан суолунан иһэр киһи атын саттыыр саҥата, сарсыардааҥҥы дьыбарга тэптэрэн, сүүс төгүл улаатан, дуораһыйан, бырааҥҥа тиийэ тарҕанар. Сааскы дьыбардаах сарсыардаларга тоҥсоҕой тэҥкэ харыйатын хаппыт мутугун туора миинэн олорон турулаччы тоҥсуйара сүүһүнэн барабаан тыаһа буолан иһиллэр. Бу сааскы музыка киириитэ – увертюрата!

      Бу кэнниттэн дьиҥнээх уордаах охсуһуу музыката – Өлүөнэ өрүс уһун кыһын устата хам баттатан сыппыт халыҥ мууһун хайыта тэбэр музыката – ньиргийэр! Ол музыкаҕа улуу күүс уһуктуута, дохсун этиҥ этиитэ, кэлэр кэскил тойуга иһиллэр!..

      Суол алдьанара ыраах, Маайа хаста таһырдьа тахсар да, соччото, төһө үөһэ тахсар буолбутун көрөөрү, күнү одуулаһара. Киллэм хонуутун хаара улам бороорон, сорох сирдэринэн харалдьыктар тахсан бараллар.

      Бу күннэргэ Маайа куруутун: «Сүөдэр бүгүн кэлэрэ буолуо!» – дии саныыр, күүтэр. Дьиэ иһигэр сылдьар буоллаҕына аантан хараҕа арахпат, оттон таһырдьа таҕыстар эрэ суолу кэтиир. Суох, Сүөдэр биллибэт. Суол алдьанан барар. Оннооҕор Лэгиэнтэй атыыһыт:

      – Киһибит хойутаары, суолга былдьатаары гынна, – диэн дьиксинэ быһыытыйар.

      Арай, биир киэһэ, Маайа оҕотун Сэмэнчик оронун оҥоро турдаҕына, олбуордарын иһигэр элбэх сыарҕалаах ат киирэр тыаһа курулаан иһиллэр.

      «Сүөдэр кэллэ!» – дии санаан Маайа, оҕотун Сэмэнчиги оронугар олордоот, таһырдьа сүүрэн тахсар. Кырдьык, Сүөдэр кэлэн аттарын баайталыы турар эбит. Кини Маайаны көрөөт:

Скачать книгу