Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 89
– Өлөн хаалбыта… Өлөн да диэн, манна киһи суоҕуна эттэххэ, сүтэн хаалбыта. Ону биһиги «кырдьаҕаспыт», көрүүлэнэн, моҥнон баран, ууга барбыт диэбитэ… Дьэ, онтон ыла… сатамматар эрэ барыта наар аанньа буолан иһээччи… Ээ, бу сирэйэ сытыйбытыҥ баара, ынахтарбын киллэртиирбин харааччы умнан кэбиһэн баран олорор эбиппин буолбат дуо?! – диэн эмээхсин, кэпсээнин ситэрбэккэ эргэ сону кэтэн, борооххой саал былааты баанан, таһырдьа тахсан барар.
Уйбаан Сэмэнэбис эмээхсин кэпсээнин ситэрбэтэҕиттэн кыһыйа саныыр. Сотору уокка ууруллубут алтан чаанньык оргуйан, уута таһынан барар. Ким да суоҕун көрөн, Уйбаан Сэмэнэбис ол чаанньыгы тыаҕа тардар.
Өөр буолан баран, били таһырдьа «сүөһүлэрин киллэртии» барбыт эмээхсин, аны оһоҕун кэнниттэн, хотонуттан тахсан кэлэр. Эмээхсин, сонун устаат, саал былаатын көхөҕө ыйаат, аны чэй кутар айдааныгар түһэр. Таһырдьаттан киирбит эрэ киһини чэйдэтэр, итии киллэрэр уонна кинини кытта ону-маны кэпсэтэр – саха ыалын абыычайа.
Уйбаан Сэмэнэбис, чэйдии олорон, били эмээхсин ситэрбэтэх кэпсээнин ситэ истээри:
– Дьэ, ол оҕолоро сүппүтүн кэннэ? – диэн ыйытар.
– Ы-ы-ы! Киһи баччаҕа, таһырдьа хараҥа буолтун кэннэ, кэпсэппэт, саҥарбат үлүгэрэ кэлбитэ… Харатаайап кулубалаах кыыстара илэ сылдьар абааһы буолбута… Үс аарыма ойуун, кэрэх көтөҕөн үтэйэннэр, билигин биллибэт… Дьэ, онтон ыла…
Уйбаан Сэмэнэбис этэ тымныйан, куйаҕата ытырбахтаан ылыталыыр. «Ама, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха олорор дьахтар – илэ сылдьар дэриэтинньик буолуо дуо? – диэн санаа өйүгэр көтөн түһэр. – Сымыйа буолуо, ама, дэриэтинньик, киһи курдук, эрдэнэн, оҕо төрөппүт үһүө».
Тииһэ суох эмээхсин ол киэһэни быһа Харатаайап кулуба кыыһа Маайа хайдах абааһы буолан сылдьыбытын, тугу оҥорбутун кэпсиир:
– Сэгэриэм, манна киһи суоҕар эттэххэ, Сэмэн кулуба бэрт тордурҕас, дохсун майгылаах киһи этэ… Кини быһа-хото баттаабыта төһө да иһиллибэтэҕин иһин, баттыгаһа суох баай диэн баар буолуо дуо? Мин оҕонньорум күн бүгүнүгэр диэри киниэхэ хас сайын аайы отун оттуур, кыһынын аайы маһын мастыыр да – киһи ыллым ээ диир гына илиитигэр тутан хамнаһын аҕалбыта диэн суох… Ити, манна киһи суоҕар эттэххэ, Улахан Эбэ диэн сири хордорбут аньыыларыгар оҕолорун Эбэ иччитэ ылан барбыта… Көр, Эбэ иччитэ уу түһэригэр дьахтар буолан Бөчөөх оҕонньордооххо киирэн тахсыбыт этэ…
Уйбаан Сэмэнэбис эмээхсин кэпсээнин маҥнай утаа олус сонургуур, онтон кэлин, итэҕэйиминэ, истиэн да сүрэҕэлдьиир. Эмээхсин кэпсээнин ис хоһооно барыта «үөр», «Эбэ иччитэ», «абааһы» этэ.
Эмээхсин, Уйбаан Сэмэнэбис итэҕэйэригэр-итэҕэйбэтигэр кыһаллыбакка, кэпсии-дойҕохтуу олорор:
– Улахан Эбэ хоруутун хаһалларыгар бэрт үгүс киһи хара көлөһүнэ тохтубута. Буорун хааһахха хаалаан, быанан соһон таһаараллара. Оннук дириҥ хорууну хаспыттара. Көр, улахан сири тыытар, хорор – бэрт аньыылаах