Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 12
– Ийэкээ, сип-сибилигин тахсыам. Ити туох ыалдьыттара дуу, хоноһолоро дуу кэллилэр?
– Дьиэҕэр таҕыс, кимнээх кэлбиттэрин бэйэҥ көрүөҥ!
– Ийээ, сип-сибилигин тахсыам, – дии-дии Маайа икки чанчыгын баттаҕын өрө имэринэр, синньигэс биилин ааһа түспүт ыас хара суһуохтарын өрүүлээх төбөлөрө өһүллүбүтүн оҥостон барар. Хотуннара тахсарын кытта кыргыттар эмиэ бүлүүсэлэрин үрдүгэр төбөлөрө үмүөрүһэ түһэр. Көрбүттэрэ: иҥиир утахтара, хамсаабат буола өһүллэн баран, хайыы-үйэҕэ сойон хаалбыт ууга бэйэ-бэйэлэрин туора түһэн сыталлар эбит.
– Хайа, ити аата туох буолууһуктарый? – диэн кыргыттар Сүөкүлэттэн ыйыталлар.
– Ким билэр. Ити хотуммут Ылдьаана киирэн аралдьытан кээһэн, туох буоларын көрдөрбөтө дии.
Кэтириис, хоруорбут хардаҕас төҥүргэстэрин үөттүрэҕинэн холботолоон баран, эбии хардаҕастары уурбутугар балаҕан иһэ сырдыы түстэ.
– Э-э, иккистиэҕиҥ, – диэтэ ким эрэ саҥата.
– Чэйиҥ!.. Кэтириис, маны тоҕон, чаанньыктан сылаас уута кутан аҕал, – Сүөкүлэ, иккистээн сэрэбиэйдээри, эмиэ иҥиир утахтары хатаары оҥостор.
Маайа, саҥа сэрэбиэй тугунан бүтэрин көрөөрү, саараан турбахтаан баран:
– Кэбис, хойутаатахпына ийэм мөҥүө, – диэт, кырса тыһа истээх сонун санныгар иилиммитинэн тахсан барар.
Маайа хаппахчытыгар ааһан иһэн хараҕын кырыытынан көрбүтэ: сүүрбэтиттэн тахсыбыт бадахтаах, сылластыгас уостаах, эһэ арҕаһын түүтүн курдук, өрө тура сылдьар баттахтаах, маҥан малтаҕар сирэйдээх, сукуна-солко таҥастаах эдэр киһи, «мин дуо» диэбиттии, тиэрэ түһэн чынайан олорор. Кини аҕата күрэҥсийэн көстөр бытыктаах, тимир-тамыр курдук көрбүт аҕамсыйа баран эрэр киһи эбит. Кинилэр, холку бэйэлээхтик туттан, дьиэлээх тойону кытта кэпсэтэ олороллоро.
Ааҥҥа Маайа көстөрүн кытта, уол акаары баҕайытык ымас гынна, «сэгэрим бу баар эбиккин!» диэбиттии, тонолуппакка одууласта.
Киэһэ дьиэлээхтэр, остуол тардан, хоноһолорун күндүлүүллэр-маанылыыллар.
Маайа, аһыы олорон, эдэр киһини үчүгэйдик сирийэ көрөр. Хоноһо уол, оҕонньоттор кэпсэтэллэрин истэ-истэ, туох да солуута суохтук күлэн, сылластыгас уостара ымайаллар. Аһыылларын устата кыараҕас соҕус ыйаастыгас хараҕын Маайаттан араарбат. Арыт, кыыс сирэйин супту көрөн олорон, тугу эрэ этээри гыммыт курдук, уоһун чорбоҥнотор.
«Быһыыта, далай ааргы эрэйдээх», – дии саныыр Маайа уонна уол ити туттарыттан-хаптарыттан хайдах эрэ күлүөх санаата кэлэн, мичик аллайан ылар. Ол ахсын хоноһо уол үөрэн ымайар, бөдөҥ саһархай тиистэрэ килэҥнэһэллэр.
Харатаайап кулуба улахан дьиэтин түннүктэрэ түүн хойукка диэри чүмэчи уотунан сандаараллар. Икки улуус кулубалара, атах тэпсэн олорон, бэрт үгүһү эргитэн сэһэргэһэллэр. Кинилэр бу киэһээҥҥи кэпсэтиилэрин үксэ соҕурууттан көскө кэлэр «судаарыскайдар» тустарынан буолла. Хас сыллата аайы көскө кэлэр дьон ахсааннара үксээн, элбээн иһэр. Улуус кулубаларыгар ол бэрт элбэх түбүгү, кутталы үөскэтэр. Дьаакыбылап