Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 14
Сайын, арай биирдэ, от үлэтин үгэнин саҕана Дьаакыбылап кулуба Сүөдэр диэн хамначчыт уолун таба көрөн: «Көр, бу адьарайыҥ баара сирэйинэн нарын, уҥуоҕунан көнө быһыылаах эбит ээ», – дии санаабыта. Бу уол уон иккитин туола илигинэ дьоно өлбүттэрэ. Сүүрбэччэ сүөһүлээх, сэнэх соҕустук олорбут ыал баайын сиэри, Дьаакыбылап кулуба Сүөдэри иитэ ылабын диэн ааттаан ылбыта.
Бэйэтэ төрөппүт оҕолоох баай ыал иитиэх ылбыт оҕото кулут буолар үгэстээх. Ол үгэс Сүөдэр эрэйдээҕи эмиэ тумнубатаҕа. Кини санныгар кэтэр таҥаһа суох, буорга-сыыска булкуллан, хамначчыттар балаҕаннарыгар улааппыта. Дьүдьэйэн өлүөх уолу, хата, Сөдүөччүйэ эмээхсин аһынан, көрөн-харайан, эргэ таҥаһыттан, нэк суорҕан илдьиркэйиттэн таҥас тигэн, дьон атаҕастыырыттан, сынньарыттан көмүскэһэн, уон алтатыгар тиэрдибитэ.
Биирдэ кыһын сүөһүнү уулата сылдьан, тиҥэһэ кунаны миинэн ойбоҥҥо сүүрдэн киирэн иһэрин тойоно Дьаакыбылап кулуба көрсөн, Сүөдэри ат тараахтаах кымньыытынан таһыйбыта. Онтон абаран, уол Киллэм дэриэбинэтигэр Лэгиэнтэй атыыһыттаахха күрээн киирбитэ.
Лэгиэнтэй диэн саха атыыһыта. Кини кэргэнинээн хас да оҕону көмөн, ытыстарын соттон олороллоро. Бу оҕото суох ыал Сүөдэри, олус баттаабакка-атаҕастаабакка, үлэһит оҥостубуттара. Лэгиэнтэй атыыһыт хас куораттаатаҕын аайы уолу илдьэ киирэрэ. Сүөдэр ол сылдьан, кыратык да буоллар, нууччалыы кэпсэтэр, ахсааны бэлиэтиир буола үөрэммитэ.
Дьаакыбылап кулуба маҥнай утаа кыра уол күрээбитин соччо кумаардаабатаҕа, сылгылаппатаҕа даҕаны. Ол курдук үс сыл кэриҥэ ааспыта. Арай биирдэ кини, куораттан тахсан иһэн, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха таарыйбыта. Манна кини били «иитиэх уолун» Сүөдэри көрбүтэ. Бу кэмҥэ Сүөдэр балай да улааппыт, төлөһүйэн эрэр уон тоҕустаах уолан киһи этэ. Дьаакыбылап кулуба: «Үлэһит бэрдин куоттарбыппын», – дии санаан, Лэгиэнтэй атыыһыты суутунан куттаан, «иитиэх уолун» дьиэтигэр илдьэ барбыта. Онтон ыла Сүөдэргэ «Сылгыһыт Сүөдэр» диэн хос аат иҥмитэ.
Күһүн үлэ бүппүтүн кэннэ, кыстык хаар саҥа түһэн намылыта турдаҕына, Дьаакыбылап кулуба били сайын от үлэтигэр бэлиэтии көрбүтүн өйдөөн, киһи ыытан, Сүөдэри ыҥыртарда.
Тойоно ыҥыртарбытын кэннэ тэҥнэһиэ дуо, Сылгыһыт Сүөдэр, куттанан кирик-хорук туттан, тойонун аах дьиэлэригэр барда. «Тойонум туох буруйу оҥорбуппар ыҥырдаҕай?» – диэн уол бу күннэргэ тугу оҥорбутун, тугу үлэлээбитин барытын ырытан, эргитэн көрдө да, туох да буруйу