Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 17
Сүөдэри төрөппүт оҕотун курдук көрөн улаатыннарбыт икки хараҕа суох кырдьаҕас Сөдүөччүйэ эмээхсин, урут тугу баҕарар тойоннуур, быһаарар бэйэтэ, Сылгыһыт Сүөдэр туһунан туох да диэҕин билбэккэ, үөһэ эрэ тыынан кэбиһээхтиир, түүнү быһа тугу эрэ уоһун иһигэр ботугураан тахсар идэлэннэ. Кини таптыыр оҕото тойонун аахха тахсан маанытык, ыраастык олороруттан үөрбүт быһыыта биллибэт.
Халлаан тымныйдар тымныйан барар. Утуу-субуу кыһыҥҥы таҥаралар кэлэллэр.
Ороһооспо, Кириһиэнньэ ааһар. Дьаакыбылап кулуба, киэһэ-сарсыарда аһыы олорон Сылгыһыт Сүөдэр диэки үөннээх баҕайытык көрүтэлии-көрүтэлии, кэргэн кэпсэтэ барара чугаһаабытын туһунан тыл кыбытар. Онуоха Сүөдэр килбигийэн ах бара түһэр, сирэйэ кытарар, киэр хайыһар үгэстэнэр.
Арай биир күн Сиидэр суруксут Сылгыһыт Сүөдэри ааҕарга, суруйарга, нууччалыы кэпсэтэргэ үөрэтэ олордоҕуна тойонноро Дьаакыбылап кулуба аргыый аҕай ньылбыйан киирэр уонна истэн турбахтаан баран:
– Сиидэр, ити «маа-муу» дэһэргитин тохтотуҥ эрэ, – диир.
Сиидэр суруксут, тойонун бирикээһин истээри, чөрбөйөн олорор. Сылгыһыт Сүөдэр саҥата суох турар.
– Тугу эмэни лахсыһар буола үөрэннэ дуо?
– Үөрэнэн эрэр. Билигин бэйэтин наадатын барытын ситэ кэпсэтэр кыахтаах, – Сиидэр суруксут тойонугар үөрэ-көтө кэпсиир.
– Чэ үчүгэй, оҕом Сүөдэр, кэргэн кэпсэтэ барар кэмиҥ кэллэ. Мин бу улуус суруксута, үөрэхтээх киһи баарына, ол туһунан сүбэлэһэ киирдим.
– Ол кэргэн кэпсэтэригэр туох сүбэтэ-амата нааданый? – Сиидэр ыйытар.
– Өскөтө бу киһи, Дьаакыбылап кулуба иккис уолабын диэтэҕинэ, Харатаайап кулубалаах: «Хайдах биһиги кыыспытыттан атын кыыһы булбатах дьонуй?» – диэн өһүргэнэ сылдьыахтара. Онон бу киһи атын киһи оҕото буолан тиийдэҕинэ сатанара буолуо.
Сылгыһыт Сүөдэр туох да диэн булбат. Кини санаатыгар, тойоно эмиэ да сөпкө этэргэ дылы. Оттон кыыс киниэхэ эргэ кэллэҕинэ, атын киһи оҕотобун диэн сымыйалаабыта арыллара чахчы. Ол эмиэ да кыбыстыылаах буолсу.
Улуус суруксута туох диэҕин мунаахсыйда. Биллэн турар, кыыс Дьаакыбылап кулуба биир уолун сирэн ыытан баран, иккис уолугар эргэ тахсара саарбах.
Тугу да кыайан тобулан быһаарбакка, үһүөн өр соҕус саҥата суох олороллор. Онтон Сылгыһыт Сүөдэр аан бастаан тыл таһаарар:
– Мин бэйэм даҕаны ааттаах, араспаанньалаах буолбаппын дуо? Бэйэм ааппынан баран кэпсэтэрим тоҕо сатамматый?
Кулуба күлэн тоҕо барар. Оҕонньор өр соҕус күлэн быарын тыыттан баран тохтуур.
– Нохоо, ол эн дьонуҥ киһиэхэ биллэр туох ааттаах-сурахтаах буоланнар, ити курдук этэҕиний? Оннооҕор биһиги курдук дьон оҕолорун сиритэлии олорор кыыс ол эн ааккар умсугуйан эйиэхэ тахсыа үһү дуо?
Сүөдэр санаатыгар, кыыһы хара маҥнайгыттан албынныыр сатаммакка