Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 21

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

үөрэн, кыыһын хаппахчытын иһиттэн тахсар. Кини кыыһа туох диэбитин кэргэнигэр Ылдьаанаҕа сибигинэйэн этэр.

      Маайа аҕата тахсарын кытта, уолу таптыырын билиммититтэн сааппыт дуу, үөрбүт дуу курдук, хараҕыттан уу-хаар баспытынан сыттыгар умса түһэр.

      Аҕата бу сарсыарда хоноһо уолу кытта кини туһунан кэпсэтэрэ биллэн турар. Маайа, ону саныы-саныы, саатан сирэйэ итийбэхтээн ылыталыыр. Кини сарсыардааҥҥы чэйгэ турбат, хаппахчытыттан тахсыбат.

      Олунньу ый ортотунааҕы сарсыарда, халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, чэйдээри олороллор. Маайа дьоно тугу кэпсэтэллэрин истиэнэ нөҥүө иһиллээн сытар.

      – Эн, Сүөдэр атыыһыт, кэргэн ылыаххын, – диэн Сэмэн Уйбаанабыс таайтара соҕус ыйытар.

      Аҕата эппититтэн кыбыстан, Маайа сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылар.

      – Сүрэҕим сөбүлүүр кыыһа көстөрө буоллар, кэргэннэниэм да этэ.

      Маайа, сирэйгэ сырбаттарбыт курдук, курус гына түһэр. Ити аата, бу уол кинини, кыыс эрэ бааргын диэн, таба көрбөтөх эбит. Кини сирдэрэр саатын, куһаҕанын дьэ өйдүүр. Оо, хомолтолоох да буолар эбит. Били үөрүүтүгэр ытыы сыппыт хараҕын уута кубарыччы кууран хаалар. Дьоно саҥата суох аһыы олороллор быһыылаах, айахтарын эрэ тыаһа иһиллэр. Маайа кыһыйыан, абаккарыан иһин, аҕата:

      – Сөпкө этэҕин, – диэн сэҥээрэн биэрэр.

      «Кинитэ да суох баччааҥҥа диэри олоруллубута, киэр буоллун», – дии санаан баран Маайа бэйэтин санаатыттан бэйэтэ куттанна. Хоноһо уол, ама, сип-сибилигин, аһаан бүтээт, тахсан барыах бэйэтэ буолуо дуо?!

      – Бэйэ икки ардыгар диэн эттэхпинэ, биһиги биир оҕолоохпутун тыыннаахпытына уйатын буллар дии саныыбыт, – диэтэ Сэмэн Уйбаанабыс быһа-бааччы ыйытар быһыынан.

      Сүөдэр көхсүн этитэр. Кини бу ыал кыыһын сирэрэ диэн баар буолуо дуо?! Өр соҕус олорбохтоон баран, иһиллэр-иһиллибэттик саҥа таһаарда:

      – Эһиги оҕоҕут курдук кыыһы кэргэннэммит киһи, ама, дьоллоохпун дэммэт этээ!

      Харатаайап кулуба үөрэн хараҕа чаҕылыҥныы түһэр. Кини эдэригэр түспүт курдук, эрчимнээхтик хамсанан, күлэн-салан мичилийэр.

      – Эн, биһиги оҕобутун сөбүлүүр буоллаххына, ыйыттаран көрүөххүн?

      – Мин курдук тулаайах киһини эһиги оҕоҕут сөбүлүүрэ биллибэт.

      – Өскөтө сөбүлүүр буоллун?..

      – Дьоллоохпун диэ этим.

      – Ылдьаанаа, оҕобутуттан киирэн ыйытан тахсыах эрэ! – Сэмэн Уйбаанабыс кэргэнинээн кыыстарын хаппахчытын иһигэр киирэн хаалаллар.

      «Кыыстара сөбүлүүр буоллун… Оччоҕо?.. Оо, тоҕо «атыыһыт уолабын» диэн сымыйалаабыт муҥум буолуой?!» – Сүөдэр бэйэтэ бэйэтин сэмэлэнэ олордо.

      – Эмээхсиэн, остуолу бэлэмнээ, аста-үөллэ тарт! – диэн айдаарбытынан Харатаайап кулуба кыыһын хаппахчытыттан ойон тахсар. – Чэ, тоойуом, толору дьоллоох киһи эбиккин, биһиги оҕобут сөбүлүүр!

      Харатаайаптаах дьиэлэрин иһэ үөрүүнэн туолар. Киирии-тахсыы хойдор, кэлии-барыы элбиир. Чугас эргиннээҕи билсэр ыалларын ыҥыртара хамначчыт уолаттары ыыталыыллар. Икки дьиэ оһохторугар улахан

Скачать книгу