Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 23

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

суох буолан тоҥоругар, үлэни кыайбакка сылайарыгар, ыалдьарыгар ким да кыһаммат буолбута. Хата, хотуна Огдооччуйа обургу оһох төрдүгэр боруоран турар уолу чанчыгыттан тардыалыы-тардыалыы оройго охсоро уонна хотоҥҥо ынах сааҕын күттэрэ үүрэн киллэрэрэ… Кинини арай икки хараҕа суох Сөдүөччүйэ эмээхсин эрэйдээх аһынаахтыыра, көмүскэһээхтиирэ. Бу билигин өйдөөтөҕүнэ, хотуна Огдооччуйа кинини, бу хамначчыт уолбут мин төрөппүт оҕобунааҕар сирэйинэн ордук буолсу диэн, абааһы көрөр быһыылааҕа.

      Сүөдэр урут хаһан да тугу да сымыйанан эппитин өйдөөбөт. Манна кэлэн, били тойоно Дьаакыбылап эппитин үтүктэн, сымыйаччы буолан олорор. «Сымыйалааһын, албыннааһын баайдар эрэ аргыстара быһыылаах» диэн санаа өйүгэр көтөн түһэр. «Мин Дьаакыбылап кулуба уолун мааны таҥаһын таҥнаат – сымыйаччы буоллум», – Сүөдэр кэтэн олорор таҥаһын абааһы көрбүттүү көрүтэлиир.

      Бу түүн эмиэ хойутаан сыталлар. Ол да буоллар Сылгыһыт Сүөдэр уута кэлэн быстыбат. Хаста да түүн туран күрээн хаалыан баҕарталаан ылла да, дьулайда. Кини санаатыгар, ким эрэ уһуктаҕаска, кэтииргэ дылы.

      «Сарсыарда таҥара дьиэтигэр илдьэн бэргэһэлииллэр… Сотору Маайаны сүгүннэрэн илдьиэм, биллэн турар, Харатаайап кулуба барсыа… Ханна тиийиэхпитий? Дьаакыбылап кулубалаахха тиийэбит… Атыыһыт уола диэбиттэрэ ким буолан тахсабыный?» – дии саныы сытта Сүөдэр. Кини ити санаатын тулуйумуна, улаханнык ыалдьыбыт киһи курдук, ынчыктаан ылла. Сүөдэргэ тэлгээбит сымнаҕас, сылаас бэриинэлэрэ, кини урут утуйар кулун тириитэ тэллэҕинээҕэр кытаанахха, чарааска, өттүгүн ыарытыннарарга дылы.

      «Маайаны кытта хоонньостохпуна, мин киммин, тоҕо «атыыһыт уолабын» диэн албынырбыппын кырдьыгынан кэпсээн биэриэм. Кини чахчы миигин таптыыр буоллаҕына, атыыһыт уола буолбатаххын эбит диэн киэр анньыа суоҕа», – диэн Сүөдэр бэйэтин албыннанар. Ити санаатыттан хайдах эрэ уоскуйан, утуйан хаалар.

      Харатаайап кулубалаах сарсыарда халлаан айа кылыыта көстөр буола сырдыыта тураллар. Дьиэлээх оҕонньор таһырдьаттан киирэн:

      – Оҕолорум дьоллоох дьон буолсулар, халлаан тыына итийбит! – диэн айдааран дьиэ дьонун уһугуннартыыр.

      Кырдьык, бэҕэһээ киэһэ киһи тыына сыыгыныыр түптэлэс тымныытынан хабыалана турбут халлаан бу сарсыарда былытырбыт, сылыйбыт.

      Сотору сарсыардааҥҥы астарын аһыыллар. Маайа үөрбүтэ-көппүтэ өтө көстө сылдьар. Кини ийэтинээн мааны таҥастарын таҥналлар, киэргэллэрин, симэхтэрин кэтэллэр. Хамначчыт уолаттар аттары көлүйэллэр, уруу иһэрин дьон ыраахтан иһиттин диэн, дугаларга чуорааннары баайталыыллар.

      Хампа таҥаратын дьиэтигэр киирээри Сүөдэрдээх дьиэттэн тахсалларын саҕана кып-кыһыл күн, халлаан илиҥҥи иитэ сэгэйбитинэн быган, мастар төбөлөрүн көмүһүнэн дуйдаан турара.

      Маайа ийэтинээн биир сыарҕаҕа олороллор. Сэмэн Уйбаанабыс бэйэтэ куруутун көлүнэр көҕөччөр атын сыарҕатыгар соҕотоҕун тыылыы тэбэн, тиэрэ түһэн кэбиһэр. Сылгыһыт Сүөдэр бэйэтин атынан айанныыр.

      Суолларын

Скачать книгу