Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 26

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      Харатаайаптаах саас, Былаҕачыаннай таҥараҕа, Сүөдэри кэлиэ диэн кэтэһэн көрөллөр. Кэргэнэ болдьообут кэмигэр диэри үөрэн-көтөн чаҕылыйа сылдьыбыт Маайа хаппахчытын иһиттэн көстүбэт буолар.

      Маайа сааскы уһун күнү быһа хаппахчытын түннүгүттэн арахпат, Сүөдэр барбыт суолун кэтиир. Түүн да буоллун, күнүс да буоллун – дьиэ таһыгар сыарҕа тыаһаатар эрэ, «Сүөдэр кэллэ!» – дии санаан, түннүккэ ыстанан тиийбитин бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалар.

      Сүөдэр сурахтыын сүтэр. Күн-дьыл хаамыытын туох тохтотуо баарай, кэлэр кэмигэр кэлэн иһэр. Хаар хараарар, суол алдьанар, үрэхтэр уулара, хааларыттан тахсан, толооннору толортуур. Үрдүк сирдэргэ күөх от бытыгырыыр, күөллэр муустара ырбыыланар, кус-хаас кэлэр – Сүөдэр биллибэт.

      – Суол алдьанна, аны Сүөдэр сотору кэлбэт киһи буолла, – диир Харатаайап кулуба кыыһыгар.

      Сайын уу-хаар тардыыта Харатаайап кулуба, сурахтыын сүппүт күтүөтүн туһунан тугу эмэ истээйэбин диэн, Бүлүү куоратыгар ыҥыыр атынан киирэн тахсар.

      – Хайа, аҕаа?.. – диэн Маайа ыйыта тоһуйар.

      Сэмэн Уйбаанабыс, кыыһа бэргэһэлэммит кэргэнин кэтэһэн дьүдьэйбитин көрөн, сүрэҕэ ытырбахтаан ылар. Кини саҥата суох дьэбин уостан олорон хаста да көхсүн этиппэхтэтэр.

      – Дьокуускайтан хас да борохуот кэлбит… Дьонтон Хабырыллайап атыыһыт оҕотун туһунан ыйыталаһа сатаан кэбистим да, биир да билэр айылаах киһи көстүбэтэ… Сорохтор оннук ааттаах атыыһыт Дьокуускай уокурук үрдүнэн баарын истибэппит дэһэллэр.

      Маайа, сирэйигэр итии ууну ыстарбыт курдук, кытара түһэр. «Дьонум бэрт киэҥник биллэр атыыһыттар этэ», – диирэ Сүөдэр. Биир да киһи кини туһунан истибэтэҕэ, билбэтэҕэ тугун муодатай?» – диэн санаа кыыс өйүгэр кылап гынар. «Суох, мин Сүөдэрим хайдах да албынныар сатаммат… Кини, били этэр ыраах Илиҥҥи сиригэр баран, суолга хаайтаран хаалбыта буолуо». Ити курдук санаан төһө да санаатын аралдьытыннар, бу күнтэн ыла Маайа сүрэҕэр, өйүгэр: «Аны ким эрэ кэлэн албыннаан барбыта буолаарай?» – диэн санаа хатыы буолан дириҥник хатанар.

      Күтүөт уол болдьообут кэмигэр кэлбэтэҕиттэн нэһилиэктэрин баайдара: «Кулубабыт кыыһа дэлэ киэбирбэтэҕэ. Орто дойдуга холооннооҕо суоҕун курдук туттара. Хата, ханнык эрэ суол киһитэ хоонньоһон аастаҕа, саатта! Билигин хайа баҕарар уолга эргэ барыан баҕарбытын да иһин, киһи ойоҕо буола сылдьыбыт дьахтары ким ылыай!» – дэһэр буолбуттара.

      Итинник тыл-өс өрт уотунуу улам тарҕанан, кэҥээн Сэмэн кулубалаах дьиэлэригэр тиийбитэ. Харатаайаптаах сааппыттарын иһин, ханна барыахтара баарай!

      «Баҕар, сымыйанан, баайын олус үлүннэрэн кэпсээбититтэн саатан кэлбэтэ буолаарай? – дии саныыр буолбута Маайа кэлин, айаҕалыы сатаан. – Кини туох да баайа да суох киһи буоллун… Мин кини баайыгар, лааппытыгар ымсыыран тахсыбатаҕым… Мин кинини бэйэтин таптыыбын, туга да суох буоллун, син биир таптыыбын, тыыннаах эрэ буоллун, кэллин эрэ!»

      Маайа бу күннэргэ, мэктиэтигэр, кырдьыбыт курдук буолла. Кини, үлэлээн аралдьыйаары, энньэтигэр анаммыт ынахтарыттан түөрт

Скачать книгу