Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 28

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

кыйданан, саас ааһан, сайын кэлэр. Сыһыылар кырыстара көҕөрөр, хара тыа мутукчанан симэнэр, дьэрэкээн сибэкки дэлэйэр, кэҕэ этэр. Уолаттар-кыргыттар, оҕолор-дьахталлар түөлбэ-түөлбэ мустан, тоҕуоруһан, тоҥонохторуттан тутуһан, кыһалҕалаах кыһын ааспытыттан үөрэн, харахтара сырдаан, тойук туойан, үҥкүүлүү оонньууллар.

      Үрэхтэргэ-үрүйэлэргэ, күөллэргэ балык ыыр. Ким илиминэн, ким ардьааҕынан, ким туунан, ким баттыыр маһынан балыктаан аһыыр. Оннооҕор биир-икки ынахтаах ыал чабычах муҥунан үүттэнэллэр, күннэтэ аайы оҕолоругар күөччэхтээн күндүлүүллэр. Маннык кэрэ кэмҥэ, уйгу быйаҥҥа ама ким үөрбэт-көппөт буолуой! Арай Сылгыһыт Сүөдэр дьонтон туораан, көргө-нарга кыттыбакка, суос-соҕотоҕун сылдьар. Кини киэһэ аайы хара тыа саҕатыгар тахсан, өрт уота хоруорда сиэбит хара чөҥөчөгүн үрдүгэр олорон муҥатыйар:

      – Эйигинэ суох сатаан олоруом суох… Бу курдук санаа муҥугар олоруох кэриэтэ, өлбүт ордук… О-о, олох, олох! Били Сөдүөччүйэ эмээхсин кэпсиир «Лыыбара» диэн остуоруйатыгар дылы буолаҥҥын! Били Лыыбара абааһы ситимигэр түбэспитин курдук, мин эмиэ ситимҥэ ыллардым буолбаат?..

      Сүөдэр биир киэһэ эмиэ ити курдук муҥатыйа олорон, тугу эрэ өйдөөн: «Кырдьык даҕаны…» – диэн саҥа аллайа түһээт, хара чөҥөчөгүттэн туран, титииккэ киирэр. Сөдүөччүйэ эмээхсин хаппыт ынаҕын быатын баҕанаттан сүөрэн ылан, дьиэҕэ киллэрэн сыттыгын анныгар кистии уган кэбиһэр.

      Бу түүн Сүөдэр кыламаннара кыттыбат, утуйумуна кулун тириитэ тэллэҕэр эргичиҥнээн тахсар. Түүн ортото лаппа ааһыыта оронуттан тыаһа суох туран таҥаһын таҥнар, сыттыгын анныттан ынаҕын быатын ылан хоонньугар уктар уонна атахтарын тумсунан аргыый үктэнитэлээн дьиэ иһиттэн тахсан барар. Элбэх киһи утуйа сытар ичигэс балаҕаныттан тахсыбыт Сүөдэри түүҥҥү сөрүүн салгын этин сааһынан сайа охсон киирэр. Кини ойуур саҕатыгар, далга тиийэр. Ойуур иһэ күн тахсарын көрсө уһуктубут чыычаахтар ырыаларынан-тойуктарынан чыбыгырыыр, дьырылыыр, чырылыыр. Халлаан илин өттүн Сүөдэр хайыһан көрбүтэ: сүр улахан кып-кыһыл күн күлтэйэн тахсан эрэр эбит. Өр-өтөр буолбат, күн уота күөх тыа үрдүк мастарын төбөлөрүн кыһыл көмүһүнэн дуйдуур. Ханна эрэ хонууга атыыр үөрэ уһуктар. Сылгылар кистэһэллэр, тарылаччы тыбыыраллар. Сүөдэр, ол-бу диэки көрбөхтөөн баран, күрүө аанын үөһээ сүлдьүгэһигэр быатын биир төбөтүн туомтуу тардан баайа охсор. Сиргэ тобуктуу түһэр, быатын биир төбөтүттэн хаҥас илиитинэн тардыһан туран, күнү утары хайыһар, кириэс охсунан балааскайданар.

      Күн сып-сылааһынан сирэйигэр тыгар. Күөх кырыска түүҥҥү сиик таммахтара, харах уутун курдук, бычалыһаллар.

      «Маайа, миигин көһүтэ сатаан, төһө эрэ ытаан-соҥоон эрэр?» – дии саныыр. Күрүө иһигэр ат тыбыыран тарылатар. Сүөдэр ойон турар. Ынаҕын быатын сүлдьүгэстэн сүөрэн ылар. Дьаакыбылаптаах дьиэлэриттэн хараҕа арахпат. Кини хап-сабар кулуба быраабаҕа барарыгар миинэр ата аһыы турарын ыҥыырдыыр, күрүө кэтэҕинэн ойуурга сиэтэн таһаарар уонна мастар быыстарынан сиэллэрэ турар.

* * *

      Күн уота сылыйыыта Дьаакыбылаптаах хамначчыт кыргыттара туран ынахтарын ыы

Скачать книгу