Төлкө. Николай Якутский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 29
– Кыбыыттан тойон миинэр атын ким ылан барда? – диэн ыйытар Малаанай.
Дьон сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Чөмөөт Сэмэн, элбэх саҥалаах муҥутаан, ким-хайа иннинэ чалыгыр гынар:
– Малаанаай, Сүөдэрбит сүппүт. Бука, кини…
Малаанай Ньукулай сирэйэ аантан мэлис гынан хаалар. Саадьаҕай ынах тириитэ бүрүөһүннээх халҕан «лап» гына сабыллар.
Өр-өтөр буолбат, ыгдаччы кыыһырбыт тойонноро Дьаакыбылап суостаахтык силбиэтэнэн, күргүйдээбитинэн киирэн кэлэр:
– Баччааҥҥа диэри үлэҕитигэр тахсыбакка, тугу гына олороҕутуй?
– Сылгыһыт Сүөдэр бөлүүн… ынах быатын тутан тахсыбыт үһү, – дэһэллэр хамначчыттар.
– Улаханнык дьүдьэйбитэ… Санаарҕыыр быһыылааҕа, – Чөмөөт Сэмэн чалыгырыыр.
– Быаны тутан тахсыбыт үһү… Куттанабыт, аны бэйэтигэр тиийинэн ол алдьархайа буолуо, – дэһэ-дэһэ дьахталлар куттаммыт курдук көрөллөр-истэллэр.
Тойонноро тугу да саҥарбат, өһөхтөөх баҕайытык хамначчыттарын көрүтэлиир:
– Дьиккэр, аппын миинэн барбыт… Бэйи, көстүөҥ суоҕа! Олоруоххут дуо, үлэҕитигэр тахсыҥ!
– Сүөдэри көрдөөбөппүт дуо? – диэн Чөмөөт Сэмэн симиктик ыйытар.
– Кинини көрдөөн күнү алдьатаары гыммыккыт дии!.. Үлэлээбэккэ, бэлэми аһаары гынаҕыт дуо?..
Күүстээх тыал түүнү көтүтэрин курдук, хамначчыттар, үрүө-тараа түһэн, үлэлии тарҕаһаллар. Арай Сөдүөччүйэ эмээхсин олорор сириттэн хамсаабат. Кини санаатыттан Сылгыһыт Сүөдэр түүн ынах быатын илдьэ барбыта арахсыбат. Ол быаны кини чэрдийбит ньилбэгэр хаппыта. Ама кини кыра эрдэҕиттэн аһынан, көмүскээн улаатыннарбыт оҕотун Сүөдэри тыынын быһар быаны хаппыта буолуо дуо?!
VIII
Күн арҕаа саҕахха түһүүтэ Маайа ынахтарын ыы титииккэ тахсар. Хотооной диэн бастыҥ ынаҕа кэлбэтэх.
«Кэлээ ини», – диэн саныы-саныы, Маайа атын ынахтарын ыыр. Күн киирэр. Түптэ буруота сир кырсынан сыылар. Хотооной кэлбэт. Маайа ыабыт үүтүн хамначчыт кыргыттарынан дьиэтигэр ыытан баран, бэйэтэ ынаҕын көрдүү дал кэтэҕинэн ойуурга тахсан барар.
– Хотооной, Хотооной, мээх, мээх! – диэн ынаҕын ыҥыра-ыҥыра Маайа сотору-сотору тохтоон иһиллиир. Тыала суох, ичигэс, уу чуумпу киэһэ. Ойуур иһигэр күнүскү куйаас салгын тыына билигин да баар, Маайа сирэйин сып-сылааһынан саба охсор.
Маайа дьиэтиттэн балачча ырааппытыгар ойуур иһиттэн ынаҕын ыҥыранар саҥата иһиллэр.
«Тоҕо манна баар эрээри дьиэтигэр киирбэтэҕэй? Ээ, икки хонуктааҕы ардах кэнниттэн тэллэй үүммүт буоллаҕа. Онно иирдэҕэ», – дии саныыр Маайа уонна эмиэ ыҥырар:
– Хотооной, Хотооной, мээх, мээх!
Хотооной ойуур иһиттэн тахсыбат, маҥырыы-маҥырыы биир сиргэ турар быһыылаах.
– Хотооной, ыанар кэмиҥ ааста, баччааҥҥа