Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 27

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

Ньукулай, саҥата суох Сылгыһыт Сүөдэр диэки көрүтэлээн баран, көхсүн этитэр, ыстаанын сиэбиттэн сыҥсыыр табаҕын таһааран ытыһыгар таммалатан баран кымаахтаан ылан, сөттөгөр уоһун хаанньаччы туттан баран сыҥсырыйар:

      – Дьэ, доҕоор, эн барбытыҥ кэннэ, сураҕа, биһиги тойоммут дьоҥҥо: «Сылгыһыт Сүөдэри уолбун сирбит кыыс аатын алдьаттара ыыттым», – диир үһү…

      Сылгыһыт Сүөдэр хараҕар сип-сибилигин аҕай кырса түүтүн курдук кылбаарбыт хаар, сырдык халлаан эмискэ хараҥара түһэр. Хаана сирэйигэр тахсан икки чабыҕайын кэйэр, тыына кылгыыр.

      – Аатын алдьаттараары… диигин дуу? – диэн кини кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан ыйытар.

      – «Акаары уолу кыыс аатын алдьаттара ыыттым», – диир үһү.

      Сылгыһыт Сүөдэр күөх оту сиэн кимирийэ-хамырыйа турар атын суол диэки эргитэн баран быһа биэрэр: «Оо, сордоох, тугу оҥордум?.. Маайа, Маайа, тоҕо эн миэхэ эргэ тахсарга сөбүлэспитиҥ буолуой?..»

      Сотору соҕус ат Дьаакыбылап кулуба олбуорун иһигэр киирэн тохтуур. Сылгыһыт Сүөдэр, нэһиилэ туран, атын сэргэҕэ баайар уонна, өр соҕус таҥаһын тэбэммитэ буолан, дьиэ таһыгар саараан турбахтаат, эмискэ ааны сүр күүскэ тэлэйэн дьиэ иһигэр киирэр.

      – Оҕом, Сүөдэр, үчүгэйдик сылдьан кэллиҥ ээ, быһыыта? – дии-дии үөрэн ымайбытынан, дьиэлээх тойон утары хааман кэлэр. Сылгыһыт Сүөдэр саҥата суох таҥаһын сыгынньахтанан барар.

      Дьаакыбылап кулуба көһүппэхтээн баран ыйытар:

      – Хайастыҥ?.. Тыла суох буолбуккун дуу, тугуй? Туох-туох буолла, сиһилии кэпсээ.

      – Туох буолбутун, өлүөм да буоллар, этиэм суоҕа. Былыт быыһынан сырдык күн тыган ааспытын курдук, көстө түһэн ааспыт дьоллоох күннэрбин кини хара санаатыгар киртиттэриэм суоҕа, – дии саныыр Сүөдэр.

      Дьаакыбылап кулуба бачча ыраах сиргэ таҥас таҥыннаран, көлө көлөлөөн, сорук соруйан ыыппыт киһитэ саҥарбатыттан абаккаран, бардьыгыныыр:

      – Харатаайап кулубалаахха сырыттыҥ дуу, суох дуу?

      – Сылдьан.

      – Кыыстарын көрдүҥ, кэпсэттиҥ дуо?

      – Көрөн…

      – Дьэ, туох дэттиҥ?

      Сылгыһыт Сүөдэр сирэйэ кытара түһэр, көхсүн иһиттэн саҥата кыайан тахсыбат буолан хаалар.

      – Хаһан сөбүлүөн, кэпсэппэтим…

      Дьаакыбылап кулуба сирэйэ дьэбин уоста түһэр.

      – Кэпсэппэтэх, ыйыттарбатах аата, бачча өр хайа үөдэн түгэҕэр түһэ сыттыҥ? – кини абаккатыгар сутуругун туппутунан ойон турар, кэлэн охсуон баҕара-баҕара, уол кини диэки уоттааҕынан көрбүтүттэн толлон, биир сиргэ тула эргичиҥниир. – Ол аата… дьиккэр, мээнэ чолойо сылдьыбыккын дии!

      Дьаакыбылап кулуба ыраах сиртэн айаннаан сылайан, аччыктаан кэлбит Сүөдэри аһаппакка, таҥна сылдьыбыт мааны таҥаһын сыгынньахтатан, урукку бэйэтин таҥаһын кэтэрдэн баран, хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар үүрэн таһаарар.

      Сылгыһыт Сүөдэр балаҕаҥҥа киирбитэ, оһох иннигэр Сөдүөччүйэ эмээхсин сылгы сиэлинэн

Скачать книгу