Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 24

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      Сылгыһыт Сүөдэр буоллаҕына уһун суолу быһа адьас атыны саныы иһэр: «Биһиги тэҥнээхпит», – дэһэллэр… Биһиги тэҥнээхпит диэн, кыыстарын кытта бэргэһэлээтилэр… Мин дьадаҥыбын, тулаайахпын, ыал хамначчыта буола сылдьыбыппын билэллэрэ буоллар, күтүөт оҕо оҥостуохтарынааҕар мааны да дьиэлэригэр киллэрэллэрэ биллибэт этэ…»

      – Маайа!

      – Тугуй? – диэн Маайа, кэргэнэ кэпсэтэрин көһүтэ саныы испит буолан, хап-сабар эргиллэ түһэр.

      – Маайа, миигин таптыыгын дуо?

      – Туох диэн ыйыттаххыный?.. – диэн баран Маайа Сүөдэр түөһүгэр умса түһэр.

      – Маайа, өскөтө мин баайа суох эбитим буоллун, бу курдук таптыа, миэхэ эргэ тахсыа этиҥ дуо?

      Маайа, туох да саҥата суох, уоһунан Сүөдэрин уоһун булар…

      VI

      Харатаайап кулуба суос-соҕотох кыыһын эргэ биэрэр буолан, улуус үрдүнэн урут хаһан да тэриллибэтэх урууну тэрийэр.

      Улууһун баайдарын, нэһилиэктэрин кинээстэрин, аҕабыыты мааны дьиэтигэр туспа мунньан күндүлүүр. Манна үрүҥ буулка, амтаннаах кыһыл арыгы, кыһыллыбыт хатыыс, туут балык сыалаах өрөҕөтө, сылгы түөһэ остуолга өрөһөлүү ууруллар. Ортоку дьиэлэригэр ыҥырыыта суох кэлбит ыалдьыттарга киһи аайы биирдии кырбас эти, биирдии тэриэлкэ саламааты, түөртүү киһи баһыгар биирдии иһит арыгыны туруораллар. Хамначчыттара олорор туруорбах балаҕаннарыгар манна олорооччуларга анаан, дэлби кырбаммыт сүөһү буотарагын, мэһэмээн арыыны тар хааһыга кутан баран, оргутан бидилитэллэр.

      Үс түһүлгэ остуоллары тула дьон кэпсэтиитин өйдөөн иһиттэххэ, үһүөн үс аҥыы. Улуус баайдара, нэһилиэк кинээстэрэ, кыратык холуочуйан баран, бэрт былдьаһан мөккүһэн, этиһэн ардырҕаһан бараллар. Уруу сураҕын истэн, ыҥырыыта суох кэлбит дьон ортотугар күлсүү-салсыы, ырыа-тойук үксүүр. Олох эрэйин, кыһалҕатын туһунан кэпсэтэллэр. Оттон хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар тойоннорун кыыһа, эргэ тахсан, кинилэртэн баран эрэрин аһыйаллар.

      – Орто дьиэҕэ олоҥхоһут олоҥхолуур үһү, – диэн сурах иһиллэр. Хамначчыт уолаттар, кыргыттар бары онно сууллан тахсаллар.

      Арыгы иһэн холуочуйбут дьон, кыһыҥҥы тымныыны кэрэйбэккэ, тэлгэһэ хаба ортотугар үҥкүүлээн күөгэлдьиһэллэр:

      Оһуокайдыыр оһуокай,

      Эһиэкэйдиир эһиэкэй!

      Баай киһи тойоммут

      Бастыҥныыра кыыһын

      Эдэрдиирэ киһиэхэ

      Эргэ биэрбит үөрүүтүн

      Тоҕус аҕа ууһа

      Тоҕуоруһан тураммыт

      Оһуокайдыыр оонньууну

      Олохтуоҕуҥ, доҕоттоор!

      Сүөдэр оһуокайдыыр саҥаны истэн, тахсан үҥкүүлэһиэн баҕарар да, баай ыал күтүөтэ, «атыыһыт уола» буолан олорон, тахсара сатаммат. Сүөдэр бэйэтэ үүммүт маһыттан туллан ат атаҕын анныгар тэпсиллэр лабаа курдук сананан кэлэр.

      Түүн ортото чугаһыыта: «Чэ, аһыахпытын аһаатыбыт, сиэхпитин сиэтибит», – диэбиттии, бука бары күргүөмүнэн туран таҥналлар, таҥаралар күлүктэригэр кириэс охсунан сапсына-сапсына,

Скачать книгу