Төлкө. Николай Якутский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Төлкө - Николай Якутский страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Төлкө - Николай Якутский

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      Харатаайап кулуба, итинник эрэ ыйытыыны истиэм диэбэккэ олорон соһуйан, туох да диэн хоруйдуон булбатаҕа. Кини, кыыһын уонна баачыканы олбу-солбу көрбөхтөөн, төбөтүн мэкчиргэ курдук эргичиҥнэтэ-эргичиҥнэтэ, титирэстээбит куолаһынан хардары ыйыппыта:

      – Баачыка-а… Оҕобун судаарыскай… сыыһа үөрэтэр эбит дуо?

      – А-аа? Судаарыскайга үөрэттэрэр эбиккин дии! Ол, Сэмэн Уйбаанабыс, бэйэҥ бэйэҕинэн, хайдах буолан суос-соҕотох оҕоҕун судаарыскайга үөрэттэрэҕиний?.. Таҥараны утары… сокуону утары!

      – Баачыка, мин үөрэҕэ суох хараҥа киһи тугу билиэхпиний?.. Соҕурууттан кэлбит, үрдүк үөрэхтээх киһи диэбиттэрэ. Мин ону итэҕэйбиччэ…

      Сиилин аҕабыыт, бу айдаантан, аймалҕантан өлө куттанан турар Маайа диэки көрө-көрө, бардьыгынаабыта.

      – Кыыскын аны судаарыскайга үөрэттэримэ! Таҥараны утары үөрэтэр эбит… истибэтэххинэ – кыыскын таҥара үҥүүтүгэр ыҥыттарыам!

      – Таҥара үҥүүтүгэр да-а?!

      Харатаайап кулуба уолуйан, тылыттан матан, таҥара холоругун диэки эргиллибитэ. Таҥара холоругар эргэрэн, саһаран хаалбыт хаптаһыҥҥа ойууламмыт таҥаралар күлүктэрэ, кинини сэмэлээбит курдук, уҥа илиилэрин чороччу туппутунан, чыпчылыйбакка көрөн олороллоро. Харатаайап хаста да таҥараҕа кириэстэммитэ. «Бэйи, мин кинини аны көрүөм суоҕа!.. Муустаах ураҕаһынан!..»

      Мантан ыла ыпсыылаах кэпсэтии да, аһааһын да уурайбыта. Сиилин аҕабыыт өһүргэнэн, кыыһыран, быраһаайдаспакка да эрэ Хампаҕа төннүбүтэ.

      Ол киэһэ Аркадий Романович куораттан тахсыбыта. Харатаайап кулуба кинини, ааҥҥа утары көрсөн, үлтү көбүөлээбитэ, сааммытын курдук, дьиэтигэр хоннорбокко да эрэ үүрбүтэ. Дьэ ити курдук Маайа үөрэнэн бүппүтэ.

* * *

      Аркадий Романович Эховы Харатаайап кулуба дьиэтиттэн үүрүөҕүттэн ыла сэттэ сыл ааһар. Маайа сүүрбэтин туолар.

      Харатаайап кулубалаах, баай-талым муҥутааннар, баар эрэ соҕотох оҕолорун куһаҕаннык тутуохтара дуо, оҕоттон эрэ ураты маанытык ииппиттэрэ.

      – Таҥара көмөтүнэн, оҕобут дьиэлэнэр сааһын ситтэ. Сөптөөх киһитин булан, ыал оҥорбут киһи үчүгэй буолуо этэ, – диирэ аҕата. Кини билигин уруккута буолбатах, лаппа кырдьан эрэр этэ. Көмөр хара баттаҕа икки чанчыгынан, кырыарбыт курдук, маҥхайан эрэрэ. Дьабадьыларынан, хараҕын муннуктарынан сирэйин тириитэ мырчыстан, хатан, уостан барбыттара.

      Ылдьаана, бэйэтэ эргэ тахсан эрэйдэммитин, атаҕас-таммытын курдук, оҕом эмиэ эрэйгэ түбэһиэ дии санаатаҕына, сүрэҕэ ытырбахтыыра.

      – Туора дьоҥҥо биэрэн атаҕастатыам кэриэтэ…

      – Бэрт дьахтар, кыыскын ырбаахыҥ байбаратын анныгар саба баттаан олорор инигин, – диэн оҕонньоро Ылдьаанаҕа кыыһыран силбиэтэнэн турара. – Бэйи уус, сөбүлүүр эрэ дьонум оҕолоро ыйыттардын, үөс-батааска биэриэм суоҕа!..

      Төрөппүт ийэҕэ оҕото, төһө да улааппытын иһин, мэлдьи кыра курдук буоларын ким билбэтэ баарай! Ылдьаана, кыыһа эргэ тахсар сааһын сиппитин төһө да биллэр, хайа да бэйэлээх ыалга кийиит биэрэн ыытыан куттанара.

Скачать книгу