Алмаас уонна хара дьай. Рафаэль Багатаайыскай
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Алмаас уонна хара дьай - Рафаэль Багатаайыскай страница 3
Михаил ийэтэ, оҕолоноругар хаана тоҕо түһэн, эрдэ суорума суолламмыта. Инньэ гынан, кинини эбээлээх эһээтэ ииппиттэрэ. Сэттис кылаас кэннэ Суоттуттан куоракка киирэн, абаҕатын аахха олорон, 2-с оскуоланы бүтэрбитэ. Онон киниэхэ махтала муҥура суох, иккис аҕатын тэҥэ саныыр. Абаҕата Борогонов – биллэр суруналыыс, суруйааччы. Салайар-тэрийэр үлэҕэ даҕаны эмиэ улаханнык миккиллибит киһи. Нюрбина оҕо сааһа ааспыт күөх Ньурбатыгар күөгэйэр күннэригэр үлэлии-хамсыы сылдьыбыт. Баҕардар, ол иһин даҕаны Нюрбинаны ордук сылаастык, истиҥник ылыммыта эбитэ буолуо.
Куоракка үөрэнэ киирдэҕин утаатыгар охсуһан, куһаҕан дьаллыкка ыллара сыспыттааҕа. Бэйэлэрин икки ардыларыгар да атааннаһыы баара, өрүс училищетын курсаннарын да кытта сотуһан ылаллара. Онтулара, өстөһүүгэ кубулуйан, дириҥээтэр дириҥээн иһиэх курдуга. Абаҕата кэмигэр орооһон, сөптөөх хайысха, сүбэ-ама биэрбэтэҕэ буоллар, Михаил олоҕун суола хайа диэки иэҕиллиэн ким-туох билиэ баарай?
Бииргэ үөрэнэр аймах уола Сёмалыын тарбахха кэтиллэр сибиниэс кастет уулларан оҥосто сылдьалларын балтылара, абаҕатын кыыһа, Саргылаана көрөн аҕатыгар эппит этэ. Степан Сергеевич элбэх моргуора суох уолаттар кастеттарын туура тутан ылбыта, иккиэннэрин бэйэтин иннигэр остуолга олордубута уонна: «Эһиги бу манан бэйэ-бэйэҕитин өлөрсөөрү гынаҕыт дуо? Эбэтэр атын кими эчэтээри гынаҕыт дуу? Ол сууттанар-хаайыыланар дьыала эбээт. Өскө күүскүтүн-уоххутун ханна да гынар дьарыккыт суох буоллаҕына, маста хайытыҥ, мууста аҕалыҥ. Аты мин булуоҕум», – диэн эппитэ. Уонна, ити курдук, чопчу сорудахтары биэрэн үлэлэтэр буолбута. Ону-маны уһаннарара – ол бэйэ илиитинэн тутан-хабан оҥоруу ураты кэрэхсэбиллээҕэ, син тугу эмэ бочоолоон, самаан-имээн, кыһан-кыччыйан таһаарар этилэрэ. Аны, иккис оскуола уонна өрүс училищетын дириэктэрдэригэр тиийэ сылдьыталаабыт этэ. Үөрэнээччилэри уонна төрөппүттэри кытары холбоһон кэпсэппиттэрэ, мунньахтары тэрийбиттэрэ, үөрэх кэнниттэн ыытыллар эбии дьарыктар үлэлэрин күүһүрдэн биэрбиттэрэ. Михаил ити кэмтэн спордунан үлүһүйэн барбыта.
Абаҕалара кэлин даҕаны оскуолаҕа ыччаттар ортолоругар быһыы-майгы хайдаҕын ыйыталаһа-билсэ сылдьааччы. Аһаҕастык, көнөтүнэн кэпсэтэри сөбүлүүрэ. Оскуола дириэктэрэ кылаастар ааннарын иннигэр туран, ыччаттар тугу кэпсэтэллэрин иһиллиир-чуҥнуур идэлээҕин, ону уолаттар ыраахтан көрөн: «Ааҥҥа Арамаан тура-ар!» – диэн үөгүлээн баран куотан хаалалларын уонна уолаттар икки ардыларыгар буолуталыыр бытархай бочооттоһуулар тустарынан кэпсиирин күлэ-күлэ истээччи уонна, олус бааспакка,