Алмаас уонна хара дьай. Рафаэль Багатаайыскай

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Алмаас уонна хара дьай - Рафаэль Багатаайыскай страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Алмаас уонна хара дьай - Рафаэль Багатаайыскай

Скачать книгу

суолтатын туһунан ыстатыйа баарын кэлин институкка үөрэнэ сылдьан билбитэ.

      Михаил кэпсээнин истэн баран, абаҕата эппитэ:

      – Чэ, бэрт. Миниистирдэр Сэбиэттэриттэн Степанов эйигин эркин курдук эрэнэрэ олус үчүгэй. Кэскиллээх, инникилээх салайааччы диэн көрөбүн, саныыбын. Аны, обком тойоно чопчу тугу сүбэлээбитин сөбүлүү иһиттим. Убай буоларбынан, олоххо билбиппэр олоҕуран, итиннэ кыра эбэрдээхпин. Бииргэ үлэлээччилэргин бэйэ дьоно уонна таһырахтар диэҥҥэ араартаама. Сүрүн айдаан хаһан баҕарар хайдыһыыттан тахсар. Мин, эдэрбэр улахан оройуоннарга үлэлээбит буолан, итини эппинэн-хааммынан билбитим. Ийэ-аҕа диэн уустаһыы уонна дьадаҥы-баай диэн хайдыһыы холбоһуктааһын саҕана, өрт уотунуу өрө күүрэн, миигин тирии курдук талкылаабыта. Онно хайаларын да диэки буолбакка, кырдьыгы кылаан оҥостубутум, тэҥник сыһыаннаспытым. Ол үрдүнэн урукку өттүгэр олус өрө тутуллубуттар, тэҥник сыһыаннаһыыны сөбүлээбэккэ, миигин обкомҥа уонна Киин кэмитиэккэ тиийэ үҥсүбүттэрэ.

      – Ээ, ол саҕана буолумуна. Репрессияттан куттанан, былааска бэриниилээхтэрин көрдөрөөрү, киитэрэй киһийдэхтэр хобулаан дьаабыланнахтара дии. Билигин атын быһыы-майгы буоллаҕа… – Михаил, соччо-бачча хоҥоруутугар хоннорботтуу саҥаран эрдэҕинэ, Борогонов быһа түстэ.

      – Кэбис, доҕоор, наһаа судургутук быһаарыма. Эн ити эдэргэр, дохсуҥҥар оҕустаран этэҕин. Хрущев «ириэриитин» тыына даҕаны сайа охсон эрдэҕэ. Эн биири кытаанахтык өйгөр хатаан кэбис: билиҥҥи киитэрэйдэр өссө эриллэҕэс ньымалардаахтар, уодаһыннаах киириилэрдээхтэр. Холобура, дуоһунаска үүнүөхтэрин баҕалаах карьеристар уонна конъюнктурщиктар саамай үрдүкү тойоттору кытта чугасыһарга бииртэн биир сонун албастары тутталлар. Бииргэ бултууллар-алтыыллар, ол-бу сылтаҕынан дьиэлэригэр ыалдьыттыыллар, бэл, преферанстаан аралдьыталлар.

      – Ити, сорох кырдьаҕастар этэллэринэн, үйэ төһө да уларыйдар, былаас төһө да саҥатыйдар, дьон быһыыта-майгыта улаханнык уларыйбат үһү дии. Ону эн туох дии саныыгын?

      – Ол – кырдьык. Сыл түөрт кэмнээх да, эмиэ хатылана турар. Итиитэ-тымныыта, ардаҕа-хаара, угута-кураана, үүнүүтэ-кэхтиитэ эрэ бэрт кыратык уларыйар. Былаас, политика да сол курдук ээ. Арай ити техника сайдыыта саҥаттан саҥа көрүҥнэринэн солбуллар. Ону батыһа, дьонуҥ да уустугуран истэхтэрэ дии. Ол эрээри, дьон баайгадуолга баҕата намыраабат, иҥсэтин-оботун маҥалайа аччаабат эбит. «Аска чугаһаатахха – иҥсэ көбөр» диэн саамай сөпкө эппиттэр. «Аппетит приходит во время еды». Ити алмааһы-көмүһү уоруу эмиэ онно маарынныыр ээ. Тутуллубакка, сатаан уордахтарын ахсын эбии имэҥирэн иһэллэр… Үрдэ суох хаһааҕа киирбиттии сананан…

      – Абаҕам, саамай сөпкө быһаараҕын, мин көмүс бириискэлэригэр үлэлиир кэммэр итини илэ харахпынан көрдүм.

      – Эн биир суолтан уһулуччу сэрэниэхтээххин. Түөкүттэр сирэйгэр олус бэртик сыһыаннаһыахтара, оттон кэтэххэр куһаҕаны оҥоруохтара. Быһата, кэтэххиттэн кэрбииргэ тууһугураллара эрэбил.

Скачать книгу