Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 1

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

с кэрэхсэбиллээх. Айымньыга Михаил Ефимович оҕо уонна оскуолатааҕы сааһа, студенныыр кэмэ, республиканы салайбыт сыллара уонна билиҥҥи кэмнээҕи үлэтэ-хамнаһа киэҥник сырдатыллан суруллар. М. Е. Николаев, государственнай деятель, республика салайааччыта эрэ курдук буолбакка, киһи быһыытынан ааҕааччыга чугаһатыллан көрдөрүллүбүтэ айымньы биир сүрүн күүстээх өрүтүнэн буолар.

      Кинигэ наҕылыччы уһун кэмҥэ чахчы ис сүрэхтэн кыһаллан-мүһэллэн суруллубута көстөр. М. Е. Николаев туһунан кинигэни суруйуу дэбигис дьыала буолбатах. Кини үлэлиир бириэмэтэ Советскай Союз курдук улуу держава эстэр, дьон-сэргэ хамнас ылбат, аһыыр-таҥнар да кыаҕа суох, саамай ыарахан, уһун кэмнээх финансовай-экономическай кризис кэмигэр түбэспитэ. Автономнай республика таһымын саҥа кэрдиискэ таһааран урут ким да тэлбэтэх аартыгын арыйан суол солуур, дьиҥнээх государство тутулун тутар, бөҕөргөтөр, киин былааһы кытары саҥа, тэҥнээх сыһыаны олохтууру ситиһэр манан аҕай дьыала буолбатах этэ. Тумарча М. Е. Николаевы кытта бэрт элбэхтик сэһэргэспитэ, олоҕун-дьаһаҕын сыныйан үөрэппитэ, үлэтин-хамнаһын кытта билсибитэ, элбэх айымньыларын ааҕан ырыппыта, докумуоннары хостоон үөрэппитэ көстөр.

      Айымньы историческай-документальнай өттүн ылан көрөр эбит буоллахха, М. Е. Николаев Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин салайа олорон, онтон икки болдьоххо президенинэн талыллан баран Россияны кытта бас билиини тыырсыыга сүҥкэн үлэни ыыппыта. «АЛРОСА» сабыылаах акционернай компанияны тэрийэн, онтон кэлэр үп-харчы республикаҕа хааларын ситиһэн, онно тирэҕирэн Россия да үрдүнэн сэдэх улахан тутуулары ыыппыта. В. Егоров-Тумарча Федеративнай дуогабары түһэрсиигэ Михаил Ефимович Б. Н. Ельцини кытта атах тэпсэн олорон республикалар государство диэн ааттаныахтаахтарын, бас билиилээх буолуохтаахтарын быһаарсыытын, Саха Республикатын Россия Федерациятын иһинэн суверенитетын Декларацията, бастакы Төрүт сокуона ылыныллыытын туруулаһан хайдахтаах курдук эриирдээх кэпсэтиилэри ыыппытын туһунан кырдьыктаахтык олус бэркэ табан суруйбут. 2001 сыллаах президени быыбардааһын политическай эриирдэрин-мускуурдарын, билигин Россия Федерациятын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта буоларын быһыытынан республикатын туһугар араас хайысхалаах үлэни оҥорорун, Россия уонна аан дойду таһымыгар элбэх судаарыстыбаларга Россия делегациятын салайан илдьэ сылдьан элбэх этиилэри киллэрэрин, кэпсэтиилэри ыытарын эмиэ сырдатар. Ол иһигэр суруйааччы республика билиҥҥи духовнай, культурнай, экономическай сайдыыларын боппуруостарыгар тус бэйэтин санааларын, көрүүлэрин эмиэ киллэрбит.

      Саха биир биллиилээх суруйааччыта Василий Егоров-Тумарча «Биһиги Аан Дархаммыт» диэн айымньыта уус-уран хабааннаах историческай-документальнай кинигэ буолан тахсыыта саха омук духовнай, культурнай, идейнэй сайдыытыгар өрө дабайыы өссө биир бэлиэ кэрдииһинэн буолар.

      Макар Яковлев,

      СР бастакы президенин сүрүн көмөлөһөөччүтэ,

      юридическай наука доктора, профессор,

      Российскай Федерация үтүөлээх юриһа,

      Россия прокуратуратын бочуоттаах үлэһитэ,

      ССРС уонна Ил Түмэн маҥнайгы ыҥырыыларын

      народнай депутата

      Биһиги аан дархаммыт

      Пролог

      Айгыр-силик айылҕа эгэлгэлээх эйгэтин тыынар тыыннааҕын биһигэ атааннаах-мөҥүөннээх Орто Аан Ийэ Дойду айылгылаах далбара Күн Сирэ аатыран айыллыбыта, наукаҕа биллэринэн, биэс миллиард кэриҥэ сылга тэҥнэһэр. Бу үлүгэрдээх санаан көрөн санаа тиийбэт быралҕан мындаа кэм усталаах-туоратыгар Сир Ийэ тас көрүҥэ, быһыыта-таһаата хайдах уларыйан, дьүһүн кубулуйан бүгү күннээххэ тиийэн кэлбитин, күннээҕи олох кыһалҕатын үтүргэннээх түбүктэригэр үтүрүйтэрэн, өйгө-санааҕа иҥэр гына ырыҥалыы сатаабыт түгэммит үксүбүтүгэр тиксибэтэҕэ чахчы.

      Ааспыт кэм бэлиэлэрэ, күн-дьыл халыҥ дьапталҕатын хасыһан үөрэтэр анал идэлээхтэр этэллэринэн, киһи сөҕүөн курдук, үөйүллүбэтэх үгүс дьиктилээхэй чахчыларынан кэрэһилэнэр эбит. Ол курдук, Сир айыллыбыт кэмин уон гыммыт тоҕуһун, ол аата түөрт миллиард сыл, устата ото-маһа суох сыгынньах таас хайалардаах, уотунан уһуура турар орулуу мөхсөр булкааннардаах, кыйыра көтөр кыһыл кумах кырдайдаах хаҕыс көстүүлээх иччитэх кураайы дойду буолан турбут. Ханна эмэ тыынар тыыннаах сибикитэ биллиэ дуу, от-мас сиккиэрэ сипсийиэ дуу? Арай курас тыал куугуна, барылыыр байҕал балкыыра эрэ иһиллэрэ.

      Кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо-хойут, Сир Ийэ сириэдийэ ситэн эмэнсийэ барыыта, баара-суоҕа биэс сүүс мөлүйүөн сыл (Сир сааһынан) бэтэрээ өттүттэн эрэ, булкааннар дьайыыларынан чычаас муоралар сылаас олбохторугар тыллыбыт тыыннаах килиэккэлэр судургу көрүҥнэриттэн сиик-симэһин тардан хамныыр харамай, тыынар тыыннаах салахай сыдьааннара үөскээн барбыттара биллэр. Сыраан-салыҥ курдук салахайдыҥы тыыннаах килиэккэлэр муҥутуур судургу көрүҥнэрэ сыыйа сайдан, уустугуран бастаан уу олохтоохторо – балык бииһин эгэлгэ көрүҥэ баар буолар. Онтон салгыы сайдыы үгүс сүүс мөлүйүөнүнэн сылларын кэнниттэн, көтөр кынаттаах, араас

Скачать книгу