Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 3

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

буолбут хаҥаластар баһылыктара Дойдуһа Дархан, Мунньан Дархан, Тыгын Дархан саха омукка бас-көс дьон буола сылдьыбыттара үһүйээннэртэн биллэр. Кинилэр сыдьааннара Маһары, Соппуруон Сыраанап саха дьылҕата ураты ыараабыт кэмнэригэр саханы быыһыыр, олоҕун чэпчэтэр суолу-ииһи тобулар туһугар аан маҥнай нуучча ыраахтааҕытыгар тиийэ туруорса сылдьыбыт төрүт уус дьон буолаллар.

      «Туох барыта силистээх-мутуктаах, төрүттээх-уустаах» диэн өйдөбүлү түүр сыдьааннаах илиҥҥи ыаллыы, аймах омуктарбыт дьаһанан олорор политикаларын тутулугар көрөбүт. Бу дойдуларга былыргы хууннар, түүрдэр саҕаттан бас-көс туттар биис уустарын баһылыыр-көһүлүүр оруолларын суолтата күн бүгүнүгэр диэри күүстээх эбит. Сэбиэскэй Сойуус үрэллибитин кэннэ, демократия муҥутаан өрөгөйдөөбүт кэмигэр, бүтүн норуот куолаһынан президеннэринэн талыллыбыт Звиад Гамсахурдия (Грузия), Рахмон Набиев (Таджикистан), Абульфаз Эльчибей (Азербайджан) сыл иһинэн үрдүк сололоруттан маппыт буоллахтарына, бэйэтин омугар былыргыттан ыла баһылыыр суолтатынан биллэр Тэкэ ууһуттан төрүттээх Сапармурат Ниязов Туркменбаши (Туркменистан) тулхадыйбат былаастанан олорон эмискэ олохтон туораата. Ол да иһин сахаҕа өбүгэ саҕаттан «Тойону отунан-маһынан оҥорбоккун» диэн дириҥ ис хоһоонноох этии баар. Итиниэхэ маарынныыр ыаллыы Казахстан судаарыстыбатын тутула үс биис ууһун – жуз холбоһуктарыттан турар: кырдьаҕас, орто уонна кыра эбэтэр эдэр дэнэр. Кырдьаҕас төрүт уустан баһылык-салайааччы, ортоттон поэттар, бөлүһүөктэр, оттон эдэртэн буойуттар утумнаан тахсаллар эбит. Ол курдук, Нурсултан Назарбаев кырдьаҕас төрүт уустан сыдьааннааҕа эмиэ былыргыттан олохсуйбут үгэһи бигэргэтэр. Кыргызстан урукку президенэ Аскар Акаев кыргыстар биир тиһэх баһылыктарын Шабдан хан диэнтэн быһаччы төрүттээҕэ биллэр.

      Ыраахтааҕылаах Россия бу омуктары бэйэтигэр холботолуур кэмигэр биллэр-көстөр төрүт уус дьону салалтаҕа эрдэттэн чугаһаппатах эбит. Сэбиэскэй кэмҥэ коммунист партиятын идеологтара ити ньыманы эмиэ биһирээн туттубуттар. Оттон биһиэхэ Саха сиригэр хайа күн аһара түһүүтэ, сиэри таһынан кыһаллыыта-мүһэллиитэ суох киин былааска бэриниилээхпитин көрдөрбөтөхпүт баарай? Атыттар син сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ былыргы силистэрин-мутуктарын түөрэн, салалтаҕа талар дьоннорун төрүттэрин-уустарын үөрэтэн билэн эрэ баран баһылыктарын талаллар эбит. Арай биһиги төрүппүтүн-ууспутун төрдүттэн түөрэ умнан, идеология күүһүгэр бас бэринэн кэбиспит эбиппит. Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр суолта биэрбэккэбит, өлөр-хаалар күммүтүгэр ахтар айыыһыттарбыт араҥаччылаан, былыргы тойон ууһуттан сыдьааннаах бас-көс киһини анаан ыыппыттарын, кыаҕын-дьоҕурун ситэ туһаммакка, мүччү тутан кэбистэхпит.

      Ааспыт үйэ бүтэһик уон сылыгар, икки тыһыынча сылы моҥоон түмүктүүр мөҥүөн арҕаһыгар, киһи аймах олоҕор сир хаҕа хайа ыстанар сууһарыылаах уларыйыыларын ньиргиэрэ сэттэ уонча сыл устата туруулаһан туппут модун судаарыстыбабыт тутулун эһэн

Скачать книгу