Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 2
Сир үрдүгэр аҕыйах ахсааннаах омук буолан айыллан үөскээһин – таҥара накааһа. Нуучча улуу үгэһитэ Иван Крылов «күүстээххэ куруук мөлтөх буруйдаах» диэн эппитинии, кыра омук куруук үтүрүллүүгэ-хабырыллыыга, төрүт даҕаны симэлийэр кутталга сылдьар аналлаах. Онон бэйэтин харыстанар, көмүскэнэр булугас өйө-санаата имигэс, сытыы буолара кини олоҕун ирдэбилэ. Муустаах муора тула олорооччу хотугу эргимтэ дьонун айылҕалара, олохторун усулуобуйата киин, сылаас сиргэ олорооччулардааҕар, биллэрин курдук, уонунан төгүл ыараханын быһыытынан, кинилэр быһыылара-майгылара, өйдөрө-санаалара соччонон сиэрдээх, күүстээх буоларыгар олорор эйгэлэрэ бэйэтэ күһэйэр. Ол да иһин үйэ анараа өттүнээҕитэ Өксөкүлээх өскөтүн улуу омук «…үгүс үтүөнү үөдүппүт, үс дойду өйүн үксэппит үтүө үөрэҕин» ылынан, өйбүт-санаабыт күүһүнэн тиис тиискэ, муос муоска буолан турууласпатахпытына, сүүс сыл иһигэр өтөхтүүн сүтүөхпүт, уоттуун умуллуохпут диэн сэрэтэн эппиттээх. Дьэ ол этиитэ сүүс сыла туолан эрэр кэмигэр сүппэккэ-өспөккө омук быһыытынан туспа уратыбытын, тылбытын-өспүтүн, култуурабытын сүтэрбэккэ син баччаҕа диэри тиийэн кэллэхпит.
Тыыннаах ордуохпут быатыгар, улуу бөлүһүөкпүт дьылҕабытын түстээһинэ туолбатаҕар үс сүрүн төрүөт баарын көрүөххэ сөп. Бииринэн, Саха сиригэр икки мөлүйүөн бааһынайы көһөрөргө былааннара тохтооһуна, иккиһинэн, Маҥнайгы аан дойду сэриитин саҕаланыыта, үсүһүнэн, өрөбөлүүссүйэ түмүгэр автономия ылынан үөрэххэ сыстыыбыт. Ити сабыытыйалар тахсыбатахтара буоллар, хара баһаам киһи тоҕо ааҥнаан кэлиитигэр хоту үтүрүллэн, үөрэххэ-сырдыкка тардыста охсон утары туруулаһарбыт биллибэт этэ.
Планета саамай тыйыс айылҕалаах Тымныы полюһугар олохтоох саха омук соҕуруу Становой хайалар тэллэхтэриттэн Хотугу полярнай эргимтэ быыһыгар тиийэ Илин Сибиир үрдүнэн сылгы-ынах сүөһүнү дэлэччи иитэн, бу хаҕыс, хабараан тымныылаах дойдуну сылаас тыыннаан, бүтүн киһи аймах иннигэр оҥорбут үтүөтүн-өҥөтүн, хорсун быһыытын хатылаабыт, хатылыыр кыахтаах да атын омук аан дойду үрдүнэн баара биллибэт. ХVII үйэҕэ Саха сирин булбут нуучча хаһаахтара кылгас кэм иһигэр саха сылгытын моонньугар, аһын-үөлүн үтэлэнэн, олохтоох норуот хоһуун, дьорҕоот дьонун сирдьит оҥостон, Илин Сибиири, Уһук Илини тилийэ сүүрэн Чуумпу акыйаан кытылыгар тигистэхтэрэ дии. Хотугу байҕал биэрэгин чинчийэр экспедициялар, улуу географическай арыйыылары оҥорбут айанньыттар бары Саха сириттэн, Дьокуускай куораттан тэриллэн бараллара. Ол тэрээһин сүпсүлгэнэ, үлэтэ-хамнаһа, аһа-үөлэ барыта саха дьонун үрдүнэн