Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 6

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

кэмиттэн ыла саҕаламмыта чуолкай. НЭП саҕана землеустроителинэн үлэлии сылдьан, дойдутугар Хатас нэһилиэгэр сир үллэһигин ыытан, Баҕарахха табаарыстыба тэринэн, хаһаайыстыбалаах ыаллар күүстэрин холбоон бэркэ үлэлээн испиттэрэ баара. Онтон отутус сыллар саҥаларыттан күһэйии сиэринэн тыа дьонун холкуоска холбооттооһун саҕаланыаҕыттан ыла олох-дьаһах сайдыытын ыпсыыта кыттыбат туруга күн-дьыл ахсын биллэр, харахха хатанар буолан барбытыгар өй-санаа туоххаһыйыыта, мунчаарыы, бэйэ үлэтинэн-хамнаһынан астыммат буолуу саҕаламмыта. Арааһа, ол да иһин буоллаҕа, хоту оройуоттарга балык промышленноһын сайыннарыы сыала-соруга государственнай политика быһыытынан туруоруллубутугар эдэр, эрчимнээх киһи саҥа, сонун сиргэ тиийэн үлэлиэх-хамныах баҕата батарымына, иллэрээ сыл, бу Мишата иккилээҕэр эрэ, Маарыйатынаан үс оҕолорун көтөхпүтүнэн баҕа өттүлэринэн Быков Тумуска киирбиттэрэ. Онтон бу Эдьигээҥҥэ балык собуота аһыллар буолбутугар дириэктэринэн ананан былырыын манна көһөн кэлбиттэрэ. Манна олохсуйбуттарын кэмсиммэттэр, дойду сиргэ билигин кураан дьыллар буоланнар олох-дьаһах ыарахан. Сэрии бара турарынан ханна баҕарар буоларыныы, таҥас-сап, олох-дьаһах манна да ыарахан эрээри, айахха аһыырга ас – балык баар. Аармыйаҕа ыытарга көрдөһөн сайабылыанньа биэрбитин манна үлэ фронугар сылдьаҕын диэн ыыппатахтара. Онон фроҥҥа анаан балык бултааһыныгар күүскэ турунан үлэлии сылдьаллар. Бэл бу кыракый Мишатын тымныйыа, ыалдьыа диэн кэрэйбэккэ, үөрэтэ-такайа таарыйа бэйэтин кытта илдьэ сылдьааччы. Бу түүн Быков Тумуска киирэр катерынан таарыйа Натаара балыксыттарын биригээдэтигэр бырахтарыахтаах. Онон дьонун нэдиэлэтээҕи аһылыктарын хааччыйар сыаллаах бу илимнэрин көрө кэллэҕэ.

      Халлаан силбигирэн, сыыйа ибирдээн барда, ол оннугар тыала мөлтөөн, өрүс баала арыый намтыы быһыытыйда. Дьэкиим кытылы кыйа эрдэн, бастыҥа илимин алын уһугуттан саҕалаан илимнэрин көрөн бэрийбитинэн барда. Долгун баалын кытта өрө тустан, илимнэрин бэрт өр көрөн бодьуустастылар. Икки илим дьаакырдарын быата быстан бачымах курдук иирсэн хаалбыттарын балыктары майырдары сөрүү тутан тыыларыгар бырахтылар. Ол да буоллар бултуйуу баар, улаханныын-кыралыын сүүрбэччэ хатыыс иҥнибитин аҕата утуу-субуу араартаан оҕотун олох маһын аннынан түгэххэ быраҕаттаата.

      – Сыччыа, дьэ балыккын көрө олор. Куотаары гыннахтарына, миэхэ этээр.

      Уолчаана соруктаах аҕайдык, аҕатын сорудаҕын кыһаллан-мүһэллэн толоро сатыыр быһыынан, хаптаһын олох анныгар өрүтэ лаһыйар балыктары быыкаа атахтарынан төттөрү хаһыйа сатаан өрө мөхсө олорорун аҕата таптаабыт харахтарынан имэрийэ көрөн аһарда. Тоҥо-хата иһиэҕинээҕэр хамсыы-имсии олороро ордук бөҕө буоллаҕа дии.

      Миша, быыкаа бэйэтигэр холооно суох боччумнаахтык туттан-хаптан, иннигэр сытар кураанах куулу ылан, олоҕун кэннинэн быгыалыыр балыктары хайан, биир кэм төттөрү-таары эргичиҥнии, мөхсө олордо.

      – Аҕаа, мин куоттарыам суоҕа!

      – Маладьыас,

Скачать книгу