Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 8

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

буор киллэрэн оргуйбут ууга суурайа охсон иһэрдибитин, төһө да күүс-сэниэ эһиннэр, тиһэх тыынын мунньунан ыймахтаан кэбиспит.

      Онтон ыла өс киирбэх сыыйа-баайа тыына уһаан, ыарыыта намыраан үтүөрэргэ барбыт. Хор, төрөөбүт дойду ахтылҕана, Ийэ буор тардыыта оннук күүстээх буолар эбит буоллаҕа…

* * *

      Михаил Ефимович, кириэһилэтигэр көнөн, иллюминаторынан өҥөйөн көрдө. Былыт кэлимсэ халҕаһата үрэллэн, онон-манан быһытталаммыт киэҥ аҥхай аһаҕастарынан аллара тукулаанныҥы сэдэх мастаах-оттоох киэҥ сир нэлэһийэн көстөр. Уҥа диэки ыраах Өлүөнэ кэтит күөх лиэнтэ урсуна күлүмүрдүү дьиримниир, хаҥас өттүттэн синньигэс салаа үрэх эрийэ-буруйа субуллан түһэр.

      Лииндэ үрэх үрдүнэн көтөн иһэллэр эбит. Киэҥ да дойду буоллаҕа, бу бэйэлээх сири-уоту кыаҕын дэлэччи туһанар киһи төһөлөөх барыс, дохуот ылыа этэй? Манна таба иитэр буол, барыс хайаан да киириэ этэ. Мантан арҕаалыы хоту диэки Ээйик курдук киэҥ тайҕалаах сиргэ питомник тэрийэн, кииһи аҕалан тэнитиэххэ баара. Икки-үс сыл устата бултаабакка ууһатан баран атын сирдэринэн тарҕаталаан кэбистэр, киис ахсаана балай да эбиллиэ этэ. Республика үрдүнэн сылга 25 тыһыынча киис бултанар, хас түөртүү киистэн биирин ылар буоллахпытына, ол аата сүүс тыһыынчаттан эрэ кыра чорбойор киис саппааһа баар. Ону икки төгүл элбэттэр, дэлэ барыс буолуо этэ дуо?

      Андаатары муҥутаан 600 тыһыынчаны бултанара, он-тукпут билигин 200 тыһыынчаҕа түстэ, дьиҥинэн 500 ты-һыынчаны таах бултуур кыахтаахпыт. Ол инниттэн билиҥҥи андаатар ахсаанын икки-үс төгүл улаатыннарыахха наада. Онон хоту элбэх күөллэрдээх сиргэ эмиэ питомниктары тэрийтэлээтэххэ сатанар. Бэйэни салайыныыга киирдэххэ, маннык дьаһаныы суолтата улаатыа, көдьүүһэ күүһүрүө.

      Былыт халҕаһата эмиэ хойдон, сөмөлүөт туох да көстүбэт үүт туман быыһынан биир күдьүс көтөн ньирилиир. Михаил Ефимович эргиллэн салон иһин кэриччи көрбүтэ, дьон үксэ налыйан, кириэһилэлэригэр тиэрэ түһэн нухарыйбыттар, бэрт аҕыйахтара хаһыат, сурунаал ааҕа олороллор…

      …Оҕо саас көрдөөх-нардаах кэмнэрэ, киэҥ Эркээни Эбэ хотун эҥсиллэр иэнигэр, Өктөм сиригэр-уотугар, сэдэх да буоллар, сүүрэн-көтөн, оонньоон-көрүлээн ааспыт хаһан да умнуллубат чаҕылхай түгэннэрэ хараҕын иннигэр бу баардыы элэҥнээн ааһарга дылы гыннылар. Төһө да сэрии, сут-кураан мэҥэһиктээх аас-туор сыллар бүрүүкээтэллэр, оччотооҕу кэм олус ыраас, сырдык өйдөбүлүнэн ураты күндү буолар эбит.

      Сэрии сылларыгар, ол кэнниттэн даҕаны олус кыһалҕалаахтык олорбуттара. Ордук иитэр-аһатар аҕата суох аҥаардас ийэлэр эрэйдэнээхтээбиттэрэ. Ийэлэрэ нэһилиэк маҕаһыыныгар остуорастаан, дьиэ сууйан, оһох оттон оҕолорун ииппитэ. Сельпо хонтуоратын муннугар быыкаа хоско бэһиэ кыбыллан олорбуттара. Билигин оҕо эрдэҕинээҕи кэмин өйдөөтөҕүнэ, биир түмүк санааҕа кэлэр: өскөтүн оччотооҕу аас-туор олох кинилэр эрэ дьиэ кэргэннэрин кыпчыйбыта эбитэ буоллар, билигин кини тус бэйэтин эрэ олоҕун тупсарынарга дьулуһуо этэ. Ол эрээри, кини көрөрүгэр,

Скачать книгу