Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 12
– Ну, здравствуй, мадонна, ходишь, уроки даешь, а там ребята сами… – тугу эрэ ситэ саҥарбакка мүчүҥнээн кэбистэ. – В общем сама посмотришь после уроков.
«Тыый, тугу оҥорбут буоллахтарай?» – диэн Анастасия Яковлевна уһун переменаҕа диэри икки уруок устата иһигэр ааллара, дьиксинэ саныы сырытта. Үһүс уруок бүтээтин кытта интэринээтигэр сүүрэн тиийбитэ, хараҕар дьиэ таһыттан ыла саҕалаан күүппэтэх атын хартыыната арылынна. Кирилиэс таһынааҕы киһи хараҕын аалар араҥас өҥнөөх муус-хаар, кир-хох суох буолбут. Иһирдьэ киирбитэ, суунар хос ып-ыраастык сууйуллубут, урукумуонньук аннынааҕы баах тобус-толору кирдээх уунан билгийэн турар бэйэтэ кубус-кураанах килбэйэн олорор. Хостор, утуйар ороннор бары тупсаҕай баҕайытык хомуллубуттар. Икки хоһунан олорор кыра кылаастар оҕолоруттан ыйыталаһа, кэпсэтэ-хайгыы түһэн баран, эдэр учуутал сүргэтэ көтөҕүллэн, дьиэрэҥкэй аҥаардаах оскуолатыгар төттөрү элэстэнэн таҕыста.
– А ну-ка, теперь расскажи, моя красавица, как тебе удалось совершить культурную революцию? – Марианна Евгеньевна, Анастасия сирэйэ-хараҕа сырдаан киирбитин көрөн, куолутунан күлэ-оонньуу кэриэтэ, ыйытта.
– Барытын Миша Николаев тэрийбит үһү, бары мустан мунньахтаабыттар. Хас да сектор сэбиэтин, хостор ыстаарыһаларын бэйэлэрэ талбыттар уонна тута дьаһанан үлэлээн-хамсаан барбыттар, – Анастасия Яковлевна үөрэ-көтө бэҕэһээҥҥи көрсүһүүтүн туһунан сиһилии кэпсээн биэрбитигэр дириэктэрэ тэҥҥэ үөрсэн, сөҕө-махтайа иһиттэ. Урут атын оскуолаҕа итинниги көрсүбэтэх, билбэтэх эбит буоллаҕа.
– Оказывается, детям самим надо давать власть.
Итинтэн сиэттэрэн, олох-дьаһах, үлэ-хамнас туһунан киэҥник хабан кэпсэтиигэ баар учууталлар бары кытыннылар.
– Дорогие коллеги, нам как-то надо оживить работу кружков. До сих пор они существовали формально, только на бумаге. Каждый специалист должен проводить практическую общественно-полезную работу на занятиях кружков по своему предмету. Как вы на это смотрите?
– Сөп буолуо, – математик Иннокентий Афанасьевич ылбат-биэрбэт икки ардынан иҥиэтиннэ.
– А как это должно выглядеть на деле? – Зоя Дмитриевна чуолкайдаһааччы буолла.
– Ну вот, вам, например, как преподавателю русского языка и литературы ставить хотя бы по праздникам пьесы, сценки из произведений классиков силами учащихся и населения.
– Вот как? Впрочем, почему нельзя? Можно.
– Вот и хорошо, таким же образом нужно поступить и в кружке по якутскому языку. Немного иначе обстоит дело по истории, биологии, математике. Но и тут можно проводить интересные занятия, главное, детей надо заинтересовать, привлечь их внимание к активной деятельности, – Марианна Евгеньевна учууталлары үөрэтэр-иитэр үлэҕэ угуйар үтүө баҕата, өй-санаа кылын таарыйар истиҥ тыла-өһө барыларын көҕүлүүргэ, бэйэтигэр чугаһатарга дылы гынна. – Вот буквально вчера произошло чудо. Благодаря