Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 13

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

туристическай походтары тэрийэрэ, гербарий хомуйтарара.

      – Вот тебе и карты в руки, организуй юннатский кружок, – дириэктэр, этэргэ дылы, эдэр учууталын тылыттан хабан ылла.

      Анастасия Яковлевна, дириэктэрин сорудаҕын төһө да эмискэ дьаһал курдук соһуйа иһиттэр, эй да, ээх да диэн хардарбата, симиктик мичээрдээн эрэ кэбистэ. Сорудах бэрилиннэ да туолуохтаах, туох да диэн утары этэр, уһатар-кэҥэтэр сылтах суох буолан биэрдэ. Уруоктарын быыһыгар күнү быһа туохтан саҕалаан үлэлиирин эрэ туһунан толкуйдуу, мунаара сырытта. Уһун мунаах-тэнээх санаа кэнниттэн институкка үөрэппит учуутала Василий Николаевич Дохунаев ньыматынан арай пришкольнай учаастак тэрийэн оҕолорунан бэйэлэринэн араас ол-бу үүнээйи үүннэттэрэн, көрүү-харайыы үлэтин тэрийэн көрбүт киһи диэн түмүккэ кэлбитэ.

      Киэһэ дириэктэрин кытта санаатын үллэстэ киирбитэ, завуһа Матрена Петровналыын тугу эрэ кэпсэтэ, сүбэлэһэ олороллоро.

      – Мы как раз сидим обсуждаем, кого выбрать секретарем комсомольской организации и в учком. Кого можно, как вы считаете? – Марианна Евгеньевна, кэтэһэн олорбут курдук, эдэр учууталыттан ыйыта тоһуйда.

      Анастасия Яковлевна, эмиэ урукку интэринээттээҕи олоҕун холобуруттан өйдөөн, тута хардарда:

      – Обычно у ребят бывают свои лидеры, они сами должны выбирать.

      – Это мы понимаем, – Матрена Петровна, эйэҕэс, холку бэйэлээхтик мичилийэн кэбиһээт, этиитин сахалыы түмүктээтэ: – Биһиги санаабытын этии эрэ быһыытынан киллэрэр кыахтаахпыт.

      – Биллэн турар, Миша Николаев секретарь, оттон Шадрин Юлий дуу, Софронов Коля дуу учком буолуохтарын сөп.

      – Вот и хорошо. Можно сказать, что мнения наши совпадают, – Марианна Евгеньевна, астыммыттыы, күлэн ылла. – Вы, кажется, по какому-то делу пришли?

      – Я по поводу юннатского кружка.

      – Ах, да-да. Ну и с каким предложением?

      – Что если пришкольный участок создать?

      – Да-а? И чем же там заниматься?

      – Школьники сами бы занимались овощеводством, сажали бы картошку, морковь…

      – Ой, хорошо-о бы, а будет ли расти? – Матрена Петровна чахчы сэргээбит быһыынан унаарытта.

      – А почему бы и нет? Хорошая идея, – дириэктэр быһа түһэн саҥа аллайда. Тугу эрэ толкуйдуу түһээт, салгыы саҥарда: – Только надо подобрать участок с хорошей почвой.

      – Арба даҕаны, эргэ ат дала баар ээ, киэҥ баҕайы. Вот заброшенное стойло лошадей за общежитиями учителей.

      – Точно, и от воды недалеко.

      Нууччалыы-сахалыы бэркэ өрүкүйэн быһаарсыы кэнниттэн салгыы хантан туох сиэмэни булан үүннэрэр туһунан боппуруоска кэлэн иҥиннилэр.

      – Я попробую написать письмо бывшему своему руководителю. Думаю, он поможет и советом, и семенами, – Анастасия Яковлевна кичэмэл санаатын быктарбытыгар дириэктэрэ сөбүлэһэн сонно тута хаба

Скачать книгу