Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча страница 14

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Биһиги Аан Дархаммыт - Тумарча

Скачать книгу

чөмөхтөһөөт, сууласпытынан бары хаарга охтон түһэллэр. Харса суох булумахтанан, бөтүөхтэһэн, аҕылаһан-мэҥилэһэн тура эккирээт, интэринээттэрин диэки сүүрэн маҕыһаллар. Киирээт, соттордорун үрдүгэр түһэн, эттэрэ-сииннэрэ итийиэр, кууруор диэри соттубутунан бараллар.

      – Ыч-чаа…

      – Хайдах ыччалыыгын, доҕор, кыһыны быһа дьарыктанан баран? – Миша, аттыгар сотторунан көхсүн суураланан аҕылыы-мэҥилии турар табаарыһын диэки тэбэнэттээҕинэн көрөөт, күлэн лэһигирэттэ.

      – Ээ, үөрэнэн хаалбычча, өйдөөмүнэ…

      – Бээ, кырдьык, былырыын төһөҕө саҕалаатыбыт этэй?

      – Олунньу ыйтан.

      – Ээ, сөп-сөп, били Анастасия Яковлевна режим туһунан кэпсиэҕиттэн ыла тута дьарыктаммыппыт дии. Билигин тохсунньубут бүтэн эрэр. Кырдьык, сыла чугаһаан эрэр эбит, – хатыҥыр, намыһах уҥуохтаах Володя Федотов бигэргэтээччи буолла.

      – Үчүгэй буолбат дуо күнү быһа чэбдик сылдьарбыт?

      – Өссө киэһэ сытыах иннинэ суунарбыт үчүгэй ээ, түүн олус кытаанахтык утуйан тураҕын.

      – Ол эрэ буолбатах, кэлин тумуулаан да көрбөт буоллубут дии.

      – Анастасия Яковлевна эрчилиннэххитинэ ыалдьыаххыт, грипкэ ылларыаххыт суоҕа диэн сөпкө да эппит эбит.

      – Кырдьык, ол иһин дэгиттэр барытыгар эрчиллиэххэ наада, – Миша доҕотторун биир санааҕа түмэр, көҕүлүүр быһыынан кэриччи көрүтэлээтэ.

      – Оттон хайыһардыыбыт дии.

      – Ол диэн кыра.

      – Миша бэйэтэ штанганан дьарыктанар, ол иһин күүстээх, – Коля Софронов табаарыһын илиитин-атаҕын, быччыҥын туппахтаан көрөр.

      – Айыкка, доҕор, миигинник киһи тимири кытта өрө тус-туо суохпун. Күүстээх, улахан эрэ дьон дьарыктаныахтарын сөп.

      – Оннук буолбатах. Владимир Стогов диэн кыра ыйааһыҥҥа аан дойду чемпиона бэйэтин ыйааһыныттан икки аҥаар төгүл ыараханы анньар.

      – Тыый, сүрдээх да буолар эбиттэр! Оттон эн төһөнү анньаҕын?

      – Мин нэһиилэ бэйэм ыйааһыммын көтөҕөбүн. Анаан эрэ дьарыктаннахха улаханы ситиһиэххэ сөп. Холобур, Плюкфельдер, американец Пауль Андерсен, онно олорор японец Томми Коно курдук.

      – Итилэри эн хантан билэҕин? – уолаттар сирэйдэрэ-харахтара өрүкүһэн, Мишаны төгүрүйэн кэбистилэр.

      – «Физкультура и спорт» сурунаалтан уонна «Советский спорт» хаһыаттан.

      – Ээ, куруук библиотекаҕа сылдьар киһи билэн бөҕө буоллаҕа дии.

      – Аан дойду, Олимпиада чемпиона буоларга ынырык эрчиллии наада буолуо ээ?

      – Сүрдээх буоллаҕа дии.

      – Оннук буолумуна. Холобур, боксаҕа ыарахан ыйааһыҥҥа чемпион Рокки Марчиано апперкот диэн соҕотох удары уу анныгар түөрт чаас устата тохтоло суох охсоро үһү.

      – Аата сүрүн, Миша, эн эмиэ оннук дьарыктаныаҥ дуу? – ким эрэ омуннуран ыйытта.

      Миша, бэркиһээбиттии, күлэн кэбистэ.

      – Эс, мин дьиҥнээх спорка охтуом суоҕа. Эппин-хааммын эрэ сайыннарар

Скачать книгу